Оҕолордоох дьиэ кэргэттэри өйөөһүн кэнники биэс сылга
Ол курдук, 2019 сылтан эрэгийиэн таһымыгар «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн, дьиэ кэргэҥҥэ бастакы, иккис, үһүс оҕолор төрөөһүннэригэр көрүллэр көмөлөр олохтоммуттара. 2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн төрөөбүт оҕоҕо Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн «Дети столетия» диэн тус сыаллаах хапытаал олохтоммута. Бу төлөбүр өссө биэс сылга — 2027 сылга диэри уһатыллыбыта. 2024 сылга бу хапытаал сууммата 110 775 тыһ. солк. тэҥнэһэр.
Елена Волкова бэлиэтииринэн, олорор дьиэ усулуобуйатын тупсарыы миэ баар.
«Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн маннык хапытааллары олорор дьиэ усулуобуйатын тупсарыыга туһаналлар. Бары көмөлөр суумаларын эптэххэ — 1 мөл.солк. тахсар. Бу төлөбүрдэри барытын ипотеканы сабыыга эбэтэр олорор дьиэ усулуобуйатын тупсарыыга туһаныахха сөп», –диир Елена Волкова.
Маны сэргэ чэпчэтиилээх айаннары туһаныыга ааспыт сылга Уһук Илин хайысхатынан 20 тыһыынчаттан тахса киһи туһаммыт.
Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин оҕолордоох дьиэ кэргэттэри өйөөһүҥҥэ улахан болҕомто уурар. 2019 сылтан кини көҕүлээһининэн «Демография» национальнай бырайыак үлэлиир.
Аҕыйах хонуктааҕыта РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин «О мерах социальной поддержки многодетных семей» диэн ыйааҕа тахсыбыта. Кини дойду бырабыыталыстыбатыгар элбэх оҕолоох дьиэ кэргэни туоһулуур биир кэлим дастыбырыанньаны оҥорор туһунан эппитэ.
Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3384932 манна көрүҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: