Оҕотун кырбаан баран бытарҕан тымныыга үүрбүт
Оҕоҕо кырыктаах сыһыан туһунан суруйан турабыт. Мэҥэ Хаҥалас улууһугар оҕоҕо кырыктаах сыһыан таҕыста.
Ол курдук Саҥа дьыл иннинэ, ийэ арыгы иһэн баран сааһын ситэ илик оҕотун уруогун аахпатаҕын иһин кырбаан баран -40 кыраадыс тымныыга таһырдьа үүрбүт. Ол эрээри, санаата буолбакка үс мүнүүтэ тоҥоро түһэн баран төттөрү киллэрбит уонна курунан уончата оҕотун төбөҕө, илиигэ, искэ уонна көхсүгэ сырбаппыт. Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата холуобунай дьыалаҕа буруйдуур түмүгү оҥорон, ийэ Арассыыйа Федерациятын холуобунай кодексатын 156 ыст. сааһын ситэ илик оҕону иитиигэ, көрүүгэ эбээһинэһин толорботоҕун уонна оҕоҕо кырыктаах сыһыанын иһин буруйданар. Эмсэҕэлээбит оҕо балыыһаҕа киирэн эмтэммит. Буруйдуур түмүк оҥоһуллубутун кэннэ дьыала суукка барбыт.
СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, оҕону