Салгыы
Оҕолордоох, сиэннэрдээх эрээри…

Оҕолордоох, сиэннэрдээх эрээри…

Ааптар:
22.09.2024, 15:00
Хаартыска: perfectstock.ru
Бөлөххө киир:

Олох киһини араастаан мускуйар: үөрдэр да, ытатар да, хомотор да… Дьон олоҕо арааһын истэ-билэ, көрө сылдьабыт. Онтон элбэххэ үөрэнэрбит буолуо дуо, диэн ыйытыы үөскүүр.

Григорий Павлович эдэр-сэнэх эрдэҕиттэн биир улахан тэрилтэни өр сылларга салайбыта. Онон үп-харчы да өттүнэн улаханнык кыһарыйтарбакка, “сай-сат” диэн, кыахтаахтык олорбута. Оҕолоро хаһан да кырыымчык олох диэн тугун билбэккэ улааппыттара. Барыта баара, ол баары, этэргэ дылы, халлаантан түһэр курдук санаан улааппыттара. Кэргэнэ, дьүөгэлэрэ ымсыырыахтарыгар тиийэ араас дьэрэкээн таҥаһы таҥнара-симэнэрэ.

Сыл — хонук дииллэр

Киһи олоҕун түннүгүнэн чыычаах көтөн ааспытыгар тэҥнииллэрэ, кырдьык. Сыл- хонук дииллэринии барыта бэрт түргэнник элэгэлдьийэн ааспыта. Оҕолор бары улаатан, ыал буолан, ону ааһан өссө атын киин куораттарга олохсуйбуттара. Этэргэ дылы, төрөөбүт ньээкэ уйаларыттан ыраах сиринэн тэлэһэйбиттэрэ. Манна ким, туох буруйдааҕый? Арааһа, киин куораттар үрдүк үөрэхтэрин кыһаларыгар идэ ылбыттара буолуо дуу? Григорий Павлович хара бэйэлээх баттаҕа маҥхайан, маҥхайа сатаан баран кураҥсыйбыт курдуга. Кэргэнинээн икки этээстээх ат сүүрдэр киэҥ дьиэлэригэр өр бэйэлэрэ эрэ олороохтообуттара. Ханна эрэ ыраах, эмиэ да сиэннэрдээх курдуктар, эмиэ да суох курдук… Киин куорат курдук ыраах сиртэн икки сылга биирдэ охсуллан ааһар сиэннэр улаханнык чугаһаабатахтара. Григорийдаах аттыларыгар олорор ыаллара Алексеевтар, сиэннэрэ сайын араас улуустартан муһуннахтарына, бүтүн оҕо саада буолаллар. Дьоҕус бассейҥҥа сөтүөлээн чомполоноллор, уунан ысыһан үөрэллэр-көтөллөр. Григорийдаах ымсыыраахтыыллар эрэ, ырыых-ыраах ханна эрэ баар сиэннэрин санаан үөһэ тыынан ылаахтыыллар.

Эмискэ атын сиргэ көһүү

Григорий кэргэнэ соһуччу ыалдьыбыта уонна ол курдук эмискэ анараа дойдуга күрэммитэ. Ийэлэрин тоҕус хонугар оҕолор, олох ыксаабыттыы, аҕаларын биһигини кытта булгуччу барсаҕын уонна бу уораҕай дьиэни атыылыыбыт диэн, киниттэн ыйыппакка да, үрдүттэн быһааран кэбистилэр. Иһигэр олус абаккытыйбыта да, утары биир тылы саҥарбатаҕа. Ол түүн олох утуйбатаҕа, олорон ааспыт олоҕун барытын эргитэ санаан көрбүтэ. Аны кэлэн бу билиҥҥи баар балаһыанньаны уларытар кыаҕа суоҕуттан уонна кырдьар сааһыгар ханна эрэ атын сиргэ барарыттан ытаан ылбыта. Сиэннэригэр чугаһыырыттан, арай, кэм уоскуйбута.

Улахан сөмөлүөт биир киин куорат авиапуордугар түспүтэ. Григорий сөмөлүөттэн тахсаатын кытта ип-итии салгын саба биэрбитэ, этэ-сиинэ ону хайдах эрэ атыҥараабыттыы дьиһигис гыммыта. Сиэннэрбин кууһуом, сырылаччы сыллаталыам диэбитэ, адьас атын хартыына буолла. Биир курдук, оҕолор добуоччу улаатан хаалбыттар, иккис курдук, ыраахтан эһээбит кэллэ диэн, адьас ымманыйа көрсүбэтилэр. Сорох сиэннэр атыҥыраан, оннооҕор “дорообо” диэн биир тылы эппэккэ, хосторун диэки хаампыттара.

Григорий Павлович итинник тоҥкуруун сыһыантан олус хомойбута, таах сибиэ кэлбитин тута өйдөөбүтэ. Аны төннөр кыах суох. Икки этээстээх уораҕай дьиэ атыыланан, харчыта хайыы-үйэ оҕолорунан үллэһиккэ барбыта. Өссө улахан сиэн, миэхэ өлүүлээбэтэх дуу, диэн мөҥүттэ олорорун күлүү-салыы курдук оҥостон, кэпсэл-ипсэл гыммыттара.

Соҕотохсуйуу

Григорий дьоно сарсыарда аайы үлэлии бараллар. Киэһэ хойут биирдэ кэлэллэр. Кийиит кыыс бастаан ас астаабыта буолан баран, кэлин тиһэҕэр, халадыынньыктан таһаарынан, бэйэҥ астан диэтэ. Кинилэр үксүгэр киэһэ эрэстэрээннэргэ сылдьан аһаан кэлэр аатырдылар. Кини үйэтигэр да амсайан көрбөтөх суши диэн астарыттан икки-үс ордубутун аҕалан амсай диэбиттии, утары ууналлар. Эгэ сиэннэр түптээн олорон аһыахтара баара дуо, хачыгырас суулаах бакыаттартан тугу эрэ сиэн мотуйаллар. Григорий айаҕар олох табыллымаары гынна, дойдутугар курдук хаһалаах убаһа ойоҕоһо, сыалаах баайтаһын сүөһү этэ кэлиэ баара дуо? Бааһынай ырыынагыттан талбыт соботун ылан мииннээн иһэрин эмиэ туохтааҕар да аҕынна. Аны туран, табаарыстара кэллэхтэринэ, ирэ-хоро кэпсэтэрин, саахыматтыырын уонна биир-икки үрүүмкэ ханньаагы «мэлис» гыннарарын бэл түүлүгэр көрөр буолла. Уола киэһэ кэллэҕинэ да аҕыйах тылы кэпсэтээт, отчуоттаах аатыран хоһугар киирэн сүтэр. Кийиит кыыс букатын да ырааҕынан сылдьар, утары көрүстэҕинэ, хата, дорооболоһон абырыыр.

Билбэт-көрбөт сиригэр-уотугар таһырдьа соччо-бачча сылдьыбат, биирдэ эмит тахсан муора кытыытынан хаампыта буолар. Дьэ маннык, биир сыл курдук түөрт эркин иһигэр олороору биллэрдик дьүдьэйдэ, кырыйда. Киһини санаа-оноо сиир, кэбирэтэр эбит диэн сөпкө да этэр эбиттэр.

Холдьоҕуллуу

Биир сарсыарда кийиит кыыс, биһиэхэ оруобуна сыл олордуҥ, онон аны атын оҕоҕор баран кыстыахтааххын, диэтэ уонна бу күннэргэ барарыгар эттэ. Ол да этиитин эйэҕэстик буолбакка, олус кытаанахтык эппититтэн Григорий адьас үүрүллүбүт курдук сананна. Ол түүн хараҕын биирдэ да симэн көрбөтө, көмүскэтин уута биир кэм тохтоло суох тоҕунна… Ааспыт олоҕун, кэргэнин санаан ылаталаата.

Ускул-тэскил сылдьыы

Григорий атын куоракка кыыһын аахха барардыы оҥостон, таһырдьаны былдьаста. Дьолго биэнсийэтэ баҕас баар, ол харчыга дьоно аах улаханнык дураһыйбатахтара. Улахан тэрилтэни салайбыт буолан, оҕонньор син эрэх-турах сананан, муора таһыгар кыра хос оҕотун арыандалаан олорбута буолла. Нэдиэлэ курдук буолла даҕаны, киниэхэ ким даҕаны наадыйбатаҕыттан олус кэлэйдэ. Тахсан барбыт дьиэтин хаһаайыттара даҕаны, тиийиэхтээх сирин дьиэтин-уотун дьоно даҕаны, хайа тиийдиҥ дуо эбэтэр айаннаан иһэҕин дуо, диэн токкоолоспотулар. Ыксаан бэйэтэ эрийэн, хос арыандалаан олорорун туһунан кыыһыгар эппитигэр, чэ, бэркэ быһаарыммыккын, итинник олороҕун буоллаҕа, диэн харданы иһиттэ.

Соһуччу «уолунаан» көрсүһүү

Григорий кыра хоһугар ыйтан ордук олордо. Күн аайы муора кытыытыгар күүлэйдиир. Биэнсийэтэ улахан буолан, син тиийэр. Кырдьаҕас киһи төһөнү аһаахтыай-таҥнаахтыай… Биир күн муора кытылынан улахан ботуоҥка суумканы туппутунан күүлэйдии сылдьан, соһуччу, тэрилтэтигэр үлэлиир кэмигэр бэккэ өйөөбүт, үөрэппит-такайбыт уолун Василийы көрсө түстэ. Кини кэргэнинээн уонна икки оҕотунаан муораҕа сынньана кэлбиттэр. Василий хайыы-үйэ улахан тэрилтэҕэ сүрүн инженеринэн үлэлии сылдьар эбит. Урукку салайааччыта маннык кэри-куру, эргэ-урба таҥастаах-саптаах, улахыын-улахан ботуоҥкалаах сылдьарын көрөн, олус сөхтө уонна дьиксиннэ.

Аһаҕастык кэпсэтии

Василий дьонун, бакаа бэйэҕит күүлэйдээҥ, диэтэ. Оҕонньору окумалыттан ыга тутта уонна тоҕо манныкка тиийбитин аһаҕастык кэпсииригэр, модьуйардыы эттэ. Григорий уолу хоһугар ыҥыран, онно бардылар. Василий аара атыылааччылартан ханньаак ылла. Ыт уйатын курдук ыыспаҕа киирэн өр да өр кэпсэттилэр. Оҕонньор туохха-туохха түбэспитин ыраас мууска ууран биэрэрдии, барытын кэпсээн биэрдэ. Сахатын тылынан туох баарын сайа кэпсээбититтэн дууһалыын чэпчииргэ дылы буолла, этэргэ дылы, ыар сүгэһэртэн аҕыйах да кэмҥэ босхоломмут курдук сананна. Василий, уруккута киириилээх-тахсыылаах, сатабыллаах салайааччыта маннык олохтоммутуттан олус диэн саллыбыта, кэлэйбитэ. Бэрт сотору билсиэх буолан таһырдьаны былдьаспыта уонна бииргэ үлэлээбит, үлэлии сылдьар уолаттарыгар эрийтэлээн, урукку салайааччылара, настаабынньыктара, аҕа табаарыстара хайдах-туох сылдьарын барытын сиһилии кэпсээн биэрбитэ. Араас салааларга таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар уолаттара ону истэн олус соһуйбуттара да, хараастыбыттара да.

Төрөөбүт дойдуга үктэнии

Уолаттартан биир сытыылара-хотуулара, ыстаарысталара Григорий Павловиһы төрөөбүт дойдутугар олохтуурга этии киллэрбитэ. Киэҥ-куоҥ уһаайбатыгар икки мэндиэмэннээх дьиэ аттыгар дьоҕус дьиэҕэ олохтуурун туһунан эппитэ. Уолаттар бары кыттыһаннар, Григорий Дьокуускайга Василийдаах сөмөлүөттэрин эриэйсигэр көтөр билиэтин атыылаһа охсубуттара. Григорий Дьокуускай авиапордугар сөмөлүөттэн тахсаатын кытта дойдутун мүөттээх сибиэһэй салгына муннун саба биэрбитэ. Эчи үчүгэйин — дойдугар үктэнэр. Итинтэн үөрэн, оҕонньор харахтара уунан туолбута, олус долгуйан, мыччыстыбыт тарбахтарын бобута туппута…

Григорий Павлович бүтэһик күннэригэр диэри ол ыал уһаайбатыгар дьоҕус дьиэҕэ олорбута. Атын да дьиэ, атын да ыал буолбутун иһин, саамай сүрүнэ — төрөөбүт төрүт дойдута буоллаҕа…

Иннокентий Александров.

+1
59
+1
1
+1
0
+1
2
+1
8
+1
2
+1
11
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -3°C
  • Ощущается: -7°Влажность: 68% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: