Оҕолору, төрөппүттэри, педагогтары идэҕэ эрдэттэн туһаайар тэрээһиҥҥэ ыҥыраллар
Сэтинньи 3 күнүгэр, “Куруһаала” атыы дьиэтигэр оскуола үөрэнээччилэрин, устудьуоннары, төрөппүттэри, педагогтары үөрэх миэстэтин уонна “Профориентация-2025” идэ эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы 10-с быыстапка-дьаарбаҥкатыгар ыҥыраллар.
Сарсыарда 11 чаастан “Кадры и профориентация: преображение профессионального самоопределения” тиэмэлээх кэпсэтиини тэрийиэхтэрэ. Манна Арассыыйаҕа үрдүк уонна орто үөрэхтэргэ тус сыаллаах исписэлиистэри бэлэмнээһин уопутун, кэскилин ырытыһыахтара.
Босхо тэрээһиҥҥэ төрөппүттэри, педагогтары, уопсастыбанньыктары, улахан кылаас үөрэнээччилэрин итиэннэ идэни талыыны ким сэҥээрэр дьону барыларын ыҥыраллар.
Саха сириттэн РНА СС Саха сиринээҕи билим киинин “Инникигэ хардыы” бырагырааматын сүрүн салайааччыта, СӨ Уопсастыбаннай палаататын чилиэнэ, биология билимин дуоктара Михаил Черосов иилээн-саҕалаан ыытыаҕа. Тэйиччиттэн хос модераторынан Билим-үөрэх бэлиитикэтэ киин билимҥэ салайааччыта, РФ Үөрэҕириитин министиэристибэтин уопсастыбаннай сэбиэтин чилиэнэ, социология билимин хандьыдаата Евгений Сжёнов үлэлиэҕэ.
Сэргэх уонна эһиил үөрэххэ туттарсар оҕолоох төрөппүттэргэ, үөрэнээччилэргэ бэрт туһалаах тэрээһин буолаары турар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: