Оҕолор дьоллоругар тыа сиригэр олохсуйбут ыал

Share

«1990-с сыллар саҕаланыыларыгар Сунтаар улууһун Түбэй Дьаархан нэһилиэгэр, Сергей Афанасьевич Зверев-Кыыл Уола олорон ааспыт нэһилиэгэр Нина Ильинична Потапова уонна Фрументий Петрович Сафронов айымньылаах, кэскиллээх үлэни үлэлээри, уһун дьоһун олоҕу олороору кэлбиттэр эбит.

Онтон ыла үгүс хаар, самыыр түстэ, олохпутугар араас улары­йыылар, ырыынак ыар тыына кытта кэлэн аастылар. Биһиги дьоруойдарбыт да сааһырдылар. Оччолорго икки анал үөрэхтээх киһи оҕо тыйаатырын тэрийэргэ сананан үлэлээбиттэрин түмүгэр “Аман өс” оҕо фольклорнай норуо­дунай тыйаатыра баар буолбута. Мин санаабар, өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы да диэххэ сөп”, – диэн 2004-2015 сс. Сунтаар улууһун култууратын уонна духуобунаска салалтатын начаалынньыга, Кыыл Уолун аатынан Норуот айымньытын киинин төрүт үгэскэ салаатын сэбиэдиссэйэ, СӨ култууратын туйгуна Мария Тараярова бүгүҥҥү суруйуубут дьоруойдарын туһунан ахтан-санаан ааһар.

Бу айар талааннаах дьон аан бастаан дыраама куруһуогуттан саҕалаан баран, оскуолаларга Национальнай кэнсиэпсийэ киирбитинэн, үлэлэрин төрүт култуура хайысхатынан ыыппыттара. СӨ култууратын туйгуна уонна үтүөлээх үлэһитэ, “Гражданскай килбиэн” бэлиэлээх, СӨ култууратын уонна ускуустубатын бочуоттаах үлэһитэ, Сунтаар, Ньурба улуус­тарын, Түбэй Дьаархан, Акана нэһилиэктэрин бочуоттаах олох­тооҕо, дыраама уонна киинэ артыыһа идэлээх Фрументий Петрович дириэктэр, Нина Ильинична уус-уран сала­йааччы быһыытынан тиритэ-хорута үлэлээн, “Ньургун Боотур” либреттонан олоҥхону туруоран, оҕо олоҥхолуурун көрдөрбүттэрин дьон-сэр­гэ күн бүгүҥҥү диэри уос номоҕо гынан кэпсиир.

Кэнчээри ыччаты норуот айымньытынан иитэллэр

Бу күннэргэ социальнай ситимнэргэ далбар астаах мааны остуо­лу устуу социальнай ситимнэргэ тарҕаммыта. «Аһара элбэҕэ бэрт буолан, оҕолор кыайан сиэбэтэхтэр үһү» диэн быһаарыылаах этэ, туораттан ымсыырбыттар да элбэхтэрэ. Дьэ, бу бырааһынньык остуо­ла кимнээххэ анаммытай? «Аман өс» 35 сылын бэлиэтиир тэрээһин ыалдьыттарыгар.

СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Түбэй Дьаархан бочуот­таах олохтооҕо, «Гражданскай кил­­биэн», Ил Түмэн, СӨ бырабыыталыс­тыбатын, Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыт Нина Ильинична Потапова салайааччылаах «Аман өс» оҕо норуодунай фольклорнай тыйаатыра тэриллибитэ 35 сылыгар аналлаах уус-уран самодеятельноһы көрүү Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, Сунтаарга Кырдьаҕастарга ытык­табыл сылларын чэрчитинэн ыытылынна.

Үрдүк тэрээһиннээхтик, ыраах­тан-чугастан ытык мааны ыалдьыттардаах күрэххэ барыта 15 оскуолаттан, 27 бөлөхтөн 175 үөрэнээччи кытынна. Олус эриһии­лээх күрэх түмүгүнэн Гран-при хаһаайыннарынан буоллулар:

Театральнай туруорууга – Бордоҥ оскуолатыттан «Номох буолбут снайпер» инсценировка (салайааччы Любовь Петрова), Сафроновтар дьиэ кэргэттэрин бирииһэ ананна;

Фольклорга – Кутана оскуо­латын «Мөҕүрүүр бөҕө уонна Кулан Кыырпай» инсценировката (салайааччы Мария Афанасьева), «Дуоланнар» бөлөх, Сунтаар улууһун култууратын уонна айылгытын салалтатын бирииһинэн бэлиэтэннилэр;

Ырыа көрүҥэр Түбэйтэн Лилия Гриц салайааччылаах оҕолор бөлөхтөрө иннин кимиэхэ да биэрбэтэ.

«Көрөөччү биһирэбилэ» ааты Түбэй Дьаархантан Нина Потапова салайааччылаах «Аман өс» тыйаатыр «Алгыс түстэниитэ» инсценировката ылан, Трофимовтар дьиэ кэргэн бирииһинэн наҕараадаланна.

Сыаналаах бириистэри улуус култуураҕа отдела, Нина уонна Фрументий Сафроновтар, Дуолан Трофимов дьиэ кэргэттэрэ уо.д.а. туруордулар. Элбэх атын номинацияны талааннаах оҕолорго туттарыыны көрөөччүлэр истиҥ биһирэбил, дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуоллаатылар. Мустубут дьон олоҥхоһут, чабырҕахсыт, үҥкүүһүт оҕолору олус хайҕаан уһуннук ытыс таһыннылар, айар талаан­наах оҕолорго алгыстаах аартыгы баҕардылар.

Ити курдук, «Аман өс» сала­йааччылара айар-тутар, тэри­йэр дьоҕурдарынан, үтүө сүрэхтэринэн, баай дууһаларынан дойдуларыгар, кэлэр кэнчээри ыччаттарбытыгар ийэлии-аҕалыы сыһыаннарынан өр сылларга сыралаһан айымньылаахтык үлэлээн, 35 сыллаах үбүлүөйдэригэр тиийэн кэллилэр.

Вера Спиридоновна Солдатова, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ култууратын туйгуна:

– 35 сыллаах үбүлүөйдэригэр анаммыт күрэххэ элбэх ыччат, оҕо кыттан, Сунтаар оҕолоро төрүт култуураҕа болҕомтолорун ууралларын, наһаа талааннаахтарын олус биһирээн кэллим. Бу барыта улахан үлэттэн, дьарыктан тахсар. Үөрэрим диэн, Нина Ильиничнаны, Фрументий Петровиһы Сунтаарга уонна дойдуларыгар Түбэй Дьаархаҥҥа наһаа убаастыыллар, өйүүллэр эбит. Ону сэргэ төрөппүттэри хайҕаатым: оҕолорун таҥыннаран, симээн, улахан олоҥхолору, инсценировкалары, чабырҕахтары толороллоро үчүгэйин!

Кулуупка барыбытын наһаа үчүгэйдик көрүстүлэр (Дьокуускай куораттан кыыстара Катя Сафронова оҕолорунуун тиийэн көмөлөстө), хас кэлбит киһини ытыс үөһэ түһэрдилэр. Кыра нэһилиэккэ улуус, өрөспүүбүлүкэ да таһым­наах тэрээһини олус холкутук, уу нураллык ыыттылар. Сунтаардар бэйэлэрин ыччаттара Дуолан Трофимов тиийэн дириэктэрдии сылдьарын, олус сэргэҕин, этэн-тыынан тыла-өһө баайын, үчүгэй салайааччы тахсыаҕын бэлиэтии көрдүм. Бу ыччакка үчүгэй сыһыан, кыһамньы баарын көрдөрөр. Нэһилиэк баһылыга Сергей Самуилович Иванов эмиэ эдэр киһи эбит. Тэрээһин саҕаланыаҕыттан кулууп сабыллыар диэри сылдьыбытын, бэйэтинэн көмөлөһө, өйүү сылдьарын наһаа хайгыы көрдүм. Тыа сиригэр баһылык эрэ барыта итинник буолбат.

