Оҕолор нэһилиэктэрин сонунун куйаар ситимигэр таһаардылар
Өлүөхүмэ улууһун Уолбут нэһилиэгэр “Эйгэ” сынньалаҥ киин дьиэтигэр араас тэрээһин барыта буолар. Быйыл өссө биир сонун сүүрээн эбилиннэ.
Дириэктэр Саргылана Худаева салайыытынан 6 кылаас үөрэнээччилэрэ Марилена Николаева уонна Таня Худаева “Олохтоох сонуннар” диэн видеолары устан саҕалаатылар.
“Оҕо саҥатын тупсарарга, сахалыы саҥаны сайыннарарга, олорор сирдэригэр интэриэһи үөскэтэргэ, дьону кытта сатаан кэпсэтэр дьоҕурдарын сайыннарар сыаллаах үлэлэтэн эрэбин”, — диир Саргылана Худаева. – Бу устубуппутун социальнай ситимнэринэн бөлөхтөргө ыытан, ыраах олорор биир дойдулаахтарбытыгар көрдөрөбүт, дойдуларын кытта ситимнэрин быспаппыт”.
Марилена уонна Таня нэһилиэктэрин олоҕун хас да хайысханан олус үчүгэйдик сиһилии кэпсээн үөртүлэр. Кыргыттар мантан антах бэйэлэрэ дьонтон интервью ылар, репортажтары оҥорор, хаартыскаҕа устары баһылаан иһэр былааннаахтар.
Видеоны Саргылана Худаева тиксэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: