Оҕолорго «Аптаах таас» диэн саҥа кинигэ таҕыста
“Айыы кыһата” оскуола оҕолоро суруйааччы, суруналыыс Ангелина Васильеваны-Дайыынаны кытта көрүстүлэр. Кини оҕолорго аналлаах “Аптаах таас” диэн саҥа тахсыбыт кинигэтин ырыттылар.
“Аптаах таас” фэнтези-сэһэн бэйэлэрэ ааҕар, уончалаах оҕолорго анаммыт. Кинигэ кинилэри өйгө оҥорон көрөр дьоҕурдарын сайыннаран, бэйэлэрин саастыыта дьоруойдары кытта араас мүлчүргэннээх сырыыларга сырытыннаран, интэриэһиргэтэн, аахтарарга көҕүлүүр сыаллаах.
Көрсүһүүгэ 5-с, 6-с, 7-с, 8-с кылаас оҕолоро кэлбиттэр. Кинигэни ылан аахпыт буолан, ырытыыга бэркэ кыттыстылар, санааларын сайа эттилэр. 5-6-с кылаастар оҕолоро сэһэни олус сөбүлээбиттэрин, интэриэһиргээбиттэрин эттилэр. Оттон 8-с кылаас оҕолоро кинилэргэ судургу соҕус буоларын билиннилэр.
Дьэ, оҕолор туох диэн этэр эбиттэрий?
— Ойуулара наһаа үчүгэй! Кинигэ тас ойуута ыларга, ааҕарга угуйар курдук. Маҕаһыыҥҥа сытарын көрдөхпүнэ, ылыам этэ. Сахалыы фэнтези олох аҕыйах дии.
— Мин аахпыт кинигэлэрбиттэн саамай аныгы сэһэн буолар. Ааҕа олорон, хайдах эрэ киинэ көрө олорор курдук этим. Мин Дьулуһу хорсун, сэмэй майгытын ордордум. Мин оҕолору кытта элбээктэр дойдуларыгар сылдьыспыт курдук сананным. Бу кинигэҕэ саамай сөбүлээбитим – Дьулус доҕорун кытта ааспыт кэмҥэ тиийэн, эһэтин оҕо эрдэҕинээҕитин көрсүбүтүн уонна Хара Хайы кытта күөн көрсүбүттэрин. Ол эрээри, түмүккэ, биллибэт эттик хантан кэлэн хаалбытын өйдөөбөтүм. Сахалыы фантастиканы ааҕан олус сөбүлээтим уонна сөхтүм.
— Чиэһинэйдик эттэххэ, мин сахалыы үчүгэйдик саҥарбаппын, аахпаппын, ол эрээри, бу кинигэҕэ туох туһунан суруллубутун өйдөөтүм. Биир күнүнэн ааҕан бүтэрбитим.
— Миэхэ дьиҥнээх олохтон кэпсээн интэриэһинэйэ суох, фантастиканы интэриэһиргиибин.
— Бу кинигэнэн ойуулук оҥоһуллара буоллар, интэриэһиргээн көрүөх этибит.
— 200 эрэ устуука бэчээттэммит эбит, сорох оҕолорго тиийбэтэ буолуо. Бу кинигэни элбэх оҕо ааҕыан наада.
— Сымнаҕас тастааҕа түргэнник алдьаныан сөп эбит.
— Мин тус бэйэм интэриэһинэй кинигэ дии санаатым, эбэтэр, наһаа кыра оҕо курдукпун дуу? 8-с кылааска үөрэнэбин. Ол эрээри, сорох тылларын өйдөөбөтүм. Судургу тыллааҕа ордук.
— Саха төрүт тыла сүппэтин курдук, сахалыы тыллаах, оҕоҕо интэриэһинэй кинигэ элбэх буолуохтаах.
— Мин саастыыларга кылгас баҕайы. Киһи син уһун соҕуһу ааҕыан баҕарар эбит. Түргэн баҕайытык ааҕан бүтэрбитим. Сорох бастара кылгатыллан хаалбыт курдуктар, ол тэнийбитэ буоллар. Өссө элбэх сюжеттаах, мүлчүргэннээх, бүтэһигэ ордук тыҥааһыннаах эбитэ буоллар. Орто, кыра саастаах оҕолорго үчүгэй кинигэ буолуо.
— Бу кинигэ бэйэҥ уонна доҕотторуҥ күүстэригэр эрэнэргэ, бэйэ эрэ туһун санаабат буоларга үөрэтэр.
— Атын дьоруойдар майгылара, устуоруйалара ситэри арыллыбатах дии санаатым. Антагонист дьоруой өссө күүстээх буолуохтаах дии саныыбын.
Ити курдук, оҕолор айымньыны сыныйан ааҕалларын, сатаан ырыталларын көрдөрдүлэр. Маны тэҥэ, “Аптаах таас” салгыытын, иккис чааһын суруйарыгар көрдөстүлэр. Ол хайдах буолуохтааҕын туһунан идиэйэлэри эттилэр, бэйэлэрин көрүүлэрин үллэһиннилэр. Ааптартан автограф ыллылар.
—Оҕоҕо анаан суруйар аныгы суруйааччы кыһалҕата тугуй? Кини сэбиэскэй кэмҥэ төрөөбүт, урукку айымньылары ааҕан улааппыт буолан, аныгы оҕо тугу интэриэһиргиирин, тугунан тыынан олорорун үчүгэйдик билбэт. Ол иһин маннык көрсүһүүлэри тэрийэбит. Ол оҕолорго да, суруйааччыларга да наһаа наадалаах, туһалаах. Оҕолоор, онон бу кэпсэтэ олорорбут, эһиги санааҕыт оҕо литературата сайдарыгар олус суолталаах, — диэн кинигэни таһаарааччы Зинаида Архипова бэлиэтээтэ.
— Оҕолор санааларын эппиттэрэ наһаа үчүгэй. Сөхтөрдүлэр диэххэ сөп. Олох литературнай кириитик курдук ырытар оҕолор бааллар эбит. Аныгы оҕо уһун айымньыны аахпат, судургу соҕуһа ордук диэн, наар кылгата, судургутута сатаабытым, атын буолан таҕыста. Интэриэс баар эбит, ол онтон олус үөрдүм, онон иккис чааһын суруйаар диэн үлэспиттэрин, иэс баайыы курдук ылынным, — диэн ааптар Дайыына түмүккэ санаатын үллэһиннэ.
Билигин оҕо кинигэни аахпат буолла диибит. Аныгы оҕо сахалыы ааҕарыгар кини сааһыгар сөптөөх, интэриэһиргэтэр, нууччалыы тыллаах кинигэлэри кытта күрэстэһэр кыахтаах саҥа айымньылар наадалар.
Оҕо литературатыгар оннук айымньылар суруллалларын көҕүлүүр, хамсааһыны таһаарар туһуттан, былырыын “Алта” кинигэ кыһатын салайааччы, бэйиэт Зинаида Архипова көҕүлээн, меценат, урбаанньыт Руслан Федотов анал бириэмийэни олохтообута. Ол кыайыылаахтара былырыын биллибиттэрэ.
Быйыл түмүк түһүмэххэ тахсыбыт биэс киһи кинигэтин “Алта” кыһа бэрийэн, ойуулатан, таҥан таһаарбытын кэнниттэн, “Офсет” типография босхо бэчээттиир. Онон кинилэр оҕо литературатыгар хамсааһыны таһааран, биэс саҥа айымньы күн сирин көрүөҕэ.
“Аптаах таас” фэнтези-сэһэн бу айымньылартан бастакылара буолар. Ахсынньы 18 күнүгэр күнүс 4 чаастан Бэчээт дьиэтин Медиакиинигэр кинигэ сүрэхтээһинэ буолуоҕа. Аптаах остуоруйа, фэнтези-сэһэн алыптаах эйгэтигэр ыалдьыттаан, санааҕын үллэстэн аас!
Александра Матвеева,
саха тылын, литературатын учуутала.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: