Оҕолор олус улахан ноҕуруускалаахтарынан сибээстээн, оскуолаҕа уруок ахсаанын көҕүрэтэргэ этэллэр
Аҕыйах хонуктааҕыта оскуола үөрэнээччилэрэ сиэри таһынан ноҕуруускалаахтарын, үөрэх бырагыраамата өрүү уустугуран иһэрин туһунан төрөппүттэр Судаарыстыбаннай Дуумаҕа суруйалларын Парламент палататын бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин тус телеграм ханаалыгар үллэстибитин иһитиннэрэн турабыт.
Бэҕэһээ Судаарыстыбаннай Дуума үөрэҕириигэ кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Яна Лантратова, үөрэх хаачыстыбатыгар охсуута суох күннээҕи уруок көҕүрээтэҕинэ оҕолор ноҕуруускалара аччыа этэ диэн эппитин сонуну киэҥник тарҕатар киин ситимнэр суруйдулар.
Лантратова бэлиэтииринэн, үөрэх бырагыраамата “үөрэнээччи физическэй уонна эмоциональнай туругун умнан туран наар академическай ситиһиини ыларга туһаайыллар”, бу өрүү сылайыыга, истириэскэ тириэрдэр уонна доруобуйаларыгар охсор. “Бу кыһалҕаны быһаарарга үөрэххэ сыһыаны уларытар ирдэнэр. Бастатан туран, үөрэх былаанын оҕо сааһыгар, физиологическай ирдэбилигэр учуоттаан аттарар наада. Холобур, күннээҕи уруогу аҕыйатыы үөрэх хаачыстыбатыгар охсубакка эрэ ноҕуруусканы аччатыан сөп” – диэн Лантратова этэр.
Итини сэргэ дьокутаат дьиэҕэ үлэни хаттаан көрөр ирдэнэрин ыйар. Дьиэҕэ үлэ барбыт матырыйаалы бигэргэтиигэ туһаайыллыахтаах, элбэх үлэни толорууга буолбатах диэн бэлиэтиир.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: