«Оҕону олоҥхоҕо уһуйуу» сэминээр ыытылынна

Share

Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйын аатынан Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар Олоҥхоҕо аналлаах олус интэриэһинэй, туһалаах дьоро күн буолла.

Оҕону ускуустуба араас көрүҥэр уһуйар оскуола учуутала Варвара Алексеевна Парфенова уонна иккис кылаас учуутала Татьяна Семеновна Севастьянова улуустааҕы кыттыгас сэминээр ыыттылар. Сэминээр тиэмэтэ — «Оҕону олоҥхону толорууга уһуйуу». Сэминээри Варвара Алексеевна аал уоту оттон, аһатан, алгыс тылы амалыйан саҕалаата. Онтон 2 кылаастарга учууталлара Татьяна Семеновна Севастьянова, уһуйааччы Варвара Алексеевна Парфенова «Олоҥхо үс дойдута» аһаҕас дьарыгы ыыттылар.
Оҕолор дьарыкка олус бэркэ кытыннылар, олоҥхоттон быһа тардан толордулар.

Нэһилиэк киэн туттар олоҥхоһут ыаллара Мария Степановна, Иван Иванович Слепцовтар ыҥырыылаах ыалдьыттар буолан, олоҥхо үс дойдутун ырыатын Варвара Алексеевналыын толороннор, дьарыгы дириҥ ис хоһоонноотулар. Салгыы Варвара Алексеевна учууталларга «Сахалыы тыыныы кистэлэҥэ» диэн маастар-кылаас ыытта. Ыҥырыылаах ыалдьыппыт Иван Иванович Слепцов бэйэтин олоҥхотун биир чаас устата толорбутун бары тыыммакка да, сэргээн иһиттибит. Олус үчүгэй олоҥхону истэн, оҕолор сэргэхсийдилэр.

Иитэр үлэ саабыһа Варианна Васильевна Макарова сэминээри тэрийээччилэргэ, дириҥ ис хоһооннообут Слепцовтар дьиэ кэргэҥҥэ махтанна. Аал-луук маспыт тула оһуохайдаан түмүктээтибит. Өссө да итинник тэрээһиннэр буола турдуннар, кэлэ сылдьыбыт ыалдьыттарбытыгар Мария Степановна уонна Иван Иванович Слепцовтарга, сэминээри тэрийбит уһуйааччыларга үөрэнээччилэр ааттарыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит!

Наташа НИКИФОРОВА, Таатта, Харбалаах

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга:  ахсынньы 14 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий?  Ленскэй, Халыма-Индигиир улуустарыгар, күнүс Дьааҥыга…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

11 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

13 часов ago