Оҕолорго «ковид» быһыытын биэрии тохтотулунна

Оҕолорго «ковид» быһыытын биэрии тохтотулунна

22.09.2023, 09:30
Андрей Сорокин/СИА
Бөлөххө киир:

Арассыыйаҕа 12-18 саастаах оҕолорго «ковиды» утары быһыыны биэриини тохтоттулар. ТАСС иһитиннэрэринэн, вакцина састаабын саҥардыы уонна килиниичэскэй чинчийии ыытыллар. Ол туһунан Роспотребнадзор Эпидемиологияҕа институтун научнай үлэҕэ дириэктэрин солбуйааччы, В.Покровскай аатынан Национальнай инфекционнай ыарыылары кытта үлэлиир исписэлиистэр ассоциацияларын бэрэссэдээтэлэ Александр Горелов иһитиннэрбит. 

— Бүгүҥҥү туругунан, оҕолорго «ковиды» утары быһыыны биэрии тохтотулунна, тоҕо диэтэр, доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ саҥа штаммнаах коронавируснай инфекцияны килиниичэскэй чинчийии үһүс түһүмэҕин саҕалаата, — диэн кини пресс-кэмпириэнсийэ кэмигэр эттэ.

Горелов быһаарбытынан, килиниичэскэй чинчийии сүрүннээн 18-60 саастаах дьоҥҥо ыытыллыахтаах диэн СИА суруйар.

— 60 саас кэннэ ыытыллар килиниичэскэй чинчийиилэр олус кытаанах, туспа ирдэбиллээхтэр. Чинчийии үһүс түһүмэҕин кэнниттэн икки ый буолан баран, саҥа вакцинаны улахан дьоҥҥо биэриигэ рекомендация бэриллиэҕэ. Онтон 60-тан үөһээ саастаах дьоҥҥо, ол эрэ кэнниттэн оҕолорго биэриини саҕалыахпыт, — диэн кини быһаарда.

+1
1
+1
2
+1
0
+1
0
+1
4
+1
1
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
2 декабря
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: