Оҕоҕо төлөбүрү хайдах ылары дьиэ кэргэн бэйэтэ быһаарар
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Арассыыйа социальнай пуондатын отделениетын суһал чахчытынан, Саха сиригэр биир кэлим төлөбүрү ыларга 17 141 сайабылыанньа киирбититтэн 3 033 сайабылыанньаҕа сөбүлэҥ бэрилиннэ. Бу туһунан тохсунньу 18 күһүгэр СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистири солбуйааччы Елена Теплякова брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.
2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн дойдуга, ол иһигэр Саха сиригэр, оҕолорго уонна кырачааннары күүтэр ийэлэргэ биир кэлим төлөбүр киллэриллибитэ. Төлөбүргэ өйөбүл алта көрүҥэ киирэр:
-оҕо күүтэрин туһунан эрдэ мэдиссиинискэй учуокка турбут дьахтарга ыйдааҕы төлөбүр;
-бастакы оҕону төрөппүтүнэн эбэтэр ииппитинэн сибээстээн, оҕо 3 сааһыгар диэри бэриллэр ыйдааҕы төлөбүр;
-үһүс эбэтэр онтон элбэх оҕону төрөппүтүнэн (ииппитинэн) сибээстээн, оҕо 3 сааһыгар диэри оҥоһуллар ыйдааҕы төлөбүр;
-3-7 саастаах оҕолорго бэриллэр ыйдааҕы төлөбүр;
-8-17 саастаах оҕолорго оҥоһуллар ыйдааҕы төлөбүр;
-16(18) сааһыгар диэри оҕоҕо бэриллэр ыйдааҕы төлөбүр.
Манна даҕатан эттэххэ, дьиэ кэргэн биир кэлим төлөбүрү урукку быраабылаларынан ыларын эбэтэр биир кэлим төлөбүргэ көһөрүн бэйэтэ быһаарар.
«Өскөтүн дьиэ кэргэн бу төлөбүрдэри 100 бырыһыан кээмэйинэн ылар буоллаҕына, төлөбүрү анааһын болдьоҕо ааһарын күүтэрэ уонна биир кэлим төлөбүрү ыларга сайабылыанньаны кэлин биэрэрэ туһалаах”, — диэн миниистири солбуйааччы быһаарда.
Дьиэ кэргэн тиийинэн олорор кээмэйиттэн 50% эбэтэр 75% ылар буоллаҕына, бу дьиэ кэргэн биир кэлим төлөбүрү ыларга сайабылыанньа суруйуон сөп. Ол гынан баран, саҥа усулуобуйанан уонна ирдэбиллэринэн, биир кэлим төлөбүрү аныырга төлөбүр кээмэйэ кыра буолуон эбэтэр аккаас бэриллиэн сөп (усулуобуйаҕа уонна ирдэбиллэргэ сөп түбэспэтинэн). Социальнай пуонда отделениета бу икки түгэҥҥэ аккаастыыр, ол эрэн, урукку төлөбүрдэри анааһын болдьоҕо ааһыар диэри бэриллэллэр. Олох-дьаһах балаһыанньата уларыйбыт буоллаҕына, төлөбүр кээмэйэ улаатыан эмиэ сөп.
Биир кэлим төлөбүрү ыларга сайабылыанньаны судаарыстыбаннай өҥөлөр биир кэлим порталларын туһанан электроннай көрүҥүнэн уонна “Мин докумуоннарым” МФЦ офистарын нөҥүө биэриэххэ сөп.
Санатан эттэххэ, биир кэлим төлөбүрү олохтуурга 2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн дьиэ кэргэн орто дохуота учуоттанар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: