Ф.И.Авдеева аатынан оҕо дыбарыаһын иһинэн «Айар Кут»устуудьуйа оҕолоро «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхону туруоран Хаҥалас улууһугар Покровскайга гостуруоллаан кэллилэр.
Бэлиэтээн суруйдахха, оҕо дыбарыаһа уонна С.А.Зверев-Кыыл Уола аатынан «Национальнай үҥкүү тыйаатыра» кыттыгас бырайыактарынан «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхо турда. Олоҥхону туруорааччы режиссер Анна Робертовна Санникова буолар. Кини «Айар кут» тыйаатыр устуудьуйа салайааччыта. Бу туһунан Анна Робертовна Санникова санаатын үллэһиннэ:
— «Айар Кут» устуудьуйаҕа уопсайа 96 оҕо дьарыктанар. Онтон сүрүн оруолларга 36 оҕо оонньуур. Биһиэхэ сүрүннээн 19-c №-дээх оскуола оҕолоро дьарыктаналлар. «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхону биһиги оҕо дыбарыаһыгар туруоруохпутун баҕарбыппыт ыраатта. Былырыын ахсынньы ыйга «Айар Кут» диэн тыйаатыр устуудьуйата арыллыбыта, онно мин салайааччытынан анаммытым. Оҕолору сахалыы тылга-өскө, төрүт үгэһи үйэтитиитэ, сиэри-туому билиигэ хайысхаланар. Устуудьуйабытыгар үксүн нууччалыы саҥарар оҕолор кэлбиттэрэ. Оҕолорбут олоҥхону ыарырҕатыахтара дии санаабыппыт, оҕолорбут олох ыарыҕаппатылар. Олус үчүгэйдик ылынан, тылын-өһүн үөрэтэн олоҥхобутун туруорбуппут. Оҕолорбут үөрүүнү кытта нойосуус үөрэтэн, сыананы туруоран олус табылынна. Уолаттар аллараа дойду абааһыларын кытта охсуһууну интэриэһиргээбиттэрэ, кыргыттар кыталык буолан, тойуктаан кытыннылар. Олоҥхону туруоруу оҕону иитиигэ олус наадалаах хайысха дии саныыбын. Саха тылын сөргүтээри, бэйэбит олоҥхобутун, төрүт тылбыт-өспүт баайын илдьэ сылдьар айымньыны сүтэрбэт гына маннык үлэлэр ыытыллаллар. Биһигини кытта өрүү үлэлэһэр Кыыл Уолун аатынан үҥкүү тыйаатыра сөбүлэһэн, бу бырайыакка кыттыһан үлэлэстилэр. Кинилэр элбэх олоҥхону туруорбут тыйаатыр буолан биһиэхэ уопуттарыттан бэрсэн, таҥас-сап да уларсан, элбэх сүбэ-ама биэрэн көмөлөстүлэр. Светлана Прокопьевна Бессонова диэн тыйаатыр уус-уран салайааччыта миэхэ күүс-көмө, сүбэ-ама буолбута. Бырайыак иһинэн ааспыт сыл сэтинньи ый 24-25 күннэригэр иккитэ олоҥхобутун туруорбуппут. Тоҕо диэтэххэ, 800 киһини хабар санаалаах этибит. Оттон дыбарыаспыт саалата 400 миэстэлээх. Бу бырайыак иһигэр икки маастар-кылаас киирбитэ. Биирэ оркестрга маастар-кылаас этэ. Үҥкүү тыйаатырын национальнай оркестрдара оҕолорго нуоталары үөрэппиттэрэ, ону таһынан үҥкүүһүт оҕолорбутугар үҥкүү маастар-кылааһын ыыппыттара. Ону сэргэ, бу кулун тутар 11 күнүгэр Хаҥалас улууһун Покровскайыгар тиийэн олоҥхобутун көрдөрдүбүт. Покровскайдааҕы 3№-дээх оскуоланы кытта дуогабар түһэрсэн, кинилэр биһигини ыҥыран 200 миэстэлээх саалаҕа олоҥхобутун иккитэ көрдөрдүбүт. Оҕолорбут наһаа үөрдүлэр, астыннылар. Саала тобус-толору этэ. Биһиги олоҥхобут дьүһүйүү курдук көстүбүтэ, ол иһин онно ырыалаах, үҥкүүлээх. Оҕолорбут манна кыттан, сыанаҕа бэйэлэрэ оонньоон баран олоҥхо диэн наһаа үчүгэй эбит, урут наһаа ыарахан дии санаан куттана саныырбыт диэбиттэрэ. Онон олоҥхо оҕо сайдыытыгар улахан суолталаах.
“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…
«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…
Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…
Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…
Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…
«Рослесхоз» официальнай саайтыгар ойуур култуураларын олордуутун сезонун түмүгэ таҕыста. Саха сирэ дойду бары эрэгийиэннэрин ортотугар…