Оҕолорго хоһоон күрэхтэһиитэ ыытылынна

Share

Бу ый саҥатыгар Галина Иванова — Айтыына Уран оҕолорго аналлаах хоһоонноругар куйаар ситимин нөҥүө «Сахалыы саҥарар буоламмын» өрөспүүбүлүкэтээҕи киэҥ далааһыннаах күрэс буолан ааста.

Күрэскэ, уопсайа, 811 оҕо Саха сирин бары улуустарыттан олус көхтөөхтүк кытыннылар. Маннык күрэстэр күн бүгүн, тыл боппуруоһа сытыырхайан турар кэмигэр, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар үгүстүк ыытыллаллара наадатын көрдөрдө. Айтыына Уран айар үлэтэ оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах уонна алын кылаас оҕолоругар ананарын быһыытынан, кини суруйар тэттик хоһоонноро оҕо тылынан, оҕоҕо өйдөнүмтүө, тиийимтиэ гына айыллан тахсалларынан уратылаахтар, оҕолуу сырдык тыыннаахтар. Уһуйаан иитээччилэрэ, алын кылаас учууталлара, куруһуок салайааччылара оҕолору күүскэ сахалыы саҥардан үөрэтэ олороллоро үөрдэр, төрөөбүт тылбыт симэлийбэккэ сайда туруо диэн эрэли үөскэтэр. Видео устуулар муусука доҕуһуоллаах уонна фоннаах буолан истэргэ, сыаналыырга астык. Хоһоон балаһыанньатыгар олоҕуран, оҕолору түөрт түһүмэххэ, саастарынан арааран кытыннардыбыт, биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн ааҕыыга. Күрэскэ Айтыына Уран хоһооннорун куйаар ситиминэн, сигэ көмөтүнэн көрөн үөрэттилэр. Манна патриотическай тыыннаах төрөөбүт дойду кэрэтин, Саха сирин туһунан, дьиэ кэргэн, ийэ, аҕа сылаас, истиҥ сыһыаннарын айылҕа араас кэрэ көстүүлэрин оҕолор сахалыы көстүүм кэтэн, туттан-хаптан, араастаан хамсанан хоһооннору толору арыйдылар, арылхайдык тириэртилэр. Күрэскэ икки саастаах сэттэ оҕо кыттан үөрүүбүтүн үксэттилэр, кинилэргэ илиибитин утары уунан эбии туспа сыаналаатыбыт. Бу өрөспүүбүлүкэҕэ өтөрүнэн буолбатах тахсыы.

Күрэһи ыытыы сыала-соруга: оҕо төрөөбүт тылынан кинигэни ааҕарыгар интэриэһи тардыы, төрөөбүт тыл суолтатын оҕоҕо иҥэрии.

Ааҕар оҕону өйөөһүн, оҕоҕо дэгиттэр сайдыылаах, дьоҕурдаах буолуутугар, кинигэ бастыҥ көмөлөhөөччү буоларын өйдөтүү.

Дьүүллүүр сүбэ хас эмэ күнү быһа, аныгы үйэ сибээһигэр холбонон олорон күүстээхтик, таһаарыылаахтык үлэлээтэ. Ол түмүгүнэн ахсынньы 6 күнүгэр, бүтэһиктээх түмүк куйаар ситимигэр этэҥҥэ ыытылынна. Манна даҕатан эттэххэ, дьүүллүүр сүбэҕэ Илья Ильич — Алмаас, Мария Поскачина, Анастасия Ющенко — Алгыстаана, Инна Николаева — Угинка, Вилена Варламова уонна күрэс хаһаайката Айтыына Уран хамаанданан биир тылы булан, биир киһи курдук тапсан үлэлээбиттэригэр махталбытын тириэрдэбит.

Дьэ, аны хоһооннору ылан көрүөҕүҥ, хайдах курдук киэҥ ис хоһоонноох, улахан киһи эрэ буолбакка, бэл кырачаан оҕо ылынан киэн тутта ааҕар хоһооннорой:

Умнума, эн саха буоларгын

Умнума, эн саха буоларгын,

Сахалыы санаалаах сылдьаргын,

Өбүгэҥ такайбыт үөрэҕэр

Үтүөкэн үгэскэ үүммүккүн.

Умнума, эн саха буоларгын,

Сиэрдээхтик олоххо хаамаргын,

Ыччатыҥ төннүбэт төлкөлөөх

Эн үүнэр кэнчээриҥ тахсарын.

…Умнума, эн саха буоларгын,

Сахалыы тылынан туойаргын.

Удьуортан тирэхтээх тураргын,

Силлибэт силистээх үүнэргин.

Аны бу хоһоон:

Сахам тыла

Сахам тыла күндү баай,

Сиртэн-буортан хостоммот,

Хоспох сиртэн ороммот,

Өйгө иҥмит чиҥ билии…

Оннук ээ, ийэ тылбыт ийэ үүтүнүүн иҥэриллибит сүдү баайбыт буоллаҕа дии.

Бу курдук хоһооннору итэҕэтиилээхтик ааҕаннар, оҕолор барахсаттар үөртүлэр, долгуттулар. Хоһоон ааҕар оҕолору истэн баран, «маладьыас» диэн саҥа аллайбыккын билбэккэ хаалаҕын ээ.

Бу көхтөөх, киэҥ далааһыннаах тэрээһин түмүгүнэн ылан көрдөххө, Сахабыт сирин араас улуустарыгар кэнчээри ыччаппытын, кэлэр кэскилбитин сахабыт тылынан ситимнээхтик саҥарарга үөрэтии, уһуйуу үлэтэ ыытылла турара сүргэбитин көтөхтө, санаабытын күүһүртэ.

Маннык киэҥ далааһыннаах күрэскэ бастыҥтан бастыҥ кыайыылаах ааттанна. Ол курдук Кылаан Чыпчаал кыайыылаах үрдүк аатын Горнай улууһун Бэрдьигэстээх нэһилиэгин Афанасий Осипов аатынан орто оскуола 3 “А” кылааһын 21 оҕолоох бөлөҕүнэн ааҕааччылара ыланнар, өрөгөй үөрүүтүн биллилэр. Элбэх оҕону бииргэ түмэн киллэрбит, кыайыыны ситиспит уһуйааччыларга, кыттыбыт оҕолорго, төрөппүттэригэр эҕэрдэ эриэккэһин этэбит, махталбытын тириэрдэбит.

Суруйуубутун күрэс хоһооннорун айбыт Айтыына Уран тылларынан түмүктүүр тоҕоостооҕун бэлиэтиибит, чахчы даҕаны, тылбыт сүппэт дьылҕаланнын диэн мантан ордук хайдах этиэххэ сөбүй:

Сахам тыла сайар санаам,

Сахам тыла сайдам майгым,

Сахам тыла сатараатын,

Симэлийбэт дьылҕаланнын!

Хаартыска: Мария Поскачина тиксэриитэ.
Хаартыска: Мария Поскачина тиксэриитэ.

«Иэйии» өрөспүүбүлүкэтээҕи айар түмсүү.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

12 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

13 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

13 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

13 часов ago