Улуус култууратын салайааччытын солбу­йааччы Саргылаана Конобулова дьүүллүүр сүбэҕэ күнү быһа үлэлээн, этэн-тыынан, оҕолорун хайҕаан, үөрүү-көтүү кынаттаата. Бүтэһигэр улахан баҕайы туорт киллэрдилэр, фейерверктээхтэр. Оҕолорго итинтэн ордук туох үөрүү баар буолуой? Үйэлээх саастарын тухары итини төһөлөөх сылаас­тык өйдүү-саныы сылдьыахтарай?

Нина Потапова уонна Фрументий Сафронов курдук мындыр санаалаах дьиэ кэргэттэр тыа сиригэр олохсуйаллара улахан кэскиллээх дьыала дии санаатым. Саха муудараһын илдьэ сылдьар ыал маннык кэрэ сиргэ олохсуйан, ыччаты иитиигэ аҥаардас тылынан буолбакка, үлэлэринэн-хамнастарынан көрдөрөллөрүн ытыктааммын ыраах да буоллар, доруобуйаны эҥин аахсыбакка тии­йэммин, алта оҕоҕо биһирэбил бириис туттардым уонна кыаҕым баарынан кэлэктииби өйөөн кэллим.

Мин санаабар билигин, төһө кыах баарынан, ыччаттарга болҕомтобутун ууруохтаахпыт. Төһө да сааһырдарбыт, олорунан кэбиспэккэ, ыччаты кытары тыа сиригэр тыл-өс, көмө-ньыма буолан сылдьа сатыахпытын наада. Ону Сунтаар оҕолоро миигин саастаах, билбэт киһибит диэбэккэлэр, айдаарбакка наһаа болҕомтолоохтук истибиттэрэ, үрдүк култууралаахтара да туоһулаата.

Нина Ильинична уонна Фрументий Петрович «Саха дьоно бу уустук кэмҥэ бэйэбит төрүт итэҕэл­битигэр тирэҕирдэхпитинэ, айыллыбыт айылҕабытыттан күүс-уох ыллахпытына, саха киһитин сиэрин-туомун тутустахпытына эрэ быстах ыарахаттарга бэриммэккэ чөл хаалыахпыт” диэн өйдөбүлү кэнчээри ыччаттаргытыгар күннэтэ чиҥник иҥэрэн кэллигит. Оттон мин эһигиттэн күүс-уох, сэниэ ылан кэллим”.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар

Тыа сирин олохтооҕо оҕолору хаар оҥоһуктарынан үөрдэр

53 саастаах Игорь Никулин үйэ чиэппэриттэн ордук Абый оройуонун Абый сэлиэнньэтигэр дьэрэкээн өҥнөөх хаар оҥоһуктары…

33 минуты ago
  • Маны аах
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр 80 сааска диэри үйэлэниигэ сорук туруордулар

2030 сылга саха дьонун орто саастара 80 тэҥнэһиэн наадатын туһунан соругу  Ил Дархан Айсен Николаев…

34 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кэлиэхтээҕинэн эрэ олоруу – бүгүҥҥүнү сүтэрии

“Кирэдьииппин төлөөн бүтэрдэхпинэ, массыына атыыластахпына ыал буолуом эбэтэр дьиэбитин-уоппутун тэринэн, харчы мунньунан баран оҕолонуохпут” диэн…

49 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Саха сирин олохтооҕо сөмөлүөккэ пассажиры куруусканан бырахпыт

Пассажирскай сөмөлүөккэ күлүгээннээһин туһунан холуобунай дьыала тэрилиннэ. Тырааныспар борокуратуурата маннык быһаарыы сокуоннайын билиннэ. Быһылаан ахсынньы…

59 минут ago
  • Быһылаан
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Саха сиригэр айан суолга түөрт киһи үлүйэ сыспыт

Ньурба оройуонун ДПС инспектордара кыһыҥҥы айан суолга суоппардарга көмөлөстүлэр. Түүн оройуон исписэлиистэрэ «Бүлүү» трасса 818…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Бүгүн — Дьыл оҕуһун иккис муоһа үүннэ

Ахсынньы 21 күнэ – Дьыл оҕуһун иккис муоһа үүнэр. Бу күнтэн ыла Саха сирин аатырбыт…

2 часа ago