Оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥнарын кылгатыахха сөп этэ диэбит
Москва куорат оҕо быраабыгар боломуочунайа Ольга Ярославская бэс ыйыгар оҕолору үөрэтиэххэ баар этэ диэн эппит.
“Биһиэхэ сайыҥҥы сынньалаҥмыт аан дойдуга саамай уһун – оҕолорбут үс ый устата олороллор. Бу, биллэн турар, үчүгэй эрээри, төрөппүт үс ый уоппуската суох. Үс ый устата оҕобун ханна хаалларабын диэн өрүү ол кыһалҕата. Онон бэс ыйыгар үөрэнэллэрэ буоллар диэн этиилээхпин” – диэбит.
Оҕо быраабын боломуочунайа ыам ыйынааҕы бырааһынньыктар, түмүктүүр аттестациялар кэннилэриттэн оҕолор саҥа тиэмэни ылымматтар, үөрэх номнуо муус устарынан түмүктэнэр, салгыы букатын даҕаны сайыҥҥы сынньалаҥҥа бараллар диэн быһаарбыт. Бэс ыйыгар оҕолору айар дьоҕуру сайыннарар дьиссипилиинэлэргэ үөрэтиэххэ сөп этэ диэн Ярославская эппит. Ити туһунан РИА Новости суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: