Оҕолоох ыалы өйүүр коммуникационнай хампаанньа саҕаланна

Share

Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин биллэрбит Дьиэ кэргэн сыла, дьиэ кэргэн уонна ыал сыаннаһын өрө тутар судаарыстыбаннай бэлиитикэни киэҥник тарҕатар соруктаах ыытыллар, улахан болҕомтону элбэх оҕолоох ыалга уонна элбэх көлүөнэлээх дьиэ кэргэҥҥэ ууруллар. “Демография” национальнай бырайыагы өйүүр, оҕо төрөөһүнүн уонна улахан дьиэ кэргэн туһунан кэпсиир социальнай коммуникационнай хампаанньа саҕаланна.

“Национальнай бырайыактарынан” дьиэ кэргэн сыаннаһын туһунан үс араас роликка кэпсээбиттэрэ: «Веснушка», «Хотим, чтобы нас было больше» уонна «Семья – большая организация».

“Национальнай бырайыактар” тэрилтэ уонна НАФИ киин быйыл саас ыыппыт чинчийиилэригэр олоҕурдахха, ыйытыкка кыттыбыт дьон 49% чугастааҕы сылларга оҕолонор баҕалаахтарын бэлиэтээбиттэр. “Национальнай бырайыактар” тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ София Малявина этэринэн, ааспыт сыл ахсынньытыгар кыттааччы 27 бырыһыана оҕолонор санаалааҕын биллэрбит эбит буоллаҕына, бу көрдөрүү 22 бырыһыанынан (процентный пункт) үрдээбит. Ону тэҥэ, 4 бырыһыанынан (28% диэри) үс оҕолонуон баҕалаах дьон ахсаана эбиллибит.

“25-34 саастаах дьон ордук элбэхтик үс оҕолонуохтарын баҕараллар, оттон 35-44 саастаахтар – икки оҕолонуохтарын. Ыйытыкка кыттыбыт икки, үс уонна түөрт оҕолоох дьон өссө биир оҕолонор былааннаахтар” – диэн София Малявина кэпсиир.

“Веснушка” ролик нөҥүө удьуорунан бэриллэр ураты өрүттэринэн дьиэ кэргэн устуоруйатын кэпсииллэр. Оҕо төрөөһүнэ киһи олоҕор суолтаны үөскэтэр.

Чинчийии туоһулуурунан, ыйытыкка хоруйдаабыт дьон 78% оҕо киһи олоҕор суолтаны үөскэтэрин бэлиэтээбиттэр. Арассыыйа үгүс олохтоохторо оҕолоох буоламмыт дьиэ кэргэн үгэһэ олохсуйар (71%) уонна нэһилиэстибэни хаалларар, дьиэ кэргэн ураты бэлиэлэрин тириэрдэр кыах үөскүүр (75%) дии саныыллар.

“Демография” национальнай бырайыак саамай киэҥник тарҕаммыт бырагырааматынан ийэ хапытаала буолар. Бырагыраама маҥнай олоххо киирэригэр иккис эбэтэр онтон кэлэр оҕо төрөөбүт ыалыгар көрүллэрэ. 2020 сылтан кэҥээн, бастакы төрөөбүт оҕоҕо эмиэ бэриллэр. Бырагыраама үлэлиэҕиттэн 14 мөл. тахса ыал ийэ хапытаалын ылбыт.

“Демография” национальнай бырайыак баар буолан, эрэгийиэннэргэ үс саастарыгар диэри оҕолорго аналлаах дьааһыла бөлөхтөөх саҥа уһуйааннар аһыллаллар, чааһынай уһуйааннарга эбии миэстэлэри тэрийэллэр. Оттон оҕотун көрөн олорор эбэтэр оскуола иннинээҕи саастаах оҕону иитэр ийэлэр, идэлэрин хайысхатын босхо үөрэнэн уларытыахтарын сөп.

Өйөбүл миэрэлэр туһунан сиһилии иһитиннэриини национальныепроекты.рф саайтан көрүөххүтүн сөп.

Ыстатыйаны сиһилии манна ааҕыҥ.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

5 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

6 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

6 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

6 часов ago