ОҔОЛОР СУУРКУЛУ САТААН ТУТТУБАТ БУОЛЛУЛАР

ОҔОЛОР СУУРКУЛУ САТААН ТУТТУБАТ БУОЛЛУЛАР

Ааптар:
31.01.2025, 20:00
Бөлөххө киир:

Сууркул (циркуль) – эргимтэ уонна дуга сурааһынын тардарга, устаны кээмэйдиргэ уонна кээмэйи көһөрөргө аналлах инструмент.

Үөрэх бырагырааматынан оҕолор сууркулунан кыра кылаастан туттан саҕалыыллар. Аан бастаан математика уруогар эргимтэни кытта билсэллэригэр кыратык алтыһаллар. Онтон алтыс кылааска математика уруогар эргимтэ уһунун уонна төгүрүмтэ иэнин була үөрэнэллэр. Оттон сэттис кылааска геометрия уруогар үөрэнээччилэр хаптаҕай бөгүүрэлэри кичэллэн үөрэтэллэр. Балар уратыларын (признактарын) көрөллөр, тэтэрээккэ ойуулаан көрдөрөллөр.

Ону таһынан сууркул география,физика уонна черчение уруоктарыгар эмиэ туттуллар.

Туспа уруок быһыытынан черчение уруога 2019 сыллаахха суох буолбута. Бу үөрэх биридимиэтин ис хоһооно технология уруогар муодул быһыытанан киирэ сылдьар. Оттон Государственнай сэбиэт президиумун мунньаҕын түмүгүнэн 2024/25 үөрэх дьылыттан черчение уруога 5-9 кылаастарга уонна технологичкскай ол эбэтэр инженернай профилинан үөрэнэр 10-11 кылаастарга киириэхтээҕэ биллэр [http://kremlin.ru/events/state-council/70860]. Бу сонун олус үөрүүлээх буолар: черчение уруогар оҕолор чэрчилии эрэ үөрэммэттэр, кинилэр мындырдык толкуйдуур уонна кэрэни кэрэхсиир буолаллар.

Сууркул тутула

Сууркул олус сытыы уһуктаах буолан, оҕоҕо дэнтэн сэрэнии техникатын кытта билиһиннэрэр булгуччулаах. Тутулун ылан көрдөххө, сууркул төбөлөөх, икки атахтаах. Биир атаҕар грифель, оттон иккиһигэр иҥнэ туттарыллар. Атахтара 180 кыраадыска диэри икки аҥыы бараллар.

Оскуола оҕолоругар аналлаах грифель оннугар харандаас эбэтэр уруучука иилиллэр сууркул көрүҥэ эмиэ киэҥник туттуллар.

Сэрэхтээх буол

Сууркулу атын киһиэхэ биэрэргэр, атахтарын хомуй уонна төбөтүн киһиҥ диэки хайыһыннар.
Сууркулу иҥнэлээх уһугун тас өттүгэр тутума.
Остуол ньуурун иҥнэ төбөтүнэн буортулаабат курдук, үлэлиир кумааҕыҥ анныгар хортуону ук.
Туттан бүттэххинэ сууркул атахтарын сап уонна хаҕыгар төттөрү ук.

Сууркулу туттар уустук

Үгүс оҕо сууркулунан эргимтэни ойуулууругар маннык алҕастары оҥорор:

Чуолкайа суох хамсаныыны оҥороннор, радиуһу сыыһа кээмэйдииллэр. Атын радиумтаах эргимтэ тахсар.
Сууркулу эргитэллэригэр төбөтүттэн эрэ туппакка, атахтарыттан ылсаллар. Манна радиус кээмэйэ халбаҥныыр.
Суркуулу эргитэллэригэр ыараханын киинин иҥнэлээх атаҕар уурбаттар. Сууркуллара түөрэҥэлиир.

Эргимтэни оҥоро үөрэнэбит

Элбэхтэ эргимтэни сууркулунан ойуулатан, сөптөөх бытархай хамнаныыны оҥорорго оҕолору эрчийиэххэ наада. Холобур, бу курдук сорудахтары биэриэххэ сөп:

  • Араас радиустаах эргимтэлэри сууркулунан ойуулааһын. Маннык үлэ оҕо тарбахтарын эрчийэр, сууркулу сөпкө тута үөрэтэр. Төрөппүт эбэтэр учуутал оҕо сууркулу хайдах тутарын уонна сурааһын төһө чуолкай буоларын кэтээн көрүөхтээх, көннөрүөхтээх. Ол кэннэ радиус кээмэйин илиниэйкэннэн имиэ бэрэбиэркэлиэхтээх. Алҕас баар буоллаҕына, оҕо саҥаттан оҥоруохтаах.
  • Оҕо суркуулу тута үөрэммитин кэннэ арыый ыарахан сорудахтары биэриэххэ сөп. Холобур, бэлэм уруһуйу эбэтэр исхиэмэни көрөн үтүктэн ойуулааһын буолуон сөп. Эргимтэлэртэн эбэтэр төгүрүмтэлэртэн уонна бу бөгүүрэлэр быһа охсууһуларыттан үөскээбит уустук композициялары оҥоруу олус туһалаах.

