«Оҕолорбутунан, төрөппүттэрбитинэн дьоллоохпут»
Олеся Владимировна уонна Федор Федорович Колесовтар – Орто Халыма улууһун төрүт олохтоохторо.
Федор Федорович Сыбатаай бөһүөлэгэр төрөөн, улаатан орто оскуоланы бүтэрбитэ. Ийэтэ Елизавета Егоровна Колесова Ойуһардаах нэһилиэгэр оҕо уһуйааныгар сэбиэдиссэйинэн улэлиир, аҕата Фёдор Петрович Колесов, хомойуох иһин, эдэр сааһыгар күн сириттэн күрэммитэ.
Онтон Олеся Владимировна Сылгы-Ыытар нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ, кэлин төрөппүттэрин кытары ыаллыы сытар Эбээххэ көһөн кэлэн, оскуолатын манна бүтэрбитэ. Ийэлэрэ Анна Гаврильевна Слепцова Сылгы-Ыытар нэһилиэгиттэн төрүттээх, оҕо уһуйаанын иитээччитэ. Аҕалара Владимир Дмитриевич Слепцов билигин киинэ түспүт сиригэр Эбээххэ тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһинэн үлэлиир. Слепцовтар дьиэ кэргэнинэн ынах-сүөһүлээхтэр, кэтэх хаһаайыстыбалаахтар.
Эдэр ыал Колесовтар төрүт дойдуларын Орто Халыма улууһун олус таптыыллар, сүгүрүйэллэр уонна ханна да сырытталлар, киэн тутта, ис дууһаларыттан сылаанньыйан олорон сэһэргииллэр.
“Биһиги элбэх номоххо суруллубут, хоһооҥҥо хоһуллубут күүстээхтэринэн, эмис балыгынан, саас кус-хаас кэлэн түһэн сынньанар улуу эбэлэринэн, байанайдаах булчуттарынан, сайын киирбэт күннээҕинэн, кыһын күлүмнүү оонньуур дьүкээбилинэн, үлэһит туруу дьоннордооҕунан аатырар, суон сураҕырар Орто Халымабытыгар тэҥнээх дойду суоҕун кэриэтэ… Орто Халыма улууһа дьикти, кэрэ айылҕалаах дойду. Минньигэс балыгынан аатырар икки улахан өрүстээх. Биһигиттэн төһө да ыраах сыттар, айылҕалыын алтыһар буоламмыт, дойдубутун таптыыбыт, киэн туттабыт”, – диэн кэпсииллэрин истэн, бу чулуу дойдуну илэ хараххынан көрүөххүн, хатыламмат айылҕатыныын уонна үтүө-мааны дьонунуун алтыһыаххын баҕараҕын.
Харахтарынан хайҕаһан…
Кинилэр ырыаҕа ылланар, хоһооҥҥо хоһуллар «Дьоллоох Дьокуускай куоракка» устудьуоннуу сылдьан харахтарынан хайҕаһан, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн наар бииргэ сылдьар буолбуттара. Федор аармыйаҕа сулууспалыыр ытык иэһин толорон кэлбитин кэннэ эдэр дьон 2011 сыллаахха атырдьах ыйын 6 күнүгэр олохторун холбообуттара. “Нарын-намчы, наһаа үчүгэйдик үҥкүүлүүр, саҥа тыллыбыт сибэкки курдук кэрэ Олесяны көрөөт да сөбүлээн кэбиспитим”, – диэн Федор 13 сыл устата тапталларыгар бигэнэн уонна убаастаһыы, өйдөһүү, бэйэ-бэйэҕэ эркин курдук эрэнсии баар буолан дьоллоохторун туһунан сэмэйдик этэр.
Түөрт оҕолоох эдэр ыал күҥҥэ көрбүт чыычаахтара Ильдар, Илона, Владиан, Юлиана диэн сэдэхтик бэриллэр ааттаахтарын интэриэһиргээн ыйыттым. Онуоха төрөппүттэр оҕолоро туспа көрүүлээх дьон буолалларыгар баҕаран, киэҥник тарҕамматах ааттары талбыттарын туһунан этэллэр. Кырдьыга да, биир дойдулаахтара бэлиэтииллэринэн, Колесовтар улахан уоллара Ильдар эр хоһуун, күүстээх санаалаах, улахан кыыс Илона сырдыгынан сыдьаайа сылдьар, кыра уол эбээлээх эһээтин ааттарын холбоон, Владиан диэн сүрэхтэммит, кыра кыыс Юлиана ис дууһатыттан ыраас майгылаах.
Ыал эйэҕэс-сайаҕас ийэтэ Олеся Колесова 2013 сыллаахха Саха сиринээҕи тыа хаһаайыстыбатын судаарыстыбаннай академиятын бүтэрэн, билигин дойдуларыгар Эбээххэ землеустроителынан үлэлии сылдьар. Үлэни өрө туппут аҕалара Федор Колесов Чурапчы физкультурнай институтун кэтэхтэн бүтэрбитэ, Эбээх орто оскуолатыгар физкултуура учууталынан үлэлиир. Үөрэтэр, иитэр оҕолоро успуорка, чуолаан көҥүл тустууга, кэккэ ситиһиилээхтэр.
Оҕону үлэнэн иитии
Билигин тыа сирин элбэх оҕолоох ыаллара дьиэ кэргэттэригэр эбии дохуот киллэрэр туһунан толкуйдаан, ону сып-сап олоххо киллэрэ охсоллорун туһунан холобур оҥостон хаһыаппытыгар элбэхтик сырдатабыт.
Колесовтар эмиэ эбии дохуоту киллэринэр санааттан уонна оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ сыһыарар, сөбүлүүр дьыаланы тиһэҕэр тириэрдэргэ дьулуурдаах, тулуурдаах буоларга иитэр туһуттан дьиэ кэргэн дьыалатын арыйбыттара. Чахчыта да, оҕо төрөппүтүн көрө сылдьан, кини үтүө холобуруттан үөрэнэр, үлэҕэ-хамнаска такайыллар.
Эдэр дьон түргэн бэйэлээхтик быһаарына охсон, лазернай станок сакаастаабыттар. Онтон ыла мастарыскыай арыйан үлэлээбиттэрэ 4 сыл буолбут. Иккис дьиэ кэриэтэ буолбут мастарыскыайдарыгар фанераттан, органическай өстүөкүлэттэн араас сувенирдары, кэрэ-бэлиэ күннэргэ өйдөбүнньүк оҥоһуктары, ону сэргэ хаартыскалары уонна дьикти көстүүлээх наҕараадалары, оскуоланы бүтэрэллэригэр дьэрэкээн суруктаах лиэнтэлэри уо.д.а. бэчээттээн оҥороллор. Успуорт, култуура күрэхтэһиилэригэр өйдөбүнньүк бэлиэлэри оҥорорго тэрилтэлэртэн сакаас тиһигин быспакка киирэ турар. Биирдиилээн дьон олохторугар көрсөр кэрэ-бэлиэ күннэрин сиэннэригэр тиийэ тириэрдэр санааттан эмиэ үйэлээх бэлэхтэри оҥортороллор.
Бу дьарыктара имигэс илии сатабылын эрэ буолбакка, тобуллаҕас толкуйу, сакаасчыты үөрдэргэ, соһутарга, аныгылыы эттэххэ, креативнай өйү-санааны эрэйэр. Быһата, бу айар үлэ үлүскэнин сөбүлээн, улахан уоллаах-кыыстара эмиэ көмөлөһөннөр, бэйэлэрин кылааттарын киллэрсэллэр. Инникини өтө көрөн, дьиэ кэргэн биисинэһин сайыннаран, мастарыскыайдарын кэҥэтиэхтэрин, сакаастарын арааһын элбэтиэхтэрин баҕараллар.
Нэһилиэктэригэр уонна улууска успуорт күрэхтэригэр мэлдьи киирсэллэр, “Дьиэ кэргэн бастыҥ ыала” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска кыттыбыттар, нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕун көҕүлүүллэр. Оҕолор хоһоон ааҕаллар, уруһуйдууллар, тойукка, фольклор жанрдарыгар холоноллор. “Саха” Национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа “Тооку” өрөспүүбүлүкэтээҕи ойуулук күрэҕэр кыттаннар, 3 миэстэҕэ тиксэн, төрөппүттэрин, аймахтарын уонна улуустарын дьонун үөрдэн тураллар.
Колесовтар кырачааннарын кыбыммытынан аар айылҕаларыгар сынньаналларын, айылҕа быйаҥыттан бэриһиннэрэн сир аһын хомуйалларын, сиру-уоту кытта алтыһалларын олус сөбүлүүллэр. Эһээлэрэ Владимир Дмитриевич “саха ыала хайаан да сүөһүлээх буолуохтаах” диэн сылгы бэлэхтээбитин 4 төбөнөн элбэппиттэр, сылгы-сүөһү ииттэллэр.
«Кыһалҕалары сүгэһэр оҥостубакка…»
“Төһө да хоту дойдуга олох ыарахан диэтэллэр, улууспутугар улааппыт уонна атын сиргэ тэлэһийбэтэх буоламмыт, баар кыһалҕалары сүгэһэр оҥостубат буоларга кыһаллабыт. Ол эрээри, төгүрүк сыл устата суолбут күчүмэҕэйдэри үөскэтэр, ону тэҥэ сыанабыт ыарахан. Үөрэҕи саҥа бүтэрбит, саҥардыы атахтарыгар туран эрэр эдэр дьоҥҥо ыарахаттардаах буолуон сөп. Биһиги төрөппүттэрбитин, аймахтарбытын уонна бэйэ-бэйэбитин кытары өйөһөн-өйдөһөн олорор буоламмыт, кыһалҕалары этэҥҥэ аһарабыт дии саныыбыт”, – дэһэллэр Колесовтар.
Үөрэ-көтө бэлиэтээн эттэхпитинэ, “Саха сирэ” хаһыат быйыл Туймаада ыһыаҕар ыыппыт “Дьиэ кэргэнинэн ыллыыбыт” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕэр ыраах Орто Халыма улууһуттан кэлэн кыттар буолбуттарыгар олус соһуйбуппут уонна үөрбүппүт. Ол үөрүүнү аҕалбыт дьоммут Колесовтар этилэр. Кинилэр түөрт оҕолорунуун кэлэн, Сунтаартан төрүттээх Зинаида Федотова-Дьол Кыымын тылларыгар, Мария Семенова матыыбыгар “Дьиэ кэргэн – дьол уйата” диэн ырыанан кыттан, ырыаларын ис хоһоонунан куонкуруспут сыалын-соругун чопчу өйдөөн талбыт кыттааччылартан биирдэстэринэн буолбуттара.
Колесовтары кытары кэпсэтэн билсибиппит, кинилэр бу куонкурус туһунан истэн олус үөрбүттэр. Тоҕо диэтэххэ, быйыл атын сиргэ сынньана барар былааннаах сылдьыбыттар. Ол кэмҥэ хата бу ырыа куонкуруһа буоларын туһунан биллэриигэ түбэһэн, бэйэлэрэ да соһуйбуттар. Итиччэ ыраах тиийэн баран, куонкуруска кыттан, дьоҥҥо дьолу бэлэхтиэххэ диэн баҕа санаалара баһыйан, биһиги куонкуруспутугар бэйэлэрин сөбүлэтэн тураллар. Онуоха кинилэр дойдуларыгар араас тэрээһиннэргэ кытталлара, дьиэ кэргэнинэн ыллыыллара, оҕолорун айар дьоҕурдарын уһугуннарарга үлэлэһэллэрэ улахан куонкуруска кыттарга эрэл кыымын сахпыт.
Онон Колесовтар тэрилтэҕэ үлэлиир киһи икки сылга биирдэ айанын ороскуотун толуйтарар быраабын туһанан, оҕолорун ыраах илдьэн сынньатарга быһаарыммыттар.
“Быйыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сыллара биллэриллибитэ. Онно да сөп түбэһиннэрэн уонна оҕолорбут доруобуйаларын чэбдигирдэр туһугар Дьокуускайга уонна Владивостокка муора салгыныгар дуоһуйа сынньанан кэллибит. Оҕолорбутугар саҥа куоракка барыта сонун, дьикти. Ыллыыр фонтаны, Арассыыйаҕа биир саамай улахан океанариуму көрөн улаханнык сөхтүлэр, астыннылар, ордук муораны сэргээтилэр. Оҕолорбут бэйэлэрэ да дьиэ кыылларыгар сыстаҕас буолан эбитэ дуу, эриэккэс кыыллардаах Сафари пааркаҕа кыылларын тутан-хабан, имэрийэн көрөн олус астыннылар», – диэн дьэ кэргэнинэн сынньалаҥнарыттан кылгастык билиһиннэрдилэр.
«Ойуурдаах куобах охтубат»
– Оҕолоргутун иитиигэ туох эмэ ураты кистэлэҥнээххит дуо?
– Халыма дьоно буоларбыт быһыытынан, аҕабыт уолаттарын саас, күһүн куска, кыһын балыкка, сылы эргиччи дьиэ ис-тас үлэтигэр илдьэ сылдьар. Ону сэргэ эбээлээх-эһээлэригэр ынах-сүөһү көрүүтүгэр көмөлөһөллөр. Оҕолорбутун төрөөбүт дойдуларын таптыырга, иитэн-аһатан олорор дойдуларыгар махталлаах уонна бэриниилээх буола улааталларыгар, аҕа саастаахтары убаастыырга уонна куруук аптаах тыллары тутта сылдьалларыгар үөрэтэбит. Тэрээһиннэргэ барытыгар дьиэ кэргэнинэн тутуспутунан кытта сатыыбыт, оҕолорбутун олоххо сэргэх көрүүлээх буолалларыгар бэйэбит холобурбутунан иитэргэ кыһаллабыт. Элбэх оҕолоох буолан, бэйэ-бэйэлэрин көрсөн сааратыһар буоланнар, улахан кыһалҕалары көрсүбэппит.
Оҕону иитиигэ туох ыарахаттары көрсөҕүтүй диэн ыйытыыгар хоруйдаатахха, билигин Куйаар ситимэ сайдан турара биир өттүнэн үчүгэйдээх, биир өттүнэн соччото суох. Араас көҥүллэммэт, бобуулаах иһитиннэриилэри ылаллар, ону оҕо уйан сүрэҕэ олус чугастык иҥэринэр …
– Бэйэҕит төрөппүттэргит эһигини ииппиттэриттэн ылар холобурдардааххыт дуо?
– Биһиги төрөппүттэрбит бэйэлэрэ элбэх оҕолоох ыалга төрөөннөр, төрөөбүт дойдуларын таптаан, онно үлэлии-хамсыы, тыа хаһаайыстыбатын өрө тута сылдьар дьон. Кинилэргэ олох кэрэ кэмнэрин сыаналааһын, таптааһын, удьуор ситимин салҕааһын, өбүгэбит үгэстэрин тутуһуу, айыы үөрэҕин, үлэни өрө тутуу – олохторун тулхадыйбат тутааҕа. “Ойуурдаах куобах охтубат” диэн өс хоһоонун тутуһан, дьоммутун, аймахтарбытын кытары ситиммитин быспакка, өйдөһөн-өйөһөн олоробут. Халыҥ аймахтаахпытынан киэн туттабыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: