Ольга Балабкина сайыҥҥы кэмҥэ оҕолорго куттал суох буолуутун хааччыйар туһунан төрөппүттэргэ санатта.
Билигин оҕолор сынньалаҥнарын үгэнэ. СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина төрөппүттэргэ туһаайан, оҕолорго куттал суох буолуутун хааччыйалларыгар эттэ.
—Билигин аралдьытар өҥө саҥа эйгэтэ тэтимнээхтик сайдар. Бассейн арааһа, самокаттар, гаджеттар, уо.д.а. олоххо күүскэ киирдилэр. Дьэ, балар наар үөрүүнү эрэ аҕалбаттар, куттал суоһаабатын туһуттан туһааннаах быраабылалар тутуһуллуохтаахтарын өйдүөх тустаахпыт. Сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор бырааптарын көмүскүүр өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйа буолуталаабыт араас быһылааннары ырытан көрөн баран, оҕолор ортолоругар эчэйиини ылыы түгэннэрэ сотору-сотору тахсыталаабыттарын бэлиэтиир«, — диэн этэр.
Ол курдук, ууттан сэрэнэр, сэрэтэр наадата күүскэ бэлиэтэнэр. Оҕолор көҥүллэммэтэх сирдэргэ эбэтэр улахан дьон көрүүтэ-истиитэ суох сөтүөлээһиннэриттэн быһылааннар тахсаллара бэлиэтэнэр. Маны сэргэ, Ольга Балабкина оҕолор дьиэлэригэр эбэтэр даачаҕа бассейҥҥа сөтүөлүүр кэмнэригэр улахан болҕомто ууруллуохтааҕын эттэ.
Куйаас күннэргэ түннүктэри аһан кэбиһэллэрэ олус сэрэхтээх. Маны сэргэ, оҕо ууга киирэрин көрө сылдьар ордук. Төрөппүттэр оҕо уулаах сиргэ сылдьар буоллаҕына болҕомтоҕутун күүһүрдүҥ, көҥүллэммэт сиргэ сөтүөлээмэҥ.
—Оҕолоргутун кыбартыыраҕа, дьиэҕэ соҕотоҕун хаалларымаҥ, дьиэҕитигэр түннүктэри кыра оҕо кыайан аспатын курдук оҥоруҥ, уоттан, гаастан, испиискэттэн сэрэтиҥ, көрө-истэ сылдьыҥ. Ытыктабыллаах төрөппүттэр, эбэлэр, эһэлэр, кырачааннаргытыгар сэрэхтээх буолуу быраабылатын хатылааҥ, өйдөтүҥ. Кыра эксээмэннэри оҥоруҥ, сыыһалары бииргэ булуҥ, көрүҥ. Оҕолорго быһаарарга, өйдөтөргө бириэмэтэ анааҥ, — диэн бэлиэтиир Ольга Балабкина.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Ааспыт үйэ 60 сылларыгар, оскуола диэни өссө да билэ илик кыра оҕо, эбээ тапталлаах сиэнэ…
Зонтик туһунан кыһынын умнабыт. Оттон сайын ардахтар саҕаланнылар да, зонтикпыт үрдүгэр түһэбит. Билигин зонтик арааһа…
РФ бырабыыталыстыбата 2025-2027 сылларга босхо мэдисиинискэй көмө саҥардыллыбыт бырагырааматын бигэргэттэ. Бу туһунан миниистирдэр кэбиниэттэрин тг-ханаалыгар…
Амма улууһугар 2013 сылтан дьоҥҥо киэҥник биһирэммит сыыры оҥороллор. Билигин ити сыыр өрөспүүбүлүкэ маҕаһыыннарыгар эрэ…
Чокуур Гаврильев токкоолуурунан, бу Арктикаҕа сытар муус арыыны АХШ холбооботор да, анныгар уктар чинчилээх.
Бүгүн ааҕааччыларбытыгар П.С.Скрябин аатынан 1 Дьөппөн орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ, “Инникигэ хардыы” научнай- практическай…