Оҕолор сатыы айаҥҥа туруннулар

Share

Ааспыт үйэ 90-с сылларыгар Сунтаар Элгээйитин оҕолоро сатыы Дьокуускайга хаста да тиийэ сылдьыбыттара. Бу туох да суола-ииһэ суох сиринэн, быһалыы 700-кэ килэмиэтири 1 ый кэриҥэ туос-сатыы хааман тиийбиттэрэ. Кинилэри Элгээйи ытык кырдьаҕаһа Григорий Павлов сирдьиттээн, бэйэтэ эрэ билэр былыргы ат суолунан илдьэттии бара сылдьыбыта. Оттон быйыл, Г.И. Павлов тэрийбит Элгээйи — Дьокуускай маршрутунан сатыы хаамыы 35, Үлэ Дьоруойа П.Х. Староватов төрөөбүтэ – 150, дойдуга Педагог уонна уһуйааччы сылларынан, балаҕан ыйын 12 күнүгэр Элгээйи орто оскуолатын оҕолоро  Элгээйи — Маар Күөл — Уһун Күөл — Тойбохой — Кириэстээх — Соколиная Коса  хайысханан  сатыы айаҥҥа туруннулар диэн «Сунтаар сонуннара» хаһыат суруйар.

Хаартыска: "Сунтаар сонуннара"

Бу историяҕа хаалар түгэн өрөгөйдөөх линейкатыгар уһун дистанцияҕа оҕолору сатыы хаамтарыыны бастакынан, кэлин хаста да төхтүрүйэн тэрийбит  Григорий Иннокентьевич Павлов кэлэн, алгыс тылынан айанньыттары атаарбыта бэлиэ түгэн буолла. Этэргэ дылы, ытык кырдьаҕастан алгыһын ылан, оҕолор санаалара бөҕөх. Ону тэҥэ, урукку сатыы айан кыттыылаахтара, оскуола кэлэктиибэ, үөрэнээччилэр, төрөппүттэр, уо.д.а. кэлэн, оҕолору уһун айаҥҥа атаардылар.

Бүлүү эбэ дуҕалыы иэҕиллэн сытар сирин Хочо сирэ диэн ааттыыллар. Сүүсчэкэ сыллааҕыта Хочо улууһа диэн баар буола сылдьыбыта. Элгээйиттэн Кириэстээххэ диэри уонча көһү быһалыы бардахха, бу Хочо сирин өрүстэн өрүскэ диэри быһа түһэҕин. Суола-ииһэ суох, киһи олорбот сирэ. Онон оҕолорго бу сөбүгэр тургутук буолуохтаах.

Оҕолору бу үс күннээх айаҥҥа Василий Харитонов салалтатынан Савва Винокуров, Владимир Иванов, Андрей Иванов, Алексей Антонов, Айгыына Игнатьева уонна сирдьит Андрей Кондратьев арыаллаан илдьэ сылдьыахтара. Савва Константинович Винокуров уонна Алексей Еремеевич Антонов урут Элгээйи — Дьокуускай маршрутунан сатыы хаамыы кыттыылаахтара, настаабынньыктыахтара. Барыта 9-11-с кылаастартан 8 оҕо (икки кыыс уонна алта уол) бу уһун айаҥҥа туруннулар. Экспедиция кыттыылаахтара биир суукка хааман, бүгүн Уһун Күөлгэ тиийэн, саха норуодунай поэта Леонид Попов төрөөбүт дойдутун билсиэхтэрэ, үөрэтиэхтэрэ. Табылыннаҕына, бэйиэт төрөөбүт өтөҕөр Харбаҕа тиийэ сылдьыахтара. Бу суруйааччы олоҕун чинчийэр-үөрэтэр тэрээһин Сунтаар улууһугар Төрөөбүт төрүт тыл сылын чэрчитинэн барар.

 Экспедиция салгыы Кириэстээххэ  Үлэ Дьоруойа Владимир Африканович Михайлов Бордоҥ сайылыгар тиийэр былааннаах. Онно оҕолор билиҥҥи кэм Үлэ Дьоруойун үлэтин-хамнаһын, киниэхэ анаммыт түмэлин илэ харахтарынан көрүөхтэрэ. Ону тэҥэ, Саха сиригэр бастакы алмаас көстүбүт «Соколиная Коса» сиригэр тиийэн, көрүөхтэрэ-истиэхтэрэ. Онон бу умнуллубат айан оҕолор сындааһыннарын тургутар эрэ буолбатах, төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрэр, улуус историятын, уһулуччулаах дьонун-сэргэтин билиһиннэрэр сыаллаах.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Аллараа Бэстээххэ култуура киинин тутууну түргэтэтэргэ соруйда

Култуура киинэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээххэ тутулла турар. Үлэ хаамыытын Саха сирин бастакы вице-премьерэ…

34 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Үп министиэристибэтэ түмэл пуондатыгар эспэнээттэри туттарда

СӨ үбүн министиэристибэтэ  "Арассыыйа - мин историям" түмэлин пуондатыгар  байыаннай дьайыы эспэнээттэрин туттарда. Манна байыаннай…

59 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэ Хаҥаласка хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата 3,6 тыһ.киһини хабыаҕа

Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…

1 час ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүбэһит: Дьиэни ыраастааһын ньымалара

Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…

2 часа ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйаҥныырга – биир бөрөнү

Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…

2 часа ago
  • Интервью
  • Култуура
  • Сонуннар

“Щепкиннэр”  кэккэлэрин хаҥаппыт Петр Домотов

... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка,  күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…

2 часа ago