В.Г. Белинскэй аатынан краеведческай бибилэтиэкэҕэ эко-фэнтези талааннаах ааптара Анастасия Дарбасова-Данилова «Ытык күөл кистэлэҥэ» («Тайна священного озера») диэн аудиокинигэтин сүрэхтэниитэ буолан ааста.
Соторутааҕыта айылҕа харыстабылын тэрилтэтигэр өр сылларга үлэлээбит Анастасия Дарбасова-Данилова оҕолорго аналлаах «Кытархай хопто мүлчүргэннээх сырыылара» («Приключения розовой чайки») кинигэтэ тахсыбыта.
Анастасия Васильевна суруйааччы эрэ буолбатах, кини айылҕа харыстабылын уопсастыбаннай үлэһитэ уонна социальнай актыбыыс, Арктическай оскуола преподавателэ уонна Саха сиринээҕи дьахталлар тэрилтэлэрин сойууһун көхтөөх чилиэнэ. Кини үлэлэрэ айылҕаны таптыырга уонна экология суолтатын дириҥник өйдүүргэ үөрэтэр аналлаахтар диэн иһитиннэрэр СӨ Экологияҕа министиэристибэтин пресс-сулууспата.
Кини «Ытык күөл кистэлэҥэ» аудиокинигэтэ истээччилэри айылҕа алыбыгар ситимниир дьикти турукка киллэрэр. Бу айымньыга эмтиир күүстээх эрэ буолбакка, элбэх кистэлэҥи кистэлэҥнэрдээх күөл туһунан кэпсэнэр.
Бу күннэргэ "Саха сирин амтана" гастрономическай бэстибээлгэ киин куорат эрэстэрээннэрэ саха төрүт аһын эрэ буолбакка,…
Дьокуускай куорат дьаһалтатын Административнай хамыыһыйата 2024 сыл ааспыт ыйдарын түмүгүнэн «бэрээдэгэ суох» 10 түүҥҥү аһыыр…
Бу күннэргэ Судаарыстыбаннай баһаарынай сулууспа Аллайыаха улууһунааҕы 1 №-дээх баһаарынай чааһыгар уонна Үөһээ Бүлүү улууһунааҕы…
Сарсын, ахсынньы 1 күнүгэр, «Саҥа дьыл Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл чэрчитинэн, аан бастаан «ЗИМАFEST» тэрээһин…
Бу күннэргэ Тымныы хаһаайына Чысхаан Тымныы полюһуттан Өймөкөөнтөн айанаан, дойду тэбэр сүрэҕэр Москваҕа тиийэн Пиэрибэй…
Бүлүү дэлэгээссийэтин кытта байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар гуманитарнай көмө илдьиһэн иһэн, бириэмэ көстүбүччэ, Москваҕа Саха…