Саха сиригэр аан бастакытын Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар сөп түбэһэннэрэн, “Билет в будущее” федеральнай бырайыак иитинэн “Идэ бэстибээлэ” диэн идэҕэ туһаайар тэрээһин буола турар.
Алтынньы 18-22 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ 800-чэкэ үөрэнээччитэ фармацевт, сити-фермер, гейм-дизайнер, психолог арт-терапевт, сценарист, фотограф, геолог, сиэстэрэ, мобильнай сыһыарыыны оҥорооччу, о.д.а. идэлэри кытта билсиэхтэрэ. Тэрээһин “Арассыыйа – мин устуоруйам” устуоруйа пааркатыгар ыытыллар.
Гуманитарнай бырайыактар пуондаларын толорооччу дириэктэрэ, “Билет в будущее” бырайыагы сүрүннээччи Иван Есин: “Аныгы сайдыылаах судаарыстыбаҕа идэҕэ туһаайыы (профориентация) суолталаах ньыма буолар, сөптөөх түмүгү көрдөрүөҕэ. Оҕолор орто анал үөрэх тэрилтэлэригэр баран билсэн, бииргэ үлэлэһэр тэрилтэлэр былаһааккаларыгар баран инники идэлэрин сөпкө талан, олохторугар табыллаллар. Бу улахан суолталаах. Тоҕо диэтэххэ, бары биһигини кырааматынай быраастар эмтииллэригэр, уһулуччулаах педагогтар үөрэтэллэригэр, тутааччылар дьиэни хаачыстыбалаахтык уонна түргэнник туталларыгар баҕарабыт. Бу барыта идэҕэ сөпкө туһаайыыттан саҕаланар”, — диэн этэр.
Үөрэнээччилэр тус-туспа саалаларынан хаартыскаҕа түһэрэ үөрэнэллэр, геолог идэтин туһунан видео көрөллөр, истэллэр, таҥастарын-саптарын билсэллэр, “интернет вещей” хайысхаҕа көмпүүтэргэ олорон толорон көрөллөр. Уопсайынан, оҕо идэ туһунан киэҥ өйдөбүлү ыларыгар, бэйэтигэр чугас идэни көрдүүрүн туһугар усулуобуйаны олохтообуттар.
“Үөрэнээччилэри идэҕэ туһаайар тэрээһин чэрчитинэн ыытыллар бүгүҥҥү маастар-кылааска оҕолор уоска туһалаах бальзамы оҥордулар. Билигин – кыһыҥҥы кэмҥэ уос элбэхтик хатар. Маныаха судургу састааптан (вазелин, какао, кокос арыылара, Е битэмиин, персик арыыта, эфирнэй арыы) турар бальзам бэлэмниэххэ сөп. 45 мүнүүтэттэн 15 мүнүүтэтэ билиһиннэриигэ барар, хаалбыт 30 мүнүүтэ иһигэр бальзамы оҥороллор. Бэлэмнээбит бальзамнарын бэйэлэрин кытта илдьэ бараллар.
Бүгүн былаан быһыытынан хас да бөлөҕүнэн, уопсайа, 80 оҕону хабыахтаахпыт. Үөрэнээччилэр сэҥээрдэхтэрэ буолуо диэн эрэллээхпин”, — диэн Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһин фармацияҕа салаатын преподавателэ Наталья Михайловна кэпсиир.
Оҕолор уоттаммыт харахтарыттан көрдөххө, сэҥээрбиттэр, идэлэр туһунан элбэҕи билбиттэр.
Т-80 тааҥка “Алеша” экипаһа ВСУ холуоннатын тоҕута сынньан дьоруойдуу быһыыны оҥорбутун күөх экраҥҥа көрбүппүт. Бу…
Дьокуускайга "Надежда" уһуйаан иитиллээччилэригэр Тымныы Оҕонньор уонна Хаарчаана түннүгүнэн көстөн ааспыттар. Оҕолор үөрүүлэрэ муҥура суох. …
Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа биэс буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ борокуратуура иһитиннэрэр. Мииринэй оройуонугар дьахтар…
Үүнэр сылы хайдах көрсөҕүн да, кэлэр сылыҥ оннук буолар диэн өс хоһооно баар. Дьэ, ол…
Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…