Оҕото тыыннааҕын билэр этэ эрээри…

Оҕото тыыннааҕын билэр этэ эрээри…

01.12.2024, 18:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар ГУЛАГ лааҕырдарыттан чугас турбут учаастак пиэрмэлэригэр эдэркээн хомсомуол кыргыттар үлэлииллэрэ.  

Оччолорго хаайыылаах­тар мас кэрдиитигэр, бо­­луот уһаарыытыгар үгүстүк ол учаас­тактарынан ааһаллара. Онно үлэлиир эдэркээн ыанньыксыт кыргыттары кытта билсэн, үгүстэрэ хаайыыттан босхолонон, “спецпереселенец” диэн ааттанан хоту сиргэ силистэрин тардыбыттара. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, кинилэртэн үгүстэрэ элбэх оҕоломмуттара, холобурга сылдьар сис ыалларынан буолбуттара. Ол эрээри көҥүл ылаат, төһө да олохтоох кыыһы кытта ыал буолан олордоллор, туох да сэрэтиитэ суох, тыаһа-ууһа суох хомунаат, дьиэттэн тахсан барааччылар да бааллара.

Кэргэн кэпсэтии

…Аҕа дойду Улуу сэриитэ үгэннээн турар кэмэ. Алҕас айахтатан кэбиһэн, Дьэмиит “антисоветчина» диэн балыыр­га түбэһэн, 10 сылга хаайыллыбыта. Араас лааҕырдарынан сылдьан баран, төрөөбүт нэһилиэгин аттыгар баар чугас бириискэҕэ түбэһэн кэлэн хаалла. Биир үтүө күн кини эмчит Самусовы кытта көрсөн ону-маны кэпсэтэ олорон, олоҕун кэпсээн ылла. Иван Дьэмиит 16-лаах кыыстааҕын истэн сэргии түстэ:

– Хата, миэхэ ол кыыскын эргэ биэрбэккин ээ. Эн дьыалаҕын манна салгыы хайдах “хаахтытыахтара” биллибэт. Оттон мин аҕа кынныбын көмүскэһиэхпин сөп буоллаҕа…

Дьэмиит эмчит сирэйин-хараҕын одууласта, эмиэ да күлүү оҥостор, элэктиир курдук буол­батах курдук. “Ээ чэ, буоллун, сөпкө да этэр” дии санаата. Ол да буоллар, киһититтэн ыйытаач­чы буолла: “Арай кыыс нууччаҕа тахсыбаппын диэн бууннаан турдун?”

“Хайыахпытый, төннөн кэлиэхпит буоллаҕа дии” диэн хоруйдаата. Ити курдук Дьэмиит уонна Самусов дьонтон кистээн Сайылыкка көтүтэн тиийбиттэрэ. Күтүөт буолуохтаах киһи  бытыылкалаах испиир ылбыт. Кыыстаах ийэни туруоран, чэйдээбиттэр. Татыйаас кыыһын эргэ биэрэргэ тута сөбүлэспит. Кииринньэҥ ийэ кыыһын бэйэтиттэн утаа­рар баҕата оччо күүстээҕэ. Маайаттан ол туһунан ыйыта да барбатахтара. Күтүөт саҥа аймахтарын испииринэн уонна хара килиэбинэн күндүлээбитэ. Оттон Маайа кыыс кэргэн кэпсэтэ кэлбит киһитин оһох кэннигэр саһан көрбүт үһү. Билсиһиилэрэ диэн ол.

Дойдутугар – букатыннаахтык

Сыл буолан баран, Самусовтар уол оҕоломмуттара. Уолларын Миша диэн ааттаабыттара. Сотору кэминэн бириискэ иһигэр хамсааһын буола түспүтэ: ким дойдутугар төннөр көҥүлү ылар, ким “спецпереселенец” буолан, салгыы үлэлии хаалар. Иван ыраах “материкка” (олохтоох нууччалар дойдуларын итинник ааттыллар) төннөр бигэ санааны ылынар. Эмиэ да суобаһа оонньуурга дылы – Маайаны хайдах киин сиргэ ылыай, көҥүллүк үөскээбит эдэр дьахтар онно билбэт сиригэр тыына-быара хаайтарара чахчы. Аны итиччэ көҥүл ылан баран, манна, кый ыраах түҥкэтэх сиргэ, олоҕун моҥуо дуо? Суох, хайаан да тэскилиэн наада мантан! Оҕотун бэйэтэ да улаа­тыннарыа, үөрэхтээх киһи оҥоруо. Итинник бигэ санааны ылаат, өрүү бары дьыалатын кистээн оҥоро үөрэммит Самусов, сотору төннүөх буолан, харах баайыыта оҥорон, Маайатын кытта быраһаайдаһан баран дьиэтиттэн букатыннаахтык тахсан барар. “Көр, кыратык да сүрэҕим нүөлүйэн ылбата эбээт, ол аата, быһаарыныым сөптөөх эбит!” диэт, Маайатын олох умнарга сананар.

Уола баарын биллэрбит

Сыллар ааһан испиттэрэ. Дьоно биллибэтэхтэрэ. Маайа кистээн ытыы сатаан баран, умна быһыытыйан эрдэҕинэ, бириискэҕэ буостаҕа үлэ­лиир дьахтар “эн кэргэҥҥин кэтэһимэ, кини оҕоҕун кытта Эбир Хайаҕа сөмөлүөт саахалланан, сырдык тыына быстыбыта. Эйигин айманыа диэн кэпсээбэтэхпит” диэн эттэ. Хайыай, Маайа чугас дьонун букатыннаахтык сүтэрэн, Дьылҕа Хаан оҥоһуутун кытта сөбүлэспит. Кини кэлин иккитэ эргэ тахсан, эбии сэттэ оҕону төрөтөн, дьылҕата олох атыннык салаллыбыта. Кэлин ол буостаҕа үлэлээбит дьахтар «эн дьоҥҥун сөмөлүөккэ саахалламмыттар үһү диэн сымыйанан кэпсээбитим. Киһиҥ уолун ылан, дойдутугар аны төннүбэттии барбыта. Хас да сыл ааспытын кэннэ этээр, мин кинини кытта маннык түҥкэтэх сиргэ үйэбин моҥуур са­­наам суох диэбитэ» диэн билиммитэ.

70-с сыллар саҕаланыыларыгар биирдэ нэһилиэктэригэр эмчитинэн үлэлии сылдьар нуучча кыыһа Екатерина Карелинаҕа Маайа балыыһаҕа ньээҥкэлии сылдьан,  бастакы кэргэнин, уолун туһунан кэп­­сээбитэ. Ол онон умнуллубута. Арай биир үтүө күн Маайаҕа «Волгоградтан сурук кэллэ» диэн аҕалан туттарбыттара.  Кыргыттарыгар аахтарбыта… 23 сыллааҕыта аҕатын кытта барбыт уола суруйбут! Маайа суругу тутаат, оччолорго Бүлүү Балаҕаччытыгар ыал буолан олорор кыыһыгар Раисаҕа ыыппыта. Иһигэр «Комсомольская правда» хаһыаты укпут. Бу хаһыакка били быраас кыыс саха кыыһын уонна байыаннай быраас олохторун суруйбут уонна нэһилиэк аадырыһын ыйбыт эбит. Ону ааҕан, Маайа уола ийэтигэр суруйбут.

Хаан тардыыта

Ийэтин сэрии кэминээҕи олоҕун кэпсээбит Раиса Захарова ол суругу тутан баран, убайын кытта көрсүһүүтэ хайдах салаллыбытын маннык кэпсиир:

– Мин хаһыаты көрөн баран, хаартыскаҕа бастаан утаа бэйэм олорор курдук са­­наан, «бу хаһан маҥан бэргэһэ кэтэ-кэтэ түспүппүнүй?” дии санаабытым. Убайым миэхэ оннук майгынныыр эбит этэ. Дойдубун ахтарым бэрт буолан, кэргэмминээн оҕолорбутун кытта дойдубар көһөн кэлбиппит. Онно кэлээт, убайбын кытта чугастык билсэн, суруйсан барбыппыт. Убайым Уфаҕа милиция училищетыгар үөрэнэр эбит этэ. Кэргэннээх, икки оҕоломмут. Үөрэҕин бүтэрэн баран, Саха сиригэр Ленскэйгэ анаммыт. “Миигин кэлэн көрүс” диэбитин ылынан, убайбын көрүөхпүн олус баҕарар буолан, Ленскэйдээбитим. Хааммыт тартаҕа буолуо, ик­­киэн бэйэ-бэйэбитин тута билбиппит. Майгыннаһар өрүппүт үгүс этэ. Балтыларым хаартыскатын көрдөрөн, хас биирдиилэрин кэпсээбитим. Аҕам миигин көрсө кэлээри сылдьан, халтарыйан атаҕын тоһуппут этэ. Онон кинилиин көрсөр түгэни Дьылҕа Хаан бэйэтэ тохтоттоҕо. Убайбынаан син өр суруйсубуппут. Аҕам эмиэ суруйар буолбута. Саадтаах, оҕуруоттаах, массыыналаах эбит этэ. Миигин кэлэн күүлэйдээн бар диирэ да, Волгоград, санаабар, олус ыраах курдуга. Онтон дьоммун кытта сыыйа тэйсэн барбытым. Кийиитим ордук түүлээҕи интэриэһиргиир буолан, сакаастара күндү түүлээх буолан барбыта. Саха сиригэр олороҕун да, саһылга уонна киискэ суулана сылдьар курдук санаа үөскүүр быһыылаах. Онон сыыйа суруйсуубут мөлтөөн, тохтообута. Мин ыраах нуучча аҕабын уонна убайбын кытта билсиим итинэн бүппүтэ. Ийэм бастакы оҕото тыыннааҕын билэр этэ эрээри,  кыайан көрсүбэтиттэн наһаа хомойоро. “Саатар биирдэ кэлэн да барбат…” диэн күүтээхтиирэ. Убайым да, аҕам да кэлин да биллибэтэхтэрэ… – диэн өрө тыынар Раиса Ивановна.

Ити курдук, сэрии ыар сыллара саха дьахтарын олоҕор итинник эмиэ дьайан ааспыттара. Маайа бастакы оҕото тыыннааҕын билэ-билэ, хаһан да харахтаан көрбөтөҕө.

+1
3
+1
1
+1
0
+1
0
+1
4
+1
2
+1
7
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -48°Влажность: 66% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: