Оҕону иитэ ылар ыал ахсаана элбиир

Share

2023 сыл туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ 3972 тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕо баар. Кинилэртэн 3519 оҕону (88,5%) ыаллар иитэ ылбыттар.

Онон 400-тэн тахса оҕо иитэ ылар дьиэ кэргэттэри кэтэһэр. Ол да буоллар, кэнники сылларга оҕону иитэр ыаллар ахсааннара эбиллэр, тулаайах оҕо ахсаана сыыйа көҕүрүүр. Холобур, 2021 сыллаахха 632 оҕону, 2022 сыллаахха 680 оҕону иитэ ылбыттара. Оттон 2013 сыллаахха 845 тулаайах уонна көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕо баара.

Өрөспүүбүлүкэҕэ тулаайах оҕолору иитии, эппиэкэҕэ ылыы эйгэтигэр сокуоннарга уларытыылары киллэрэллэр. 2022 сыллаахха Ил Дархан Айсен Николаев оҕону иитэр төрөппүттэргэ төлөбүрү икки төгүл улаатыннарар туһунан ыйаах таһаарбыта. Онон ыйдааҕы төлөбүр 16 480 солкуобайга (1-кы зонаҕа) уонна 14 715 солкуобайга (2-с зонаҕа); иккис уонна онтон кэлэр оҕоҕо 9888 солкуобайга уонна 8829 солкуобайга тэҥнэспитэ. Инбэлиит оҕоҕо уонна 14 сааһын туолбут оҕону иитэ ыллахха, эбии төлөбүрдэр бааллар. Уонтан элбэх оҕону иитэ ылбыт дьиэ кэргэҥҥэ тырааныспар атыылаһалларыгар 837 426 солкуобай көрүллэр.

Маны тэҥэ, Ил Дархан оҕону иитэр дьиэ кэргэттэргэ төлөбүрү өрөспүүбүлүкэҕэ олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр тэҥниир туһунан сорудахтаабыта.

2022 сылтан “Сыл бастыҥ дьиэ кэргэнэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэскэ “Оҕону иитэр дьиэ кэргэн” диэн туспа номинация баар буолбута, кыайыылаахтар 300 тыһыынча солкуобайы ылаллар.

Хаартыскаҕа: 22 оҕону иитэр Павловтар (СИА).

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

43 минуты ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

2 часа ago
  • Сонуннар

ВИДЕО: Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо

Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ханна ноҕурууска улаханый?

Соторутааҕыта Судаарыстыбаннай Дуумаҕа Арассыыйа оскуолатын үөрэнээччилэрин уруога элбэҕин, сиэри таһынан дьиэҕэ үлэ бэриллэрин туһунан кэпсэтии…

3 часа ago