Оҕолорго бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи оһуокай күрэҕэ ыытылынна

Оҕолорго бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи оһуокай күрэҕэ ыытылынна

Ааптар:
10.12.2024, 19:59
Хаартыска: Ааптар тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

«Оһуокайдаан ойуохха, эһиэкэйдээн тэйиэххэ» диэн ааттаах оҕолорго  өрөспүүбүлүкэтээҕи оһуокай күрэҕэ ыытылынна.

Бу иннинэ улуустарынан күрэх ыытыллан, бастыҥ этээччи оҕо кыттыылаах күрэхтэстилэр. Күрэҕи СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников быһаччы өйөбүлүнэн Култуура уонна духуобунас, Үөрэҕирии министиэристибэлэрэ тэрийдилэр. Күрэҕи өрөспүүбүлүкэтээҕи Норуот айымньытын методическэй киинэ, Оһуокай уопсастыбата тэрийэн ыыттылар. Оҕолор 7-тэн 17 саастарыгар тиийэ кытыннылар. Урукку өттүгэр Бүлүү улуустарыттан элбэх талааннаах оҕолор күрэххэ мэлдьи көхтөөхтүк кыттар эбит буоллахтарына, бу сырыыга Тааттаттан, Уус Алдантан, Дьокуускай куораттан көхтөөхтүк кытыннылар.

Хоту улуустарыттан Муоматтан аудиовидеонан кытыннылар. Икки бөлөҕүнэн кыттыыга лауреат бастакы үктэлин 7-тэн 12-р диэри саастаахтарга Уус Алдантан Домира Дорофеева, 13-тэн 17-р диэри саастаахтарга Тааттаттан Симона Макарова ааттанан харчынан сэртипикээт туттулар. Иккис, үһүс үктэли ылбыт оҕолор эмиэ харчынан сэртипикээтинэн наҕараадаланнылар. Маны сэргэ бастакы, иккис истиэпэннээх дипломан аатын ыллылар. Кыайыылаахтар Оһуокай уопсастыбатыттан Гиннес рекордун оһуокайын хартыынатынан, А.Д.Данилов Дьулуур Хаан аатыттан Махтал суруктарынан, Ньургун Боотур олоҥхо кинигэтинэн наҕараадаланнылар.

Тааттаттан үтүөлээх этээччилэр Людмила Попова, Афанасий Попов, Горнайтан Дария Алексеева, Үөһээ Бүлүүттэн Марианна Хобусарова, Сунтаартан Мария Афанасьева, о.д.а үөрэппит оҕолорун ситиһиилэрэ кинилэртэн улахан тутулуктааҕын бэлиэтээтибит. СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников маннык күрэх сылын аайы ыытыллар буолуоҕа диэн эттэ.

Марта Николаева

+1
14
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: