Үйэлээх үгэһи утумнуур оҕолору өйөөтүлэр
«Оһуохайдаан ойуохха – эһиэкэйдээн тэйиэххэ!» диэн оҕо күрэһин түмүгүн таһаардылар. Күрэс 2 түһүмэҕэр 15 улуустан, Дьокуускайтан 58 оҕо кытынна. Саастарынан 7-12 уонна 13-17 диэн араардылар.
Күрэс бастакы түһүмэҕэр 341 оҕо кыттыбыта. Кинилэртэн бастыҥнары талан, иккис түһүмэҕэр киллэрбиттэрэ.
7-12 саастаахтарга Уус Алдантан Домира Дорофеева кыайда. 2-с истиэпэннээх лауреатынан Амматтан Алексей Шишигин, 3- истиэпэнээх лауреатынан Уус Алдантан Эрчим Афанасьев буоллулар.
13-17 саастаахтарга Тааттаттан Симона Макарова кыайда. 2-с истиэпэннээх лауреатынан Үөһээ Бүлүүттэн Эрика Базюк, 3-с истиэпэнээх лауреатынан Хаҥаластан Саян Бардеев буоллулар.
Күрэс кыттааччыларыгар маастар-кылаастар буоллулар. Ил Дархан истипиэндьийэтин ылбыт, өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус кыайыылаахтара буолбут оһуохай этээччилэри кытта көрсүһүүлэри тэрийдилэр. Саха сирин муусукатын, фольклорун түмэлигэр сырыттылар.
Оҕо аймах сылыгар оҕолорго оһуохайга күрэс аан бастаан ытыллар. Үйэлээх үгэһи утумнуур, оһуохайы этэр оҕолору көҕүлүүр сыаллаах.
Күрэһи култуура, духуобунай сайдыы уонна үөрэх министиэристибэлэрэ, Норуот айымньытын, социальнай-култуурунай технологиялар дьиэлэрэ тэрийдилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: