Анал дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоро от ыйын 13 күнүттэн атырдьах ыйын 3 күнүгэр диэри Хара муора кытылыгар сынньаналларыгар босхо путевканы ылбыттара. Кинилэри санитарнай ирдэбиллэргэ эппиэттээбэт кирдээх, эргэ «Зарница» лааҕырга түһэрбиттэрэ. Төрөппүттэр ыксаан, быһа эпиир кэмигэр Ил Дархантан көрдөспүттэрэ. Оҕолору атын лааҕырга көһөрдүлэр диэн Ил Дархан Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар суруйда.
«Байыастар оҕолоро түбэспит балаһыанньаларын билэн баран, тута суһал миэрэлэри ылынарга сорудахтаабытым. Саха сирин бырабыыталыстыбата, үөрэх, наука министиэристибэтэ, борокуратуура уонна ис дьыала министиэристибэтэ суһаллык, көдьүүстээхтик үлэлээн, оҕолор «Созвездие» лааҕырга көстүлэр. Кинилэр билигин сынньаналлар, олорор усулуобуйаларын сөбүлээтилэр. Бу лааҕырга урут Саха сирин оҕолоро үчүгэйдик сынньанан кэлбиттэрэ.
Туроператоры, лааҕыры кытта өссө да быһаарсыахпыт. Билигин Краснодарскай кыраайга үөрэх, наука министиирин солбуйааччы Алевтина Аргунова үлэлии, балаһыанньаны быһаарса сылдьар. Саха сирин оҕолорун туһугар кыһаллыы биһиги үлэбитигэр инники күөҥҥэ тутуллар сорукпут буолар» диэн Айсен Николаев суруйда.
Чахчы да, атын хартыына. «Зарница» лааҕырга эргэ, алдьаммыт миэбэл, кирдээх, хайдыбыт таҥас, түүнүктээх ванна, таракаан, кылапы, сахсырҕа баар эбит буоллаҕына, бу гостиница нүөмэрдэригэр маарынныыр ыраас, саҥа өрөмүөннээх, сырдык хосторго оҕолор астына сынньаныахтара.
Бүгүн "Саха сирин амтана" гастрономическай бэстибээл саха аһын ыалдьыттарга билиһиннэрэр "Махтал" эрэстэрээҥҥэ аһылынна. Тэрээһин Марий…
Хоту дойдуттан кэлэр сонуннар биһиэхэ олус күндүлэр. Ыраах Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгин олохтооҕо Надежда Дьяконова…
Суотту агрооскуолата элбэх көлүөнэ үөрэнээччилэрин өбүгэ үйэлээх үгэстэригэр, үлэ сатабылларыгар иитэр-үөрэтэр уопута өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр…
Кэбээйи улууһун уопсастыбаннаһа фронтовик суруйааччы Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сылыгар анаан бүгүн өйдөбүнньүк стелатыгар сибэкки…
Бу мин суруйаары олорор ыстатыйам дьоруойа чахчы ыстатыйа аатыгар толору барсар олоҕу олорон аастаҕа. “Биирдэ…
Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, «Арктика» айан суолун 0+000 км – 187+000 км (Бурустаах м. –…