Оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ өйөбүл

Оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ өйөбүл

26.04.2025, 11:20
Дьиэ кэргэн сылыгар бэрэсидьиэн 63 №-дээх ыйааҕынан, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн статуһа болдьоҕо суох буолбута.
Бөлөххө киир:

Дьиэ кэргэни көмүскээһин, ыал төрүт үгэстэрин, сыаннастарын харыстааһын – Арассыыйа судаарыстыбаннай бэлиитикэтин тулхадыйбат тулааһына. 2024 сыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан, Саха сиригэр Оҕо саас сылынан биллэриллэн, бу хайысхаларынан элбэх үлэ ыытыллыбыта.

Саха сирэ — Уһук Илиҥҥэ элбээн иһэр нэһилиэнньэлээх соҕотох эрэгийиэн буолар, Арассыыйаҕа тохсус миэстэлээх. Киһи олоҕун орто уһуна 73 сааска тэҥнэстэ, бу дойдуга олохтоммут орто саастан үрдүк. “Үйэ саас” бочуоттаах бэлиэнэн 100 саастарын туолбут 17 ытык кырдьаҕас наҕараадаланан, 1‑дии мөлүйүөн солкуобайы туппуттара.

1000 киһиэхэ 10,7 оҕо төрүүр, онон Саха сирэ Уһук Илин уокуругар бастакы миэстэни, Арассыыйаҕа онус миэстэни ылар. Нэһилиэнньэ 1000 киһиэхэ 2,5 киһинэн эбиллэн, дойдуга тохсус миэстэни ылар.

Өрөспүүбүлүкэҕэ хас бэһис ыал элбэх оҕолоох. “Демография” национальнай бырайыак үлэлиир кэмигэр Саха сиригэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр ахсааннара 5 тыһыынчанан — 29,3 тыһыынчаттан 34,3 тыһыынчаҕа диэри эбилиннэ. Бу ыаллар 118 тыһ. оҕону иитэллэр. Саҥа төрөөбүт оҕолор 43,7 бырыһыаннара элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ үһүс уонна онтон кэлэр оҕонон төрүүллэр.

“2024 сылга үс игирэ оҕо Степановтарга (Дьокуускай), Старостиннарга (Хаҥалас), Елисеевтэргэ (Чурапчы) төрөөбүтэ”

2025 сылтан саҥа “Дьиэ кэргэн” национальнай бырайыак үлэлээтэ. Ол чэрчитинэн, Ийэ хапытаалын уонна ипотеканы төлүүргэ бэриллэр 450 тыһыынча солкуобайдаах төлөбүр бырагыраамалара 2030 сылга диэри уһаатылар.

Элбэх оҕолоох ыал ахсаана эбиллэр

Сүрүн болҕомто элбэх оҕолоох ыалларга ууруллар.

Дьиэ кэргэн сылыгар бэрэсидьиэн 63 №-дээх ыйааҕынан, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн статуһа болдьоҕо суох буолбута, дойду үрдүнэн биир көрүҥнээх дастабырыанньа (кумааҕыга уонна электроннай) бэриллэр буолла.

25 саастарын туола илик, аан бастаан ыал буолбут дьоҥҥо 50 тыһыынча солкуобайдаах төлөбүр төлөнөр. 2024 сыл устата барыта 933 паара (ыал буолбут дьон 20,8 бырыһыаннара) маннык төлөбүрү ылбыта. Бу миэрэ эдэр дьон ыал буолалларыгар көҕүлүүр сыаллаах.

“Дьиэ кэргэн” өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаалын кээмэйэ икки төгүл үрдээн, 300 тыһыынча солкуобайга тэҥнэспитэ. Сыл устата бу хапытаалы 2421 киһи ылбыта. Ил Дархан ыйааҕынан, 2025 сылтан үһүс оҕоҕо эрэ буолбакка, төрдүс, бэһис, онтон кэлэр оҕоҕо эмиэ бэриллэр буолбута.

Маны тэҥэ, Ил Дархан 300 №-дээх ыйааҕынан, элбэх оҕолоох ыалларга эбии көмө миэрэлэрэ ылыллыбыттара:

— Элбэх оҕолоох ыаллар судаарыстыбаннай, муниципальнай түмэлгэ босхо сылдьаллар;

— Элбэх оҕолоох ыаллар оскуолаҕа үөрэнэр оҕолоро оптуобуска босхо айанныыллар (22 улууска үлэлиир), 5–11 кылаастар үөрэнээччилэрэ (41 727 оҕо) уонна устудьуоннар (4 674 киһи) босхо аһыыллар;

— Хомунаалынай төлөбүргэ 30 бырыһыан чэпчэтии көрүллэр (4662 ыал туһанан, 52,8 мөлүйүөн солкуобайы кэмчилээбит), тырааныспар нолуогуттан босхолоноллор;

Дьарыктаах буолуу сулууспалара үлэтэ суох 83 төрөппүтү босхо үөрэттэрбиттэр.

Судаарыстыбаннай, муниципальнай бас билиигэ баар култуура, успуорт тэрилтэлэригэр чэпчэтиинэн туһаналлар.

Орто анал үөрэх тэрилтэтигэр төлөбүрдээх үөрэххэ үөрэнэр устудьуоннаах буоллахтарына, 50 тыһ. солк. төлөнөр. Бу төлөбүрүнэн 239 устудьуон туһаммыт.

Оскуолаҕа кэтэр, спортивнай таҥаһы атыылаһарга бэриллэр төлөбүрү — 75,1 мөлүйүөн солкуобайы 7466 элбэх оҕолоох, кыаммат ыал ылбыт. Төлөбүр кээмэйэ — 4 302 солк..

“100 сыл оҕолоро” хапытаал кээмэйэ 110 тыһ. солк. диэри үрдээтэ. 2024 сылга 14 130 ыал ылбыт (723 мөл. солк.).

Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ бэриллэр босхо учаастактан аккаастанар буоллахтарына, 200 тыһыынча солкуобай бэриллэр. Кэнники икки сылга 3058 ыал (уочаракка турааччылар 17 бырыһыаннара) ылан, туһаммыт.

2019–2024 сылларга 652 дьиэ кэргэҥҥэ олорор усулуобуйаларын тупсарыыга 2,394 млрд. солк. ыытыллыбыт. Ол иһигэр: биэстэн элбэх оҕолоох 629 ыалга — 2,23 м???. ????., ?? ????лрд. солк., үс игирэни төрөппүт 11 дьиэ кэргэҥҥэ — 67 мөл. солк., уонтан элбэх оҕолоох 12 дьиэ кэргэҥҥэ — 96,9 мөл. солк.

Дьиэ кэргэн тутулун бөҕөргөтүү

“Ытык аҕа” бочуоттаах бэлиэни кытта 2024 сылтан 100 тыһыынча солкуобайы туттараллар. Оттон “Дьоруой Ийэ” аатын 5 ийэҕэ иҥэрдилэр. “Дьиэ кэргэн килбиэнэ” бэлиэнэн үйэ аҥаарыттан ордук кэм устата бииргэ олорбут 346 паара наҕараадаланна.

“Эппиэтинэстээх төрөппүт академията” тэриллэн үлэлиир. Манна төрөппүттэргэ психологическай, педагогическай консультациялар ыытыллаллар.

2024 сылга Чурапчыга, Намҥа, Уус Алдаҥҥа, Дьокуускайга Элбэх өҥөнү оҥорор дьиэ кэргэн кииннэрэ аһыллыбыттара.

Ааспыт сылга демографияҕа, дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр бастыҥ үлэ, үрдүк көрдөрүү иһин Горнай улууһугар 10 мөл. солк. суумалаах Ил Дархан грана туттарыллыбыта.

Үбүлээһин 6,8 төгүл эбилиннэ

“Демография” национальнай бырайыак үлэтэ түмүктэннэ. Бу национальнай бырайыак “Оҕо төрөөтөҕүнэ, дьиэ кэргэттэри үбүнэн өйөөһүн” эрэгийиэннээҕи бырайыагын чэрчитинэн, 58,6 тыһыынча ыал көмөнү ылбыта. Ол иһигэр, 2024 сылга:

— бастакы оҕо төрөөбүтүгэр биирдэ бэриллэр төлөбүрү — 3016 дьиэ кэргэн;

— эдэр ыал бастакы оҕото төрөөтөҕүнэ, биирдэ бэриллэр төлөбүрү — 366 дьиэ кэргэн;

— иккис оҕо төрөөтөҕүнэ бэриллэр эрэгийиэннээҕи Ийэ хапытаалын — 2604 дьиэ кэргэн;

— үһүс уонна онтон кэлэр оҕо төрөөтөҕүнэ, бэриллэр “Дьиэ кэргэн” өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаалын — 2421 дьиэ кэргэн;

— үһүс оҕо төрөөтөҕүнэ, ый аайы бэриллэр төлөбүрү — 4462 дьиэ кэргэн.

Биэс сыл иһигэр оҕолоох дьиэ кэргэттэри үбүнэн-харчынан өйөөһүн кээмэйэ 6,8 төгүл эбилиннэ. Өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна федеральнай бүддьүөттэн үбүлээһин 2019 сылга 4,6 млрд. солк. этэ, 2024 сылга 29,2 млрд. солк. буолла.

САЛАЙААЧЧЫ САНААТА

“Оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ көмө өссө кэҥээтэ”

Елена Волкова, үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ:

— Быйыл оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ көмө өссө кэҥээтэ, суумалара үрдээтэ. Холобур, оҕо төрөөтөҕүн ахсын, федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи көмө миэрэлэрин учуоттаан, уопсай сууманы таһаардахха, маннык:

Бастакы оҕоҕо — 867 803 солк. (I зона), 857 933 солк. (II зона).

Иккис оҕоҕо — 612 300 солк. (өскөтүн урут бастакы оҕолоругар федеральнай Ийэ хапытаалын ылбатах буоллахтарына — 1 302 567 солк.).

Үһүс уонна онтон кэлэр оҕоҕо — 1 182 956 солк. (ипотеканы сабарга бэриллэр төлөбүрү туһаннахтарына).

СЫЫППАРАЛАР

34

ты­һыын­чат­тан тах­са эл­бэх оҕо­лоох дьиэ кэр­гэн ­баар­,

ки­ни­лэр

118

ты­һыын­чат­тан тах­са о­ҕо­ну ии­тэл­лэр.

ХААРТЫСКА: ҮЛЭ, СОЦИАЛЬНАЙ САЙДЫЫ МИНИСТИЭРИСТИБЭТЭ.

Бары сонуннар
Салгыы
26 апреля
  • 8°C
  • Ощущается: 5°Влажность: 46% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: