Оҕолор элбэҕи биллилэр-көрдүлэр

Share

Түмэл аан дойдутааҕы күнүнэн, Аҕа дойду уоттаах сэриитигэр Улуу Кыайыы 78 сылынан  Емельян Ярославскай аатынан Хотугу норуоттар историяларын уонна култуураларын холбоһуктаах Саха судаарыстыбаннай түмэлэ, «Саха сирэ» хаһыат, «Сахамедиа» холдинг биир сүбэнэн «Устуоруйа кэрчиктэрэ» диэн квест-оонньууну тэрийэн ыыттылар.

Бу билиини-көрүүнү тургутар, хаҥатар, төрөөбүт дойдуга тапталы күүһүрдэр сыаллаах-сорук­таах квест-оонньуу оскуола үрдүкү кылаа­һын үөрэнээччилэригэр ананна. Манна Саха национальнай гимназиятын 8-с кылааһын, Айыы кыһатын уонна Дьокуускай куорат 31 №-дээх оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччилэрэ, биэстии киһилээх үс хамаанда ох курдук оҥостон, кустук курдук куоһанан кэлэннэр, эрбии тииһин курдук эгил-тэгил эристилэр.


Түһүмэх хас биирдии сорудаҕар эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан, хоруйу көрдөөн булан, толкуйу тобулан, түргэнник туттан-хаптан, сүүрэн-көтөн, тэрээһин сүрдээх сэргэх буолла. Болҕомтону түмэлгэ баар эспэнээттэргэ тирэҕирэн оҥоһуллубут ыйытыылар улаханнык тартылар. Ол курдук, холобур, Дьокуускай куоракка тутуллубут бастакы таас дьиэ – бойобуода кэнсэлээрийэтэ, быһах оннугар туттуллар тэрил, онтон да атын араас ыйытыылар оҕолору умсугуттулар. Хамаандалар сөпкө таайдахтарын ахсын буукубалары булан, түмэн, туох баар түһүмэхтэри ааһаннар, дьүүллүүр сүбэҕэ аҕалаллар. Ол буукубалартан кинилэр түмүккэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов аатын таһаа­раллар.
Октябрина Петровна Макси­мова, түмэл сырдатар-үөрэтэр са­­лааҕа сэбиэдиссэйэ:
– Оҕолор биэс түһүмэҕинэн сорудахтары толордулар. Ыйытыылар кыраайы үөрэтиигэ, устуоруйаҕа сыһыаннаахтар. Үөрэххэ, билиини-көрүүнү хаҥатыыга туһалаахтар. Бу кэнчээри ыччаты патриотическай тыыҥҥа иитиигэ туһуламмыт квест-оонньууну бииргэ тэрийбиппит олус табылынна.
Оонньуу ыытыллар кэмигэр, түмэл үлэһиттэрэ: култуура-үөрэх отделын методистара Елена Владимировна Литвинцева, Мария Васильевна Пестрякова, Туйаара Валентиновна Иванова, сырдатар-үөрэтэр салаа сэбиэдиссэйэ Октябрина Петровна Максимова хамаандаларга өйдөтөн, сүбэлээн тирэх буоллулар.
Түмүккэ “Сахамедиа” холдинг генеральнай дириэктэрэ Виктор Колесов оҕолорго үөрэхтэригэр ситиһиини баҕарда, дохсун ытыс тыаһыгар доҕуһуоллатан бириистэри туттарда.

* * *
Чаастан ордук кэм устатыгар оҕолор “История кэрчиктэрэ” квест-­оонньууга сүүрэн-көтөн, көрдөөн-ирдээн, болҕомтолоохтук ааҕан, сирийэн көрөн улаханнык астыннылар. Түмүккэ, Айыы кыһатын 10-с кылааһын үөрэнээччилэрин хамаандата кыайыылааҕынан тахсан улаханнык үөрдүлэр. Иккис бириистээх миэстэни 31-с оскуола онус кылааһын оҕолоро ыллылар. Үһүс бириистээх миэстэҕэ гимназия ахсыс кылааһын оҕолоро тигистилэр.

Айыы кыһатын 10-с кы­­лааһын үөрэнээччилэрэ:
– Квест-оонньууга түргэнник тобула, толкуйдуу охсор, түргэн-тарҕан буолуу ирдэнэр. Маннык тэрээһиннэр түмэллэргэ ыытыллаллара олус наадалаах, туһалаах эбит. Төлөпүөнүнэн элбэҕи ааҕа, көрө сылдьыбыппыт да иһин, билиини-көрүүнү маннык тургутар оонньуу туһата быдан улахан, өйгө-санааҕа дириҥник иҥэр. Бэйэбит саастыылаахтарбытын кытары алтыһабыт.

Дьокуускай куорат 31-с №-дээх оскуолатын 10-с кылаа­һын үөрэнээччилэрэ:
– Манна кытта кэлбиппит наһаа үчүгэй. Боппуруостар олус интэриэһинэйдэр. Киһини умсугуталлар, билиэх-көрүөх баҕаны күүһүрдэллэр. Тэрийээччилэргэ махтал.

Саха национальнай гимназиятын 8-с кылааһын хамаандата:
– Төрөөбүт дойдубут устуору­йатын билэргэ-көрөргө олус туһалаах уонна наадалаах квест-оонньуу буолла. Билиини хаҥатар туһалаах тэрээһиннэри бу курдук салгыы ыыта туруҥ.  Махтал, ­эһиэхэ.

Ааптар уонна Надежда Посельская хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

3 часа ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

6 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

7 часов ago