Оҕону иитэр-үөрэтэр сыаллаах “Иитии кыһата”

Оҕону иитэр-үөрэтэр сыаллаах “Иитии кыһата”

10.11.2023, 17:00
Ааптар хаартыската
Бөлөххө киир:

Бүгүҥҥү туругунан Арассыыйаҕа 22 тыһыынча кэриҥэ түмэл оскуола иһинэн үлэлиир. Олор истэригэр Дьокуускай куорат Саха гимназиятыгар “Иитии кыһата” диэн ааттаах түмэл үлэлээбитэ сүүрбэччэ сыл буолла.

Сибидиэтэлистибэлээх түмэл

Өрөспүүбүлүкэҕэ оҕону иитиигэ, педагогикаҕа аналлаах түмэллэр тарбахха баттанар ахсааннаахтар. Саамай биллэр уонна тумус туттуллар оннук түмэлинэн, 1980 сыллаахха биллиилээх педагог К. С. Чиряев тэрийиитинэн аһыллыбыт Ороһутааҕы норуодунай педагогика түмэлэ буолар. Оттон Саха гимназията аһыллыаҕыттан энтузиаст учууталлар, төрөппүттэр “Иитии кыһата” диэн ааттаах түмэли кылаас биир муннугар аһан үлэлэтэн саҕалаабыттара. Сыыйа эспэнээттэрэ, матырыйааллара элбээн, байытыллан, 2009 сыллаахха оскуолатааҕы түмэл буоларын туоһулуур сибидиэтэлистибэни ылары ситиспиттэрэ. Аҕыйах сылтан бэттэх, түмэл туспа улахан киэҥ-куоҥ хостонон, быр-бааччы үлэлии олорор.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ

Түмэл биир сүрүн муннуга этнопедагог, академик Константин Спиридонович Чиряевка анаммыт.

 Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала К. С. Чиряев туһунан элбэх матырыйаал, кинигэ харалла сытар. Биһиги кыһабыт түмэлин сүрүн сыала-соруга саха омук сиэригэр-туомугар олоҕуран оҕону иитии, уһуйуу буолар. Былыргы сахалар оҕолорун бэйэлэрин кэннилэриттэн куруук батыһыннара сылдьан үөрэтэллэрэ, уһуйаллара. Бу туһунан Константин Спиридонович үгүстүк этэрэ, оҕолоргутун бэйэҕит кытары тэҥҥэ илдьэ сылдьан үөрэтиҥ-такайыҥ диирэ,  — диэн түмэл салайааччыта Анжелика Антонова этэр.

Түөрт атахтаах чороон

Түмэлгэ экспонаттары анаан-минээн хомуйбатахтар эрээри, былыргы чорооннору, кытыйалары, туос, мас иһиттэри учууталлар, төрөппүттэр аҕалбыттар. Биир ураты экспонатынан түөрт атахтаах чороон буолар. Сэдэх чороон туһунан гимназия дириэктэрэ Валентина Софронеева:

— Хас да сыллааҕыта Германияттан бииргэ үлэлэһэр киһибит гимназияҕа кэлэ сырыттаҕына, өрөспүүбүлүкэбит кэрэ-бэлиэ сирдэринэн сырытыннарбыппыт. Ол сырыттахпытына суоппарбыт ыраах сиртэн сылдьар ыалдьыппытыгар анаан түөрт атахтаах чороону бэлэхтээбитэ. Ыалдьыппыт бэлэҕи бэлэх курдук сыа-сым тутан дойдутугар илдьэ барбыта. Ол эрээри ити ураты оҥоһуулаах чороон олох өйбүттэн тахсан биэрбэккэ, Саха сиригэр кэллэххинэ биһиэхэ аҕаларыҥ буоллар диэн көрдөспүтүм. Онон, чорооммут Арассыыйаны уҥуордаан, Европа дойдуттан төттөрү Саха сиригэр төннөрүллүбүтэ. Билигин гимназиябыт биир дьикти устуоруйулаах экспонатынан буолар. Бу чороону ким, хаһан оҥорбутун билиэхпитин баҕарабыт даҕаны, баччааҥҥа диэри төрдө-төбөтө быһаарылла илик, — диэн кэпсээтэ.

Кырдьык, бу чороон ханна оҥоһуллубута уонна тоҕо түөрт атахтаммыта баччааҥҥа диэри биллэ, быһаарылла илик. Валентина Васильевна этэринэн, устуоруктартан, норуот маастардарыттан чопчулаһа сатаабыттар даҕаны, ким да билбэт, харахтаан көрбөтөх чорооно эбит. Үгүстэрэ соһуйаллар, дьиктиргииллэр үһү.

Федеральнай ирдэбил

Былырыыҥҥыттан федеральнай үөрэх ирдэбилинэн, оскуолаларга саҥа сүүрээннэр киирэннэр, хас биирдии оскуолаҕа түмэл баар буолуохтаах эбит. Онон, Саха гимназиятыгар бу ирдэбил олоххо киирбитэ номнуо ыраатан, үөрэнээччилэр устуоруйаны, саха үгэстэрин, култууратын үөрэтиигэ билиилэрэ-көрүүлэрэ хаҥыырыгар түмэл дьоһун тирэҕинэн буолара хайҕаллаах. Манна саха норуотун былыргы иһитэ-хомуоһа, туттар сэбэ-сэбиргэлэ туруоруллубуттарын таһынан, сэдэх кинигэлэр, матырыйааллар бааллар. Туспа хостононнор, өссө көмүлүөк макетын оҥорторбуттар. Көмөлүөк таһыгар тирии имитэр талкыны, чоҕунан сылытыллар өтүүгү уурбуттарын оҕолор ордук интэриэһиргээн көрөллөр эбит. Сылга хаста да тиэмэлэринэн көрөн экспозицияларын уларытан, саҥардан иһэллэр.

Уһуйааҥҥа, оскуолаҕа оҕо төрөөбүт тылынан иитиллэр, үөрэнэр эйгэтэ тэриллиэхтээх диэн мээнэҕэ эппэттэр. Онон, Саха гимназиятыгар сахалыы тыыннаах түмэллээх буоланнар, куорат оҕолоро саха төрүт үгэстэрин, култууратын, устуоруйатын билэллэр-көрөллөр.

 Биһиги оскуолабыт сахалыы тыыннаах буолан, туох баар тэрээһиннэри төрөөбүт тылбытынан ыытабыт: линейкаттан саҕалаан старостакка тиийэ. Социальнай ситимнэрбитигэр, саайпытыгар сахалыы тылынан суруйабыт. Оскуолабытыгар төрөппүттэри кытары элбэх бырайыактардаахпыт. Холобур, “Тыйаатыр уонна оскуола”, “Төрүччү”, “Оскуола уонна биисинэс” уо. д.а. бырайыактары үлэлэтиигэ төрөппүт көмөтө, кыттыһыыта улахан суолталаах, — диэн дириэктэри солбуйааччы Степан Ноев диэн кэпсээтэ.

Бу курдук куорат гимназията оҕону ийэ тылынан үөрэтиигэ, саха устуоруйатын билиигэ-көрүүгэ үгүс сыратын ууран туран үлэлиирин киһи эрэ кэрэхсиир.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: