Оҕолор бэрт туһалаах, сонун бырайыактары бэлэмнээбиттэр

Share

Моркуоп угун үгүс дьон быраҕан кэбиһэбит. Оттон “Инникигэ хардыы” билим-быраактыка кэмпириэнсийэтин быйылгы кыттыылааҕа бу сиэниллиэн сөбүн туһунан кэпсээн соһутта.

Бүгүн эбиэт иннинэ тыа хаһаайыстыбатыттан ылыллар оҥоһуктар уонна ону туһаныы сиэксийэтин киирэн иһиттим. Тустаах сиэксийэҕэ барыта 30 үлэ киирбит. Сорохтор, этэргэ дылы, киһи түһээн даҕаны баттаппатах бэрт сонун, сэргэх тиэмэлээхтэр. Ол курдук, Үөһээ Бүлүү 2-с нүөмэрдээх оскуолатын 6-с кылааһын үөрэнээччитэ Сайаана Петрова “Моркуоп угуттан сыттаах тума” диэн тиэмэлээх үлэтин кэпсээтэ. Биир биһирии көрбүтүм диэн, Сайаана дакылаатын ааҕыыттан буолбакка, эспиэрдэртэн “эһиги моркуоп олордоҕут дуо?”, “угун хайыыгыт?” диэн ыйытыыттан саҕалаата. Инньэ гынан, дьоҕус хоско мустан олорор оҕолор, салайааччылар болҕомтолорун тута бэйэтигэр тарта. Дьэ ол эрэ кэнниттэн дакылаатыгар киирдэ.

— Былырыын интэриниэтинэн моркуоп уга олус туһалаах диэн аахпытым уонна маны сэҥээрэн сыттаах чэйдэри оҥорон саҕалаабытым. Апельсиннаах, эбилигэ суох, дөлүһүөннээх чэйдэри бэлэмнээбиппит. Моркуоптаах чэй хаан баттааһынын чахчы түһэрэр, хаан эргииригэр көмөлөһөр эбит дуо диэн бэрэбиэркэлиэхпитин баҕарбыппыт, — диэн кэпсээн саҕалыыр.

Салгыы үрдүк дабылыанньалаах Наталья Семеновна сэтинньи 11-19 күннэригэр эспэримиэҥҥэ кыттарга сөбүлэспит. Маҥнай саҕалыырыгар дабылыанньата 155/73 эбит. Табылыыссаттан көрдөххө, моркуоптаах чэйдэри иһиитин түмүгэр хаанын баттааһына, кырдьык, түспүт.

Ити тиэмэни салгыыр соруктаах аны сыттаах туманы бэлэмнииргэ санаммыттар. Маныаха 1х7 миэтэрэлээх сиргэ моркуоп олордубуттар. Кылаас 22 оҕото күн ахсын уочаратынан көрбүттэр-харайбыттар. Ол эрээри, эдэр чинчийээччи бэлиэтииринэн, манна туох даҕаны эбии уоҕурдууну куппатахтар, аҥардас уунан эрэ улаатыннарбыттар. Сайын ортото, ук олус сонуу илигинэ сэбирдэҕин быһан ылан бэлэмнээбитинэн барбыттар. Маныаха эбилик быһыытынан моркуобу бэйэтин уонна минньигэс биэрэһи эмиэ хатаран туһаммыттар. Дакылаатын түмүгэр Сайаана моркуоп уга туһаныллыан сөп эбит диэн дакаастаата.

Кырдьык, күһүн ахсын төһөлөөх элбэх моркуоп уга быраҕыллара, буорга сытан сытыйара буолуой. Ол оннугар бу курдук утах, тума оҥорон туһаҕа таһаарыахха сөп эбит.

Ити курдук, Абый улууһун Ураһалаах оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Максим Сорокоумов Крутой Яр диэн учаастакка балыксыт идэтигэр үөрэнии туһунан билиһиннэрдэ. Онтон  Үөһээ Бүлүү 2-с нүөмэрдээх оскуолатын 9-с кылааһын үөрэнээччитэ Артур Мачахов “Булгунньахтаах” бааһынай хаһаайыстыбатыгар эти хатарыы туһунан сырдатта. Ураһалаах оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Александра Дохунаева “Сытный момент” кулинарнай мастарыскыай – биисинэһи кэпсээтэ.

Оҕолор бу бородууксуйаларын туох сыаллаах оҥорбуттарыттан саҕалаан туохха туһалааҕар, хайдах оҥоһулларыгар, үбүн-харчытын суоттааһыныгар тиийэ чинчийбиттэр. Этэргэ дылы, сорохторо бэлэм биисинэс бырайыактар итиэннэ дьон олоҕор көмөлөһөр, чэпчэтэр, туһалаах чинчийиилэр буолаллар.

Хаартыска: Людмила Попова.
What’s your Reaction?
+1
16
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Шаман» киинэ премьерата буолла

Тохсунньу 10 күнүгэр "Лена" киинэ тыйаатырыгар "Шаман" диэн Арассыыйа киинэтин премьерата буолла. "Сахафильм" дириэктэрэ Алексей…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2025 сыл — Иэйиэхсит ийэ хотун сыла

Саха халандаарынан быйыл Иэйиэхсит таҥара сыла саҕаланна. Бу ыйтан Иэйиэхсит ийэ хотун түһэр. Кини сылаас…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Сүрүн

Дыгын оонньуулара: Уус Алдан улууһугар чөмпүйүөн Куубага ыытыллыаҕа

Уус Алдан улууһа национальнай многоборьеҕа чөмпүйүөн Куубагын ыытарга бэлэмнэнэр. Күрэхтэһии Дыгын оонньууларыгар иккис сүүмэрдиир түһүмэҕэ…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сииттэлэр саҥа сылы сэргэхтик көрүстүлэр

Сииттэ нэһилиэгэр олохтоох дьаһалта баһылыга Семен Тимофеев 2024 сыллааҕы үлэтин отчуоттуур мунньаҕар олохтоохтор тоҕуоруһа муһуннулар.…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

II Наахара нэһилиэгэр Кыайыы знамятын көрүстүлэр

Бүгүн, тохсунньу 10 күнүгэр, Мэҥэ Хаҥалас улууһун II Наахара нэһилиэгэр Кыайыы знамятын көрүстүлэр. Ол туһунан…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Чурапчы-Дьокуускай-Чурапчы» хайысханан маршрутнай оптуобус сылдьыаҕа

Бу сыл тохсунньу 11 күнүттэн «Чурапчы-Дьокуускай-Чурапчы» хайысханан 206 нүөмэрдээх маршрутнай оптуобус сылдьыаҕа. Бу туһунан «Чурапчы…

4 часа ago