Оҕолору, ийэлэри өйүүр көмө 12 төгүл улаатта

Share

2023 сыл тохсунньутуттан кыра дохуоттаах ыалларга өйүүр саҥа “универсальнай” босуобуйа олохтонуоҕа. Бу төлөбүр эрдэ учуокка турбут хат дьахталларга уонна оҕо 17 сааһын туолуор диэри бэриллэр (тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра дохуоттаах ыалларга). Бу миэрэ кыаммат ыаллар ахсааннарын аҕыйатар сыаллаах. Сабаҕалааһын быһыытынан, өрөспүүбүлүкэҕэ 80 тыһыынча кэриҥэ оҕо, дьахтар бу босуобуйаны ылыахтаах.

Уопсайынан ыллахха, Саха сиригэр кэнники 10 сылга Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтин иһинэн бэриллэр,  оҕолору, ийэлэри өйүүр көмө үбүлээһинэ 8,2 төгүл улаатта. Холобур, 2012 сыллаахха үбүлээһин 1,9 миллиард солкуобай буоллаҕына, билигин 15,6 миллиард солкуобай көрүллэр.

Оттон Биэнсийэ пуондатынан 8-16 саастаах оҕолорго бэриллэр төлөбүрдэри холбоотоххо, бу сылга оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ барыта 23 миллиард солкуобай төлөммүт. Онон, оҕолору, ийэлэри өйүүр көмө суумата 12 төгүл улааппыт.

Санатар буоллахха, өрөспүүбүлүкэҕэ 2018 сылтан сыл аайы эбии көмө миэрэлэрэ киирэн испиттэрэ: бастакы, иккис, үһүс оҕоҕо 3 сааһын туолуор диэри; 3-7 саастаах оҕолорго; ону тэҥэ, 8-17 саастаах оҕолорго. 2023 сылтан бу төлөбүрдэр холбоһон, биир “универсальнай”  босуобуйа төлөнөр буолар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

4 часа ago
  • Сонуннар

ВИДЕО: Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо

Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038

4 часа ago