Маннык үлэ оҕону сууркулу сөптөөхтүк туттарга уонна толкуйдуурга үөрэтэр. Сууркулунан эргимтэни оҥорорго оҕо эргимтэ киинин булуохтаах уонна радус кээмэйин билиэхтээх. Бэриллибит мадьыалы кытта үлэлииргэ, кини эргимтэлэр кииннэрэ турар сирдэрин болҕомтолоохтук көрүөхтээх уонна радиустар кээмэйдэрин суоттуохтаах. Онон маннык үлэ уустук буолар.

Холобур быһыытынан, эргимтэлэр быһа охсууһууларыттан тахсар сибэкки ойуутун ылан көрүөххэ.

Сууркулу туттуу хаамыыта

Алта сэбирдэхтээх сибэккини сууркулунан ойуулаан таһаарарга, тэҥ радиустаах сэттэ эргимтэни быһа охсуһуннарыахха наада. Эргимтэлэр бары тэҥ буоланнар, биир уопсай туочукалаахтар – сибэкки ортото. Салгыы тахсыбыт сибэкки тула өссө алтаны оҥоруохха сөп. Онтон уон иккини. Оҕо буккуллубатын курдук, тахсыбыт сибэккилэри тутатына кырааскалатан иһэр ордук. Манна симметрия диэн өйдөбүл көмөҕө кэлэр. Үгүс оҕо кырааскалыырыгар эмиэ бутуллар.

Хаптаҕай геометрия бөгүүрэлэрин ойуулуурга эрэ буолбакка, сабардамнаах эттиктэри оҥорорго сууркулу эмиэ туттуллар. Холобур, хаптаҕай геометрия бөгүүрэтин эргитии түмүгэр тахсар геометрия сабардамнаах эттиктэрин кумааҕыттан оҥорорго: силииндир, куонус, шар.

Маннык проектнай үлэ кыра да оҕону геомерияны үөрэтэргэ эрдэттэн бэлэмниир, тарбахтарын эрчийэр. Бөрүүрэлэри оҥоро олорон, оҕо элбэх саҥа тылы-тиэрмини билэр (бөгүүрэлэр ааттара, кырыы, орой, эркин уо.д.а.). Бу саҥа тыллар суолталарын баар эттик чаастарын тутан-хабан билэр. Оҥорор үлэтиттэн дуоһуйар буолан, саҥа билиитин уонна үөрүйэҕин дириҥник иҥэринэн, уһуннук өйүгэр хатыы сылдьар. Кэлин эксээмэн туттарарыгар бу билиитэ-көрүүтэ бэйэтэ да билбэтинэн көмөҕө кэлэр.

Атын сорудаҕы толорго эмиэ туһанабыт

Сууркул эргимтэни оҥорорго эрэ буолбакка, атын сорудахтары толорорго эмиэ олус табыгастаах тэрил. Холобур:

Кэрчиги тэҥ чаастарга араарарга. Кэрчик уһуктарыгар сууркул атаҕын уурабыт уонна тэҥ радиустаах эргимтэлэри тардабыт. Быһа охсуспут туочукаларын холбуубут. Тахсыбыт кэрчик перпендикуляр буолар уонна бэриллибит кэрчиги икки тэҥ чааска араарар.

Бэриллибит үс-муннугу тутарга. Аан бастаан үс-муннук биир өрүтүгэр тэҥ кэрчиги кумааҕыга ойуулуубут. Бу кэрчик уһуктарыттан икки атын өрүттэригэр тэҥ радиустаах эргимтэлэри тардабыт. Бу эргимтэлэр быһа охсуспут туочукалара үс-муннукпут үһүс оройун үөскэтэр. Бэриллибит кэрчикпит уһуктарын бу туочуканы кытта холбоон, үс-муннукпутун ылабыт.

Тэҥ өрүттээх сөптөөх элбэх-муннуктары ойуулуурга. Элбэх-муннук өрүтүгэр тэҥ кэрчиги ойуулуубут. Онтон бу кэрчик уктарыттан бэриллибит кэрчиккэ тэҥ радиустаах эргимтэлэри оҥоробут. Эргимтэлэр быһа охсуспут туочукаларыгар сууркул атаҕын туһаайан, саҥа эргимтэлэри оҥоробут.
Ырааҕы кээмэйдииргэ. Холобур, география уруогар каартаны кытта үлэлииргэ сууркулу туттар олус туһалаах. Онно сууркул атаҕар хараандаас үөһүн ооннугар иккис иҥнэни олордобут уонна ирдэнэр ыраахтары кээмэйдиибит. Кумааҕыга икҥэ төбөтүнэн бэлиэлэри хаалларабыт.

Түмүк: Араас садаачалары суоттуурга сууркулу туһаныы олус табыгастааҕын көрдүбүт. Ону таһынан оҕо тарбаҕын эрчийэн, толкуйдуур дьоҕурун сайыннарар кыах баарын биллибит. Онон, бу инструмент инникитин чертеж араас көрүҥүн оҥорор идэни талбыт оҕолорго эрэ буолбакка бары дьоҥҥо туһаалааҕын бэлиэтэннибит.

Наталья Спиридонова

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 января
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: