Оҕолор Саҥа дьыл бырааһынньыгар тоҕус күн сынньаныахтара
Оскуола үөрэнээччилэрэ быйылгы үөрэх дьылыгар бастакы сынньалаҥнарыгар олороллор. Хойукка диэри утуйан, халлаан сылааһынан туһанан таһырдьа оонньоон, бэйэ-бэйэлэригэр ыалдьыттаһан, киинэлэринэн, тыйаатырдарынан сылдьан абыраннылар.
СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтэ 2023-2024 үөрэх дьылыгар оскуола үөрэнээччилэрэ биир кэмҥэ сынньалаҥҥа баралларын туһунан бирикээһэ тахсыбыта. Онно олоҕуран, Саха сирин оҕолоругар сэтинньи 4 күнүгэр диэри күһүҥҥү сынньалаҥ. Салгыы Норуоттар сомоҕолоһууларын үс күннээх өрөбүлүн туһаныахтара. Онон күүс-сэниэ эбинэллэригэр балачча бириэмэ баар эрээри, сорохтор номнуо Саҥа дьыллааҕы сынньалаҥы күүтэллэр.
Туһааннаах министиэристибэ быһаарбытынан, кыһыҥҥы сынньалаҥ ахсынньы 31 күнүттэн тохсунньу 8 күнүгэр диэри (9 күн) буолуоҕа. Сааскы сынньалаҥ – кулун тутар 23-31 күннэригэр (9 күн) былааннанар.
Араас федеральнай саайтарга сигэннэххэ, кыһыҥҥы уһун өрөбүллэрин дьон улахан аҥаара (34%) дьиэтигэр атаарар былааннаах. Уонтан тахса бырыһыаннара дэриэбинэҕэ, даачаҕа тахсыахпыт диэбиттэр. 9 % ыалдьыттыы барыахпыт, 7 % сынньана көтүөхпүт диэн хоруйдаабыттар. Сынньана барар дьон улахан аҥаара, бука, билиҥҥи балаһыанньанан буолуо, Арассыыйа иһигэр көтүөхпүт, барыахпыт диэн эппиттэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: