Оҕолор эксээмэҥҥэ тэйиччиттэн олорон бэлэмнэниэхтэрин сөп

Оҕолор эксээмэҥҥэ тэйиччиттэн олорон бэлэмнэниэхтэрин сөп

25.04.2024, 21:47
Хаартыска: Людмила Попова.
Бөлөххө киир:

“Улахан оҕобут эксээмэн туттараары эрэпэтиитэр өҥөтүн туһанабыт. Бастакытынан, нэһилиэккэ эрэпэтиитэр булар олус уустук. Иккиһинэн, дьиэ кэргэн бүддьүөтүгэр охсор.

Оскуолаларга үөрэх кэнниттэн эбии, барыларын хабан босхо эксээмэннэргэ дьарыктааһын кыаллыа дуо?” – диэн Чурапчыттан быйыл эксээмэннээх оҕо ийэтэ төлөпүөннээн ыйытта.

—  Өрөспүүбүлүкэҕэ ити курдук холобур олоххо киирэн эрэр. Дьокуускай куоракка ити курдук киин тэриллибитэ. Преподавателлэр үлэлииллэр, ВКС нөҥүө өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан оҕолор холбонон сүрүн биридимиэттэргэ – математикаҕа, нуучча тылыгар, обществознаниеҕа, омук тылларыгар дьарыктаналлар. Бу кууруска сылдьар оҕолор түмүктэрэ лаппа тубуста. Оҕолорго дьарык босхо ыытыллар. Онон бу систиэмэни салгыы күүһүрдүөхпүт дии саныыбын”, — диэн Айсен Николаев быһа эпиир кэмигэр киирбит ыйытыыга хоруйдаата.

Телекоммуникация кыаҕын, информационнай технологияны сайыннарыыны туһаныахтаахпыт, тэйиччиттэн үөрэх толору үөрэх буолбатах эрээри, үчүгэй исписэлиистэргэ бэлэмнэнии, ордук ыраах, хайа эрэ биридимиэттэргэ төрөппүттэр баҕарбыттарын курдук үөрэтии хаачыстыбата олус үрдүгэ суох тыа сирдэригэр балаһыанньаттан тахсыы буоларын ыйда.

“Үөрэх хаачыстыбатыттан өрөспүүбүлүкэ олоҕун хаачыстыбата тутулуктаах. Оскуолаттан төһөнөн үчүгэй үөрэхтээх дьон тахсар да, соччонон Саха сирэ кэлин үрдүк ситиһиилэниэҕэ”, — диэн Ил Дархан түмүктээтэ.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
5 декабря
  • -28°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: