Оҕоҕо саба түспүт ыт иһин ким эппиэттиэй?

Share

Ааспыт сыл сэтинньи саҥатыгар Дьокуускай куорат Жорницкай уулуссатыгар ыт оҕоҕо саба түһэн улаханнык эчэппитэ. Оҕо төбөтүгэр 12 тигиини оҥорбуттара.

Ол түүн бэйдиэ ыттары тутар сулууспа үлэһиттэрэ оҕоҕо саба түспүт ыкка майгынныыр ыты туппуттара. Туппут ыттара бэйдиэ сылдьар уулусса ыта буолбатаҕа биллибитэ. Инньэ гынан, хаһаайыны көрдүүр аакка барбыттара. Кэлин эмсэҕэлээбит оҕо ийэтэ социальнай ситимҥэ атын ыты туппуттарын туһунан иһитиннэрбитэ.

Туппут ыттара майгынныыр, ол эрээри атын ыт. Оҕобун кытта күн аайы бэрэбээскилэтэ диэн балыыһаҕа таксинан барабыт. Оҕом уйулҕа өттүнэн улахан охсууну ылла. Мин санаабар, ыты тутуунан дьарыктанар сулууспа үлэтин кыайбат, ол иһин күрүлүүр күнүс оҕобор ыт саба түстэҕэ.

Дьокуускай куорат борокуратуурата сааһын ситэ илик оҕоҕо моральнай хоромньуну төлүүрүгэр суут нөҥүө ирдэбил түһэрбитэ. Борокуруор ирдэбилинэн, Дьокуускай куорат дьаһалтатыттан уонна куорат хаһаайыстыбатын көрөр-истэр сулууспатыттан эмсэҕэлээбит оҕоҕо 300 тыһыынча солкуобайы төлүүр туһунан ирдэбили суут көрдө.

Бэлиэтээн суруйдахха, Саха сиригэр бэйдиэ сылдьар ыттартан оҕо-дьахтар сыллата эмсэҕэлиир. Билигин сотору саас буолан ыттар эмиэ үөрдэһиэхтэрэ. Аныгы үйэҕэ ыттан, аттан эмсэҕэлиир ама иэдээн буолбатах дуо?

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Дархан Энэргиэтик күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Бүгүн Энэргиэтик күнэ бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күнүнэн Ил Дархан Айсен Николаев энэргэтиичэскэй тиһик үлэһиттэрин, бэтэрээннэрин…

41 секунда ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Гаврил Алексеев: “Уот ситимэ арахсара аҕыйаата”

Элэктэриичэстибэ  уотуттан, ититииттэн биһиги олохпут быһаччы тутулук­таах. Онон, Саха сирин курдук тыйыс усулуобуйалаах дойдуга энэргиэтикэ …

3 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Элгээйигэ — дуобат күрэҕэ

Бу күннэргэ Сунтаар улууһун Элгээйи нэһилиэгин Уйбаан Нуолур аатынан модельнай бибилэтиэкэҕэ үгэс буолбут сылын аайы…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, ахсынньы 22 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруулуу-илин, соҕуруу өттүгэр кыралаан хаардыаҕа, киин оройуоннарга сорох сиринэн…

2 часа ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Харыйата  буолан ааста

Бүгүн Саха цииркэтигэр сылга биирдэ ыытыллар дьоро күн буолла – Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут Харыйата.…

13 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт

Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт. Санаттахха,  суһал офтальмологическай көмө киинигэр 30 саастаах кыыс…

14 часов ago