“Эчи, дьиктитин. Ол миигин туох диэн хаһыакка таһаараары гыннахтарай? Бачча тухары дьонтон туохтан да хаалсыбакка даҕаны, тугунан да чорбойбокко даҕаны олорон, үлэлээн кэлбит курдукпун. Тугу да кэпсиирим да суох курдук. Бээ, хайдах гыныах баҕайыный? Бу да ынах ханна баран сүтэн хааллаҕай?!” – Болуодьа оҕо сааһыттан сүүрбүт-көппүт, хаампыт-сиимпит аҕай суолунан ынаҕын көрдүү Тураайы диэки хааман иһэн ону-маны эргитэ саныы истэ.
Дьон кинилэри тулаайах улааппыт оҕолор дииллэр даҕаны, кини хаһан да оннук санамматаҕа. Уонна баайынан-дуолунан өттөйөр да киһи суох буоллаҕа оччолорго. Үгүс оҕо “интэринээт хааһытын сиэн” улааттаҕа. Ийэлэрэ Анна Васильевна Гаврильева куруук балыыһаҕа сытарын өйдүүр. Ол сытан өссө кэмпиэт кэһии ыытар этэ. Ийэ тапталынан угуттаммыт ол кэмпиэттэр наһаа да күндү, минньигэс буолаллара! Оҕолору көрө диэн Одьулуунтан эдьиийдэрэ Өлөксөөс (Александра Васильевна Гаврильевна) кэлэн олорбута. Ийэлэрэ өлөрүгэр улахан кыыс Даайыс тоҕус саастаах, кини биэстээх, Настаа үстээх, Сөдүөт иккилээх хаалбыттара. Аҕалара Стин Пудович эмиэ ыарытыйар этэ даҕаны, оҕолорун атахтарыгар туруораары үчүгэйдик да эмтэммэккэ үйэтин тухары үлэттэн илиитин араарбатаҕа. Кинилэр Сэргэ Бэскэ олорор кэмнэригэр сүөһү көрүүтүгэр сылдьыбыта, Сулҕаччыга кэлэн баран сылгыһыттаабыта. Барыларын үлэһит дьон оҥортоон баран 65 сааһыгар бараахтаабыта.
Кэнники оҕолорго ийэлэрин солбуйа улахан кыыс Даайыс хаалбыта. Ол да иһин буоллаҕа, төһө да билигин ийэ-аҕа, эһээ-эбээ буолан олордоллор, барыларын туһугар саамай долгуйааччылара, саамай быһаарыылаах тыллаахтара, көмө-тирэх буолар киһилэрэ билиҥҥэ диэри эдьиийдэрэ Даайыс.
Дьиэлэрэ суох буолан өргө диэри ыалларга дьукаахтаһан олорбуттара. Оччолорго бэйэлэрэ даҕаны элбэх оҕолордоох, кыараҕастык олорор ыаллар аккаастаабакка олордоллоро. Онтон, дьэ, 1975 с., кини 15 сааһын туолуута, аҕатын табаарыстара – сылгыһыттар Саһылтан көһөрөн аҕалбыт былыргылыы тутуулаах дьиэлэрэ олус да киэҥ, сырдык буолан көстүбүтэ! Бэйэлэрэ бас билэр, көҥүл сүүрэр-көтөр, көҥүллүк тыынар дьиэлэммиттэрэ. Саамай кыралара Сөдүөт саҥа оронугар тиэрэ түһэн сытан “Бэйэ дьиэлээҕэ үчүгэй даҕаныы!” – диэбитэ кулгааҕар бу баардыы иһиллэр. Сөдүөт… Саамай кыраларын улахан оҕолор бары олус харыстаан, маанылаан улаатыннарбыттара. Кэргэннэнэн, оҕолонон-урууланан эмиэ быр-бааччытык олорбута баара… Мас кэрдэ сылдьан баара эрэ 53 сааһыгар оһоллонон суорума суолламмыта. Ыарахан да күннэр ааспыттара…
Болуодьа үүйэ-хаайа туппут санаатыттан аралдьыйаары эргим-ургум көрүннэ: “Бэйи эрэ, бу ынах көстүбэтэ ээ. Тоҥуу да, ардахха сытыйыы да буолла. Кэбис, дьиэҕэ төннөн сылаас киллэринэ чэйдээн баран салгыы көрдүү барыыһыбын. Бириэмэ да ырааппыт”, – дии санаан хааман иһэр ыллыгыттан туораан дьиэтин диэки быһа түстэ.
Сулҕаччы бастыҥ ыала
Владимир Стинович Капитонов билигин Амма улууһун Сулҕаччы нэһилиэгин биир быр-бааччы олохтоох ыалын аҕа баһылыга буолан олорор. Алта оҕолоох, уонтан тахса сиэннээх. Аанчык, Ганя, Айта оҕолонон-урууланан Сулҕаччыга олохсуйан үлэ-хамнас үөһүгэр сылдьаллар. Айта игирэтэ Ньургун Чурапчыга “Айыллаан” култуура киинигэр үлэлиир, эмиэ кэргэннээх, оҕолордоох. Кыра кыыс Дарина Дьокуускайга олорор, үлэлиир. Арай улахан уол Владимир билигин СВО-ҕа сылдьар. Онон олохторо айманан, сүрэх-быар ыарыыта буолан олороллор.
Владимир Стинович, урукку кэм сиэринэн, үлэҕэ-хамнаска олох кыра сааһыттан сыстыбыта. 5-с кылааһы бүтэрээт, холкуос, кэлин сопхуос солбуллубат отчута буолбута. Соморсун орто оскуолатын 1977 с. бүтэрбитэ, 1982 с. аармыйаҕа сулууспалыы барбыта. Аармыйаттан кэлэн баран Алтаннааҕы СПТУ ветеринарнай отделениетыгар үөрэнэ сылдьан сайын быраактыкалана Сулҕаччыга тахсыбыт Үөһээ Бүлүү Кэнтигиттэн сылдьар Маняны сөбүлүү көрбүтэ. Кыыс даҕаны номоҕон дьүһүннээх, аҕыйах саҥалаах, оттомноох, үлэһит уолу хайгыы көрбүтэ. Онон 1985 с. Мария Даниловнаны кытта холбоһон күн бүгүҥҥэ диэри бур-бур буруо таһааран олорон кэллилэр.
Үлэни өрө тутан
Кини ханна да үлэлээтэр – сүөһү иитиитигэр да буоллун, сылгыһытынан да, тутуу биригээдэтигэр даҕаны, куруук чиэс-суобас быһыытынан үлэлиирин ордороро. Кини туппута-ылсыбыта барыта дьып-дьап, ыраас буолара, ыһыллаҕас-тоҕуллаҕас, аатыгар эрэ саллаҥныыр үлэни үйэтин тухары ылыммакка кэллэ. Оҕолорун эмиэ итинник иитэн-такайан улаатыннарда.
11 сыл пилорамщиктаабыта. Сулҕаччыга оскуола, буоста, оҕо уһуйаанын тутууга пилорамаҕа мас таһаарыытыгар сылдьыбыта, Култуура киинин тутууга быһаччы үлэлэспитэ. Ол дьиэлэр бүгүн нэһилиэк сүрүн тутуулара буолан ньир-бааччы үлэлии туралларын кини билигин астына көрөр. Онтон 1987 сылтан 2015 сылга диэри, биэнсийэҕэ тахсыар диэри, кыһынын ОДьКХ-ҕа хачыгаарынан үлэлээбитэ. Хочуолунайга Болуодьа дьуһуурустубаҕа турбута тута биллэр, дьиэ тута сылыйар диэн нэһилиэгин дьоно куруук махтаналлара. Үтүө суобастаах үлэтэ элбэх кырааматанан, махтал суруктарынан бэлиэтэммитэ.
Булчут, балыксыт бэрдэ
Капитоновтар сахалыы сиэри-үгэһи тутуһан олорор биир эмиэ ураты ыал. Үйэлэрин тухары сүөһү иитэн кэллилэр. Быйыл 9 төбө сүөһүнү, ол иһигэр 5 ыанар ынаҕы, кыстатар санаалаахтар. Биир кэмҥэ муҥутаан 10 ыанар ынахтана сылдьыбыттара. Кэргэнэ Мария ыалдьар буолуоҕуттан сүөһүлэрин аччаппыттара. Владимир Стинович сүөһүлэрин бэйэтэ көрөр-истэр, аһатар, киллэрэр-таһаарар. Дала, кыбыыта ырааһынан дьону сөхтөрөр: хаһан да кэл, ыһыллыбыт-тоҕуллубут оту, биир да сүөһү сааҕын булуоҥ суоҕа. Ыал буолбут оҕолоругар сүөһү анаан ыытар үгэстээхтэр. Аны сиэн төрөөтөҕүн аайы ньирэй биэрэллэр. Арай “үбүлүөйдээх” 10-с сиэннэригэр Альмираҕа бүтүн ынаҕы анаабыттара. Ол ынахтара бааттаах буолан биэрбитэ – игирэлэнэн соһуппута. Ол иһин Сулҕаччыга баар оҕолоро бары сүөһү тутан олороллор.
Владимир Стинович бааттаах булчутун таһынан, балыксытынан биллэр. Ыал буоллахтарын утаа кэргэнин ийэтин көрө диэн Кэнтиккэ кыстаан кэлбиттэрэ. “Илимнииргэ, куйуурдуурга, туулуурга, балык үөскэтэргэ аймахтарбыттан үөрэнэн кэлбитим. Кинилэр балыгы “ампаардаах ас” диэн ааттыыллар. Кэлэн баран аан бастаан доҕорбун Михаил Неустроевы кытта Эбэҕэ куйуурдаабытым. Дьэ, балык бөҕөтүн туппуппут оччолорго”, – диэн кэпсиир кини. Силээхтэ Чараҥын, Чэҥкээйи, Андыгый, Тураайы күөллэригэр собо ыытан кэлин онно илимниир, туулуур буолбута. Күөх Боллох ол аайы эмис собонон күндүлүүр. Ити тухары күөллэригэр куруук сатыы сылдьан кэллэ. Билигин сааһыран, Тураайыга эрэ ыытар.
Бултууругар эмиэ былыргылыы туһахтыыр үгэстээх. Ордук куобах элбээбит кэмигэр. “Бу дьарыга ордук 90-с сылларга, хамнас да кэлбэт, ас-үөл да мэлийбит кэмигэр, биһиэхэ, элбэх оҕолоох дьоҥҥо, улаханнык туһалаабыта. Куобах атыылаан ас-үөл, оҕолорго таҥас-сап атыылаһар этибит, – диэн кэргэнин диэки сылаас-сылаастык көрөн ыла-ыла кэпсиир Мария Семеновна. – Оннооҕор билбэт дьонноро кытта кини куобахтыырын истэн куобах тириитин ылаары чопчу кинини ааттаан кэлэллэрэ. Оҕолорун үөрдээри биир сыл икки тыыннаах куобаҕы тутан аҕалбыта. Оҕолор үөрүү бөҕөтө этилэр, бэйэлэрэ аһан-сиэтэн, көрөн-истэн кыстаппыттара. Айта дьиэҕэ куобаҕы иитии туһунан научнай дакылаат суруйан араас таһымнаах күрэхтэргэ кыттыбыта. Уолаттарын кыра эрдэхтэриттэн окко, булка бэйэтин кытта илдьэ сылдьан үлэҕэ-хамнаска, тыаҕа-хонууга сылдьыы сиэригэр-туомугар, булт үгэстэригэр үөрэппитэ-такайбыта”.
“Сэрии диэни билбэккэ улааппыт көлүөнэбит”
Владимир Стинович Саҥа дьыл кэнниттэн 65-с хаарыгар үктэниэҕэ. “Бу олорон кэлбит олохпун олох сирбэппин. Сэбиэскэй кэмҥэ төрөөн көҥүл көччүйбүт дьон буоллахпыт биһиги көлүөнэ. Үөрэн, үлэлээ – барыта аһаҕас, судургу этэ. “Брежнев оҕолоро” буоллахпыт.. Билиҥҥи кэми да улаханнык сирбэппин. Үлэлиэххэ эрэ наада. Сүрэхтээх киһи хаһан да өлөн-охтон биэрбэт. Арай бу билигин буола турар байыаннай дьайыылар түргэнник түмүктэнэллэрин, оҕолорбут дьиэлэригэр-уоттарыгар этэҥҥэ эргиллэллэрин кэтэһэбит”, – диэн баран чочумча кэпсээнин тохтотон саҥата суох барар. Онтон төбөтүн өндөтөн истиэнэҕэ ыйанан турар чаһы диэки көрөн ылар. Кини сүппүт ынаҕын бүгүн үһүстээн көрдүү барыахтаах. Онон син биир күн былдьаһыгар сылдьар.
ТАТЬЯНА ПАВЛОВА.
АММА, СУЛҔАЧЧЫ СЭЛ.
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…