Хаартыска: Мария Васильева, ЯСИА.
Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, 2025 сылга Саха сиригэр оҕолоох ыаллары өйүүргэ 32 млрд солкуобай, ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн 27,9 млрд солкуобай, оттон өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 4,2 млрд солкуобай көрүллүбүтэ.
Оҕолоох ыалларга бу өйөбүл Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Дьиэ кэргэн» национальнай бырайыагын сыалын-соругун ситиһэр сыалтан олоххо киирэр.
«Өрөспүүбүлүкэҕэ оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүр систиэмэ баар, ону саҥа дьаһалларынан кэҥэтэбит. 2025 сылтан саҕалаан, «Дьиэ кэргэн» өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаала үһүс оҕо төрөөтөҕүнэ эрэ буолбакка, төрдүс, бэһис уонна онтон кэлэр оҕоҕо көрүллэр. «Үйэ оҕолоро» хапытаал болдьоҕо 2027 сылга диэри уһаата. Элбэх оҕолоох ыалларга босхо сир учаастагын оннугар биэрэр төлөбүр 300 тыһыынча солкуобайга диэри үрдээбитэ. Эдэр ыаллар саахсаланалларыгар 50 тыһыынча солкуобай төлөбүрү ылаллар. Элбэх оҕолоох ыаллар дьиэ-уот уонна хомунаалынай өҥөлөр төлөбүрдэригэр 30% чэпчэтиилээхтэр уонна оҕолор оскуолаҕа босхо аһылыгынан, уопсастыбаннай тырааныспарга босхо бырйыаһынан хааччыллаллар», — диэн Ил Дархан Айсен Николаев, 2025 сыллаахха ахсынньыга Судаарыстыбаннай Мунньахха (Ил Түмэн) этиитигэр бэлиэтээбитэ.
Федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи өйөбүл систиэмэтин олоххо киллэриигэ олоҕуран — төрүөҕүттэн улахан киһи буолуор диэри — Саха сирэ Уһук Илин уонна Арассыыйа Федерациятын эрэгийиэннэригэр сүрүн демографическай көрдөрүүлэринэн инники миэстэтин тутар.
Сиһилии: https://mintrud.sakha.gov.ru/news/18415
Биһиги аэропорпут өссө төгүл сертификациялыыр тургутуулары ыытар сиринэн буолла. Бу сырыыга «НЦВ Миль и Камов»…
Сахалар төрүт итэҕэлбитинэн, таҥха кэмигэр чуумпутук, сэмэйдик сылдьыахтаахпыт. Ол эрээри, тугу гыныахтаахпытын сиһилии билбэппит. Таҥха…
Бу тэрээһиҥҥэ араас тэрилтэлэр салайааччылара, исписэлиистэрэ уонна анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин кыһалҕаларын кытта…
Оскуола саастаах оҕо улахан киһи курдук күҥҥэ үстэ аһыырынан муҥурдаммат. Кини оскуолаҕа сылдьан остолобуойга, чугастыы…
Үөрэҕи уонна билими кэтээн көрөр федеральнай сулууспа иһитиннэрэринэн, оскуоланы бүтэрээччилэр олунньу 1 күнүгэр диэри биир…
Дьокуускайдааҕы полиция 4-с нүөмэрдээх отделын дьуһуурунай чааһыгар биир олохтоох дьахтартан төлөпүөнүн уордарбытын туһунан сайабылыанньа киирбит.…