Дьокуускайга Ф.И.Фадеева аатынан Оҕо дыбарыаһыгар оҕону иитэ ылар төрөппүттэр өрөспүүбүлүкэтээҕи VII сийиэстэрэ түмүктэннэ.
Сүлүөт кыттааччыларыгар барыларыгар сэртипикээттэри уонна өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттардылар. Эпиэкэ уонна попечительство эйгэтин бастыҥ үлэһиттэрэ уонна оҕону иитэ ылбыт бастыҥ ыаллар наҕараадаланнылар.
От ыйын 5 күнүттэн саҕаламмыт сүлүөтү сабыы үөрүүлээх сиэригэр-туомугар кыттааччылары СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирин солбуйааччы Елена Теплякова эҕэрдэлээтэ. Миниистири солбуйааччы Уус Алдан улууһун эпиэкэҕэ уонна попечительствоҕа отделын начаалынньыга Елена Анатольевна Слепцоваҕа “СӨ эпиэкэҕэ уонна попечительствоҕа социальнай сулууспатын туйгуна” түөскэ кэтиллэр бэлиэни туттарда. Ону таһынан СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин Бочуотунай грамотатынанан оҕолору иитэ ылбыт Саина Егоровна уонна Сергей Сергеевич Григорьевтар дьиэ кэргэттэрэ наҕараадаланна.
Үтүө суобастаах үлэлэрин, дьиэ кэргэн бэлиитикэтин сайдыытыгар тус кылааттарын иһин СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин Махтал суругун ыллылар:
Максимова Оксана Алексеевна – Дьокуускай куорат эпиэкэҕэ уонна попечительствоҕа отделын начаалынньыга;
Раченкова Оксана Вячеславовна – Алдан улууһун эпиэкэҕэ уонна попечительствоҕа отделын начаалынньыга;
Антонова Пелагея Николаевна — Бүлүү улууһун эпиэкэҕэ уонна попечительствоҕа отделын начаалынньыга;
Протопопова Джемма Николаевна — Эдьигээн улууһун эпиэкэҕэ уонна попечительствоҕа отделын сүрүн исписэлииһэ;
Антонова Наталья Михайловна — Мэҥэ Хаҥалас улууһун эпиэкэҕэ уонна попечительствоҕа отделын сүрүн исписэлииһэ;
Данилова Ольга Александровна – Нерюнгри улууһун эпиэкэҕэ уонна попечительствоҕа отделын сүрүн исписэлииһэ;
Габышева Наталья Валерьевна – оҕону дьиэҕэ иитэ ылбыт төрөппүт (Өлүөхүмэ улууһа);
Митюков Алексей Александрович – оҕону дьиэҕэ иитэ ылбыт төрөппүт (Өлүөхүмэ улууһа);
Климова Лена Геннадьевна — оҕону дьиэҕэ иитэ ылбыт төрөппүт (Жатай).
Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…
Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…
РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…
Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…
Бу үөрэнээччилэр урбаан олимпиадатыгар кыттан, 150 оҕоттон уустук сүүмэрдээһини аастылар. Олимпиадаҕа Абый, Амма, Анаабыр, Булуҥ,…
Култуура киинэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээххэ тутулла турар. Үлэ хаамыытын Саха сирин бастакы вице-премьерэ…