Оҕоҕо вейпы атыылаабыт дьоҥҥо холуобунай дьыала тэриллиэ

Share
Сокуоннай сааһын туола илик оҕоҕо табаҕы, эбэтэр, никотиннаах бородууксуйаны, кальяны атыылаатахтарына, тэрилтэлэр 2 мөлүйүөн солкуобайга тиийэ ыстарааптанар буолуохтара. Маны тэҥэ, хаста да сокуону кэспит дьоҥҥо холуобунай дьыала тэриллиэҕэ. Бу туһунан сокуон барыла Госдуумаҕа киирдэ.

Бу сокуон барылын чэрчитинэн, РФ КоАП 14.53 ыстатыйатыгар уларытыылары киллэриэхтэрэ.

Онон, сокуон барыла олоххо киирдэҕинэ, оҕолорго табаҕы атыылаабыт дьону 200-300 тыһыынча солкуобайга; дуоһунастаах дьону — 500-700 тыһыынча солкуобайга; юридическэй сирэйдэри, ол эбэтэр, тэрилтэлэри — 1,5-2 мөлүйүөн солкуобайга тиийэ ыстарааптыахтара.

Бүгүҥҥү күҥҥэ ыстараап суумата оҕоҕо табаҕы атыылаабыт дьоҥҥо — 40-60 тыһыынча солкуобай, дуоһунастаах дьоҥҥо — 150-300 тыһыынча солкуобай, тэрилтэлэргэ — 400-600 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэр.

Бу электроннай сигаретаҕа (вейп) эмиэ сыһыаннаах. Госдуума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин вейпы, табаҕы, кальяны, насвайы, снюһу оҕолорго атыылаабыт дьоҥҥо ыстараабы улаатыннарар уонна хаста да сокуону кэспит дьону холуобунай миэрэҕэ тардар туһунан этии киллэрбитэ.

Онон хаста да сокуону кэспит дьоҥҥо холуобунай дьыала тэрийэн,  1 сылга диэри күһэлэҥ үлэҕэ ыытыахтарын сөп. Маны Госдуума бастакы ааҕыыга ылынна.

«Вейп тыҥаҕа куһаҕаннык дьайар, бронха аастымата үөскүүр түбэлтэтэ 30 бырыһыан, тыҥа обструктивнай ыарыыта үөскүүрэ 75 бырыһыан улаатар диэн чинчийиинэн дакаастаммыта. Маны тэҥэ, вейпы хас да сыл тардыы тыҥа искэнигэр тиэрдиэн сөп. Оҕоҕо өссө куһаҕаннык дьайар. Атыыһыттар барыс туһугар тугу да кэрэйбэттэр», — диэн Володин этэр.

Былырыын оҕоҕо табаҕы, вейпы атыылаан, 6496 кэһии тахсыбыт. Бу 2022 сыллааҕар 53,7 бырыһыанынан элбэх.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

25 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

1 час ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Маны билэҕин дуо?  Бит-билгэ

Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Харах балыыһатыгар Арассыыйа Гиннеһин рекорда оҥоһулунна

2025 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа тэриллибитэ 100 сылын туолар. Бу бэлиэ күнү көрсө, ахсынньы 11…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Муусука абылаҥар уһуйар учууталлар куонкурустара

Соторутааҕыта Дьокуускайга муусука учууталларын “Музыкальнай палитра”  1-кы аһаҕас идэтийбит куонкурустара буолан ааста. Куонкурус уһулуччулаах муусука…

2 часа ago