Оҕоттон дьолломмут Өймөкөөн ытык ыала

Share

Бу күннэргэ Тымныы полюһунан аатырар Өймөкөөн улууһун Биэрэк Үрдүн нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Иванович уонна Христина Ананьевна Дьокуускай куоракка кэлэн, кыһыл көмүс сыбаайбаларын бэлиэтээтилэр.

Санаан көрүҥ, ылбычча ыал санаатаҕын аайы бу курдук дьолго тиксибэтэ чахчы. 1973 сыллаахха ыал буолар урууларыгар эдэркээн ыанньыксыт Христина уонна тырахтарыыс Гаврил Кривошапкиннарга «аны 50 сылынан Дьокуускайга тиийэн, өрөспүүбүлүкэ аатырар киэҥ-куоҥ ЗАГС-ыгар Саха сирин “Ытык ыал” Бочуот кинигэтигэр киириэххит, СӨ Бырабыыталыстыбатын “Килбиэннээх дьиэ кэргэн” анал бэлиэни тутуоххут» диэн эппиттэрэ буоллар, бука, остуоруйа олоҕун курдук ылынан, итэҕэйиэ суох этилэр. Оттон оннук түгэн кинилэр олохторугар илэ тосхойдо. Кривошапкиннар алта оҕолоохтор. Талбыт курдук, үс уол уонна үс кыыс. 23 сиэн, 5 хос сиэн тапталлаах эбээлээх эһэлээрэ. Ол эбэтэр иккиэ бэйэлэрэ 30-тан тахса киһини тэнитэн,  Көмүс сыбаайбаларын үөрүүтүн  үллэстэр дьолу бэлэхтээтилэр.

Улахан уоллара Рустам Кривошапкин дьонун үөрүүлээх түгэнин киин куоракка бэлиэтиир туһунан толкуй өссө быйыл сайын киирбитин туһунан кэпсээтэ:

Быраатым Ньургун, кийиитим Ольга Кривошапкиннар быйыл сайын Өймөкөөҥҥө Олоҥхо ыһыаҕар тиийэ сылдьан, төрөппүттэрбит сөбүлэҥнэрин ылан кэлбиттэрэ. Онтон докумуон толоруута, кэпсэтиитэ саҕаламмыта. Хата, дьоммут 50 сыл анараа өттүгэр күһүн баччаларга бастакы урууларын оҥорбут кэмнэрин баттаһан, эдэр саастарын дьоллоох түгэнин төнүннэрэн ыллыбыт. Бу — биһиги төрөппүттэрбитигэр дириҥ махталбыт бэлиэтэ. 

Христина Ананьевна уонна Гаврил Иванович Кривошапкиннар ЗАГСка бэлиэтээбит үөрүүлээх түгэннэригэр анаан сырыттым. Оҕолоруттан дьолломмут тыа сирин ыала санааларын маннык үллэһиннилэр:

Кэпсэтэн бүтээппитин кытта, үбүлээрдэри улахан саалаҕа ыҥырдылар.

Биэрэк Үрдүн олохтоохторо Гаврил уонна Христина Кривошапкиннар 50 сыл анараа сыл аал уоту оттунан, алаһа дьиэни тэринэн, төрүүр оҕону төлкөлөөн, билигин сиэннэрин, хос сиэннэрин бүөбэйдээн, дьоллоох ыал быһыытынан олороллорун туоһута — «Ытык ыал» Бочуот кинигэтигэр киирбиттэрин туһунан илии баттааһыннара буолла.

Ытык ыал кинигэтигэр киирбит дьон ахсааныгар өссө биир дьоллоох ыал эбилиннэ.

Ол кэнниттэн Кривошапкиннар 50 сыл бииргэ олорбуттарын туоһулуур кыһыл көмүс биһилэхтэрин бэйэ-бэйэлэригэр кэтэртилэр.

Бииргэ олоруу 50 сыллаах үбүлүөйэ таптал уураһыытынан бигэргэннэ.   Оҕоттон дьолломмут ыалы оҕолоро уонна сиэннэрэ эҕэрдэлээтилэр.

Гаврил Ивановичка уонна Христина Ананьевнаҕа үөрүүлээх быһыыга-майгыга оҕолорун  уонна сиэннэрин ортотугар СӨ Бырабыыталыстыбатын “Килбиэннээх дьиэ кэргэн” анал бэлиэтин, “Ытык ыал” Бочуот кинигэтигэр киирбит Туоһу суругу уонна Ил Дархан Айсен Николаев Эҕэрдэ суругун туттардылар.

Бу түгэҥҥэ Гаврил Иванович уонна Христина Ананьевна кырдьар сааска оҕоттон дьоллонуу  дууһаны долгутар, уйадытар ураты иэйиитигэр куустардылар, толору дьол ухханыгар уйдардылар.

Ыраах Өймөкөөнтөн төрөппүттэрин бэлиэ түгэнин үйэтитээри оҕолоро анаан аҕалан, бу күннэргэ Тыгын Дархан эрэстэрээҥҥэ үйэлэргэ умнуллубат “Кыһыл көмүс сыбаайбаны” тэрийдилэр.

Сиһилии Гаврил Иванович уонна Христина Ананьевна Кривошапкиннар олохторун суолун туһунан «Саха сирэ» хаһыат чэппиэрдээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ. 

What’s your Reaction?
+1
16
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Чаҕылхайдык чаҕаарар чаабы-чыыбы чабырҕах». Кимнээх кыайдылар?

 Соторутааҕыта ыытыллыбыт  «Чаҕылхайдык чаҕаарар чаабы-чыыбы чабырҕах»  норуот айымньытын өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл-куонкуруһа Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр…

8 минут ago
  • Оҕо саас сыла
  • Чэгиэн

10 тыһ. кэриҥэ кыһыл оҕоҕо нэһилиэстибэнэн бэриллэр ыарыы баарын-суоҕун бэрэбиэркэлээтилэр

Саха сиригэр сыл саҕаланыаҕыттан 9809 оҕо кэҥэтиллибит неонатальнай скринины ааста. Бу туһунан СӨ Доруобуйа харыстабылын…

17 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Халаантан эмсэҕэлээбит дьиэлээх ыалларга хоромньуларын төлүүргэ миллиард кэриҥин биэриэхтэрэ

Быйыл сааскы халаан түмүгэр дьиэлэрэ-уоттара эмсэҕэлээбит 745 ыалга хоромньуларын төлүүргэ 985 мөлүйүөн солкуобай көрүллүөҕэ, диэн…

31 минута ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

ВИДЕО. Алдаҥҥа торҕоннообут эһэ булчуту эчэппит, ыты сиэбит

Саха сирин ТГ-ханаалларынан Алдан оройуонугар торҕоннообут эһэ булчут үүтээнигэр киирэн эр киһи атаҕын бааһырдыбытын уонна…

47 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ытык Сайсары күөл статуһа уларыйда

Сайсары күөл - «Култуура нэһилиэстибэтэ - Ытык сир» диэн статуһу сүктэ. Киин куорат  күөлэ судаарыстыбаттан…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Субсидияҕа тоҕо аккаастыылларый?

Дьиэ-уот хомунаалынай өҥөтүгэр субсидиянан туһанааччыларга сыһыаннаах ыйытыы. -- Субсидияҕа үгүстүк ханнык биричиинэнэн аккаастыылларый? Ыйытыыга “Субсидия…

2 часа ago