Хаартыска Сайаана Львова
Олунньу 7 күнүгэр Дьокуускай куорат Айыы Кыһатын национальнай гимназиятын 9а кылааһын үөрэнээччилэрэ байыаннай дьайыыга дойдуларын көмүскүү сылдьар саха буойуттарыгар ис сүрэхтэриттэн махтанан туран сурук суруйдулар.
Үөрэнээччилэр сылаас сымнаҕас тыллар ыраах сылдьар саха ньургун уолаттарын дууһаларын сылаанньытыа, дойдуларын тыынын биэриэ диэн эрэллээхтэр.
Оҕолор кылааска иһийэн олорон, ону-маны ырааҕынан эргитэ санаан, буойуттар төрөөбүт төрүт дойдуларыгар этэҥҥэ тыыннаах төннөллөрүгэр баҕардылар. Хайдах курдук сэриигэ ыараханын бүтэй бэйэлэрэ эттэринэн-хааннарынан сэрэйэллэрин этэн туран, Кыайыы эрэ көтөллөөх төрөөбүт сирдэригэр-уоттарыгар эргиллэн кэлэллэригэр саарбахтаабаттарын эттилэр.
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күн-дьыл туругун кэтээн көрөөччүлэр туох диллэрий? Арктика кытылынан сорох сиринэн…
Хой Бу нэдиэлэҕэ күүстээх Меркурий эн бэлиэҕэр төннүөҕэ. Ону кытта ситиһии, табыллыы, баҕа санаа туолуута…
Арассыыйа олохтоохторо 2026 сылга мунньуллар биэнсийэлэриттэн 440 тыһыынча солкуобайы биир кэмнээхтик ылыахтарын сөп диэн РИА…
Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһин пленарнай мунньаҕын улуустартан уонна нэһилиэктэртэн кэлбит…
Киин куоракка икки күн устата өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһэ үгүс дьокутааты…
Ил Дархан туһаайан этиитигэр дьоҕус урбааны өйүүр боппуруоска болҕомтотун ууруо диэн, норуот дьокутаата, Ил Түмэн…