Хаартыска: Институт развития семейного устройства.
Оҕону иитэ ылар ыалга (эппэкииннэргэ, попечителлэргэ) биирдэ бэриллэр төлөбүр төлөнөр. Кинилэр РФ гражданнара буолуохтаахтар уонна Арассыыйаҕа бастайааннай олоруохтаахтар. Саха сиригэр быйыл 63 дьиэ кэргэҥҥэ бу көмө төлөбүр төлөннө.
Төлөбүр бигэргэммит кээмэйдээх. 2024 сыл олунньу 1 күнүттэн оҕону иитэ ылар төрөппүттэртэн биирдэстэригэр 34 446,02 солкуобай ( 1,4 оройуоннай коэффициеннаах), 36 906,45 солкуобай (1,5 коэффициеннаах), 39 366,88 солкуобай (1,6 коэффициеннаах), 41 827,31 солкуобай (1, 7 коэффициеннаах), 49 208,60 солкуобай (2,0 коэффициеннаах).
Хас да оҕону иитэ ыллахха, хас биирдиилэригэр бэриллэр. Инбэлиит оҕоҕо, 7 сааһын ааспыт оҕоҕо уонна бииргэ төрөөбүт оҕолорго төлөбүр кээмэйэ улаатар: 263 195,66 солкуобай (1,4 коэффициеннаах), 281 995,35 солкуобай (1,5 коэффициеннаах), 300 795,04 солкуобай (1,6 коэффициеннаах), 319 594,73 солкуобай (1,7 коэффициеннаах), 375 993,80 солкуобай (2,0 коэффициеннаах).
— Төлөбүрү ыларга оҕону иитэ ылан баран, сыл аҥаара ааһа илигинэ, сайаапканы бэриллиэхтээх. Бу кэм суут оҕону иитэ ылыы туһунан быһаарыыта, эбэтэр, эпиэккэ уоргана быһаарыыта тахсыаҕыттан ааҕыллар, -диэн Социальнай пуонда салаатын салайааччы Марина Герман этэр.
Сайабылыанньаны Социальнай пуонда салаатыгар, Элбэх өҥөнү оҥорор киин, эбэтэр, «Госуслуги» портал нөҥүө биэриэххэ сөп.
10 үлэ күнүн иһинэн быһаарыыта кэлэр, харчы 5 үлэ күнүн иһинэн түһэр.
Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитигэр өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев чэпчэтиилээх эминэн хааччыйыыны бигэтик үбүлүүр соругу туруорда.…
Саха сиригэр будулҕан туманнаах, күүстээх бытарҕан тымныылар тураллар. Ахсынньы 24 күнүгэр сарсыарда Өймөкөөн улууһугар салгын…
Ленскэй оройуонун суута Пеледуй бөһүөлэгин олохтоох киһиэхэ сыһыаннаан РФ Административнай кодексатын 19.3 ыстатыйатын 1 чааһынан…
Павловскай сэлиэнньэтин бибилэтиэкэтигэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Аҕа дойдуну көмүскээччилэр” пуонда филиалын социальнай координатора Рената Спиридонова…
Сиинэ очуостарыгар туристар саҥа маршруттара аһыллыаҕа – экология ыллыгын оҥоруу бырайыагын олоххо киллэрии туһунан урбаан,…
Ахсынньы 23 күнүгэр СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитин иһиттибит. Бүлүү улууһун…