Салгыы
Оҕоҕут кынатын сарбыйымаҥ

Оҕоҕут кынатын сарбыйымаҥ

10.02.2024, 13:00
HTTPS://RU.WIKIPEDIA.ORG/ СААЙТАН
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куорат “Кэскил” уһуйаана сахалыы иитэр, уу сахалыы эйгэлээх, өрөспүүбүлүкэҕэ холобур буолар уһуйааннартан биирдэстэрэ. Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн иитинэн тустаах кыһа сэбиэдиссэйэ, куорат сахалыы уһуйааннарын ассоциациятын салайааччыта Сардана Захарованы кытта кэпсэтиибитин ааҕыҥ.

САЛАЛТА ӨТТҮТТЭН ӨЙӨБҮЛ БААР

– Сардана Михайловна, Дьокуускай куоракка төһө элбэх сахалыы уһуйаан баарый? Салайааччы быһыытынан, бу сахалыы уһу­йааннар бэйэлэрин аналларын төһө бэркэ толороллор дии саныыгын, ханнык кыалла илик боппуруостар баалларый?

– Куоракка толору сахалыы иитэр “Кэскил”, “Мичээр”, “Кэрэчээнэ” (Хатас) уһу­йаан буолаллар, ону таһынан 57 уһуйааҥҥа сахалыы бөлөхтөр бааллар. Үөрэх управлениета хас биирдии уокурукка сахалыы бөлөхтөр үлэлииллэрин курдук аттарар.

Бу үс уһуйааҥҥа сигэнэн эттэхпинэ, бары айымньылаахтык үлэлииргэ дьулуһаллар. Холобур, “Кэрэчээнэ” иитэр-үөрэтэр үлэтин олоҥхоҕо тирэҕирэн ыытар. “Мичээр” уһуйаан “Алгыстаах алаһа” диэн улахан бырайыактаах уонна куоракка остуол оонньууларын, успуорт төрүт көрүҥнэрин иилиир-саҕалыыр. Биһиги эмиэ үлэбитин дьыл сахалыы эргииринэн оҥоробут. Итини таһынан, кэнники сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ сахалыы тыллаах уһуйааннар, бөлөхтөр босуобуйанан хааччыллыыларыгар балачча түбүгүрдүбүт, “Айар” кинигэ кыһатын кытта ыкса ситимнээхтик үлэлиибит. Ол курдук, үлэһиттэрбит күүстэринэн төрөппүттэргэ, иитээччигэ, оҕолорго аналлаах үс чаастаах “Ааҕар кинигэ” таҕыста. Быйылгы үөрэх дьылыгар иитээччилэргэ оҕо сааһынан көрөн аттарыллыбыт айымньылар­даах “Хрестоматия” босуобуйа бэчээттэннэ. Хрестоматия тахсыбатаҕа олус ыраатта. Ол иннинээҕи сылларга оҕо сөпкө саҥарарыгар бэлэмнээһиҥҥэ күүскэ үлэлэспиппит. Ол түмүгүнэн сахалыы тыллаах уһу­йааннар ассоциацията И.И. Каратаев босуобуйатын аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир гына туттуллар матырыйаалларын саҥардан таһаарбыппыт. Тустаах босуобуйа хас биирдии сахалыы тыллаах иитээччи иннигэр уурунан олорон туһанар кинигэтэ буолла. 2022 сыллаахха, уһуйааммыт төрүттэммитэ 60 сыллаах үбүлүө­йүнэн сибээстээн “Саха буолан сандаарыах” диэн бэйэбит иитээччилэрбит үлэлэрин киллэрэн, бэрт халыҥ босуобуйаны бэчээттэппиппит.

Оҕо дыбарыаһыгар тэриллибит кииҥҥэ үлэҕэ холонон көрөр (стажировочнай) былаһаакканан буолабыт, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах улахан сэминээрдэри ыытабыт. Ити курдук, мэтиэдикэ өттүгэр болҕомто ууран, бэйэбит баай уопуппутун Саха сирин үрдүнэн тарҕатарга кыһанабыт.

Кэлин саха тыла сайдыытыгар араас таһымҥа болҕомто ууруллар буолла. Бырабыытыластыба анал үбүлээһини көрөн, былырыын “Саха эйгэтэ” кэмпи­лиэк оҥоһуллуутугар үлэлэстибит. Маныаха ассоциация иһинэн мэтэдиичэскэй ыйынньык оҥорон таһаардыбыт.

Онон босуобуйа, ыйынньык өттүнэн балаһыанньабыт уонтан тахса сыллар­дааҕар быдан тубуста. Ол эрээри, күн бүгүн биһигини сахалыы бөлөххө үлэлиир исписэлиистээҕэр буолуохтааҕар, иитээччинэн үлэлиэн баҕалаах педагог аҕы­йаҕа долгутар. Билигин куорат хас биирдии уһуйааныгар аһаҕас миэстэ баар. Бу төрүөтэ элбэх, сүрдээх уустук боппу­руос – хамнастан саҕалаан, анал үөрэтэр тэрилтэлэргэ тиийэ. ХИФУга ­анаан-минээн саха тыллаах уһуйааннарга үлэлиэхтээх иитээччини бэлэмнээбэттэр, оттон Педагогическай кэллиэскэ син үөрэтэллэр эрээри, бүтэрээччилэр тиийбэттэр, кэлбэттэр. Хамнастара тиэхиньиичэскэй үлэһиттээҕэр быдан кыра, бөлөх аайы түөрт уончалыы оҕолоохпут, эппиэ­тинэһэ, ноҕурууската икки төгүл элбэх. Онон үлэлиэн баҕалаах киһи сыллата аҕы­йаан иһэр.

НУУЧЧАЛЫЫ ТЫЛЛААХ ТИИЙБЭТЭХ ДА СИРИГЭР…

– Кэлиҥҥи сылларга куоракка төрөөбүт тыл кыһалҕата төһө сытыытык турар диэн көрөҕүн?

– Бу кыһалҕа куоракка эрэ буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн баар. Нуучча тыллаах тиийбэтэх, дьиэ иһигэр нууччалыы тыл иһиллибэтэх да сирдэригэр оҕолорбут көрдөрөн туран нууччалыы тылланнылар. Куйаар ситимэ, төлөпүөн, ютуб дьайыыта буолар. Төрөппүттэр төлөпүөнү букатын үүнэ-тэһиинэ суох оҕоҕо туттаран кэбистилэр. Дьиҥэр, итини быһаарарга талар суол баар эбээт. Төрөппүт бэйэтэ хонтуруоллаан, сахалыы ойуулуктары холбоон көрдөрүөн сөп.

Аны төрөппүт оҕотун кытта кэпсэтэрэ, алтыһара суоҕун кэриэтэ. Хас биирдии төрөппүт бэйэтин туораттан көрөн мин оҕобун кытта күҥҥэ хас чаас кэпсэтэр эбиппин диэн суоттаан көрдөҕүнэ, бэйэтэ даҕаны соһуйуоҕа, олох аҕыйах мүнүүтэҕэ тэҥнэһэр.

– Эһиги иитиллээччилэргит тылларын төһө билэллэрин кэтээн көрө­ҕүт. Балаһыанньа хайдаҕый?

– Биһиги уһуйааммытыгар 400-тэн тахса оҕо сылдьар. Түөрт кэриҥинэн кэтээн көрөбүт, бу сыыппарабыт улаханнык уларыйбат. Нууччалыы саҥарар оҕобут ахсаана 12%, аҕыйах саха тылын кыбытан нууччалыы саҥарара баһы­йааччы 33%, нууччалыы тылы кыбытан сахалыы саҥарара баһыйааччы 36% уонна сахалыы саҥарар оҕобут 18% тэҥнэһэр. Үстүү-түөртүү сыл буола-буола үөрэх сылын саҥатыгар педагогическай диагнос­тика оҥоробут. Ону таһынан, Гуманитарнай чинчийии институтун иһинэн тэриллибит Социолингвистикалыы чинчийии киинин үлэһитэ В.Н. Никитина кэлэн оҕолор саҥаларын кэтээн көрөн, үөрэтэн барбыта.

Онон кэлиҥҥи сылларга салалта өттүттэн болҕомто, өйөбүл баар, туох кыалларынан, оҥоро сатыыллар. Куйаар ситимэ, нууччалыы эйгэбит киэҥ буолан, тылбыт куруук хотторо турар балаһыанньа­лаах. Манна биһиги бэйэбит, хас биирдии дьиэ кэргэн үлэлэһэрбит ирдэнэр. Ким эрэ кэлэн оҕолорбутун саха оҥорбот, сахалыы саҥардыбат, төрөппүт бэйэтэ туруулаһан кыһаллыахтаах, болҕомтотун ууруохтаах, күн аайы тохтообокко оҕотун кытта үлэлэс­тэҕинэ эрэ оҕотун ийэ тылыттан матарбат туруктаах.

ОҔО ТИРЭҔЭ УҺУЙААН СААҺЫГАР УУРУЛЛАР

– Итинтэн сиэттэрэн төрөппүттэргэ тугу сүбэлиигин?

– Оҕолорун сөпкө иитэр, болҕомто уурар төрөппүттэр баар бөҕө буоллахтара, төрөппүт барыта сыыһа дьаһанар буолбатах. Уопсайынан, дьоҥҥо-сэргэҕэ оҕо төһөнөн кыра даҕаны кыһалҕата кыра, аһаата, таҥынна да бүттэ, ­улааттаҕына кыһаллыахха, куруһуоктарга сырытыннарар, дьарыктанар наада диэн өйдөбүл олохсуйбут. Ити төрдүттэн сыыһа өйдөбүл. Дьиҥэр, оҕо оскуолаҕа киириэр диэри киһи быһыытынан туох баар тирэҕэ, укулаата ууруллар кэмэ. Уһуйаан сааска саамай инники олоҕор суолта­лаах, киһи быһыытынан сүнньүн оҥорор кэммит. Бу сааһыгар хаамар, сиһин тоноҕоһо оннун булар, мэйиитэ сайдар, тылланар, тулалыыр эйгэтин кытта билсэр, кини иннинэ олохсуйбут култуураны саамай ылынар кэмэ. Ол иһин төрөппүт, оҕоҕо бу сааһыгар төһөнөн элбэх болҕомтону уурар, сайыннарар да, соччонон кини улааттаҕын аайы кыһалҕата кыччаан ­иһиэҕэ. Сэттэ сааһыгар диэри толору сайыннаран кэбистэххэ, инники олоҕор бэлэмнээх тахсар. Ити билиини барытын кини оонньуу нөҥүө ылынар. Манна сахалыы оонньуулар олус элбэҕи иҥэрэллэр. Тылы да билэр, оҕо төрөппүт икки ардыгар ситим да үөскүүр.

– Эһиги сахалыы уһуйаан быһыытынан сылга араас тэрээһиннэри ыытар буолуохтааххыт. Саамай сүрүннэрин, атыттартан уратылары ааттыаҥ буолаарай.

– Биһиги иитэр-үөрэтэр үлэбит барыта уу сахалыы барар, тэрээһиннэрбит барыта сахалыы ыытыллаллар, тыйаатырдар кэлэр түгэннэригэр сахалыы эрэ туруоруулары ылабыт. 1971 сылтан олохсуйбут үгэспит – Оҕо аймах ыһыаҕа. Үөрэх сылын ыһыаҕынан түмүктүүбүт. Ону таһынан, саҥа кэлбит иитиллээччилэргэ сүрэхтэниини тэрийэбит. Манна оҕо бэйэтин баҕа санаатын этэ-этэ төрөппүттэрин кытта салама баайар, алаа­дьылаан кэс тылы туттарабыт, бу портфолиотыгар бастакы докумуона буолар. Олунньуга Төрөөбүт тыл дэкээдэтин ыытабыт, Байанай ыйыгар “Мин аҕабынаан” күрэҕи тэрийэбит, тохсунньуга сахалыы остуол оонньуулара буолаллар. Хас кыһын ахсын тэлгэһэбит хаар оҥоһуктарынан киэркэйэр, тиэмэтэ сыл аайы уларыйа сылдьар, төрөппүттэр бэйэлэрэ оҥороллор, кыайыылааҕы быһаараллар. Онтон оскуолаҕа киирэр оҕолорбутугар алгыс туттаран ыытабыт.

Иитиллээччилэрбит уонтан тахса оскуоланан тарҕаһан үөрэнэллэр, сүрүннээн Сайсары уокуругун оскуолаларыгар бараллар: Саха политиэхиньиичэскэй лиссиэйгэ, 25-с, 20-с, 18-с оскуолаларга. Олорор сирдэринэн сорохтор Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназияҕа, Айыы Кыһатыгар киирэллэр. Биһиги оҕолорбут хаһан даҕаны сирдэрбэттэр. Бэйэбит да кэтээн көрөрбүтүнэн, оскуола үлэһиттэрэ да этэллэринэн, сахалыы кылааска үөрэнэр оҕолор бэрэбиэркэлиир үлэлэрэ, хонтуруолунайдарын түмүгэ, дьыктааннара атын кылаастартан куруук үрдүк буолар дииллэр. Икки тыллаах оҕо мэйиитин үлэтэ быдан ордугун ити да холобур көрдөрөр. Аныгы оҕо төһө да саха уһуйааныгар, бөлөҕөр сырыттар, нууччалыы бэркэ билэр, саҥарар. Ону таһынан, биһиги 5 саастарыттан аангылыйа тылыгар үөрэтэбит, анал педагогтаахпыт. Ийэ тылын баһылаабыт оҕо нуучча, аангылыйа тылын бэрт дөбөҥнүк ылынар. Онон оҕоҕут өбүгэлэриттэн бэриллиэхтээх ийэ тылын иҥэриҥ, кынатын сарбыйымаҥ диэн сүбэлиибин.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -40°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: