Оҕоҕо вейпы атыылаабыт дьоҥҥо холуобунай дьыала тэриллиэ
Бу сокуон барылын чэрчитинэн, РФ КоАП 14.53 ыстатыйатыгар уларытыылары киллэриэхтэрэ.
Онон, сокуон барыла олоххо киирдэҕинэ, оҕолорго табаҕы атыылаабыт дьону 200-300 тыһыынча солкуобайга; дуоһунастаах дьону — 500-700 тыһыынча солкуобайга; юридическэй сирэйдэри, ол эбэтэр, тэрилтэлэри — 1,5-2 мөлүйүөн солкуобайга тиийэ ыстарааптыахтара.
Бүгүҥҥү күҥҥэ ыстараап суумата оҕоҕо табаҕы атыылаабыт дьоҥҥо — 40-60 тыһыынча солкуобай, дуоһунастаах дьоҥҥо — 150-300 тыһыынча солкуобай, тэрилтэлэргэ — 400-600 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэр.
Бу электроннай сигаретаҕа (вейп) эмиэ сыһыаннаах. Госдуума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин вейпы, табаҕы, кальяны, насвайы, снюһу оҕолорго атыылаабыт дьоҥҥо ыстараабы улаатыннарар уонна хаста да сокуону кэспит дьону холуобунай миэрэҕэ тардар туһунан этии киллэрбитэ.
Онон хаста да сокуону кэспит дьоҥҥо холуобунай дьыала тэрийэн, 1 сылга диэри күһэлэҥ үлэҕэ ыытыахтарын сөп. Маны Госдуума бастакы ааҕыыга ылынна.
«Вейп тыҥаҕа куһаҕаннык дьайар, бронха аастымата үөскүүр түбэлтэтэ 30 бырыһыан, тыҥа обструктивнай ыарыыта үөскүүрэ 75 бырыһыан улаатар диэн чинчийиинэн дакаастаммыта. Маны тэҥэ, вейпы хас да сыл тардыы тыҥа искэнигэр тиэрдиэн сөп. Оҕоҕо өссө куһаҕаннык дьайар. Атыыһыттар барыс туһугар тугу да кэрэйбэттэр», — диэн Володин этэр.
Былырыын оҕоҕо табаҕы, вейпы атыылаан, 6496 кэһии тахсыбыт. Бу 2022 сыллааҕар 53,7 бырыһыанынан элбэх.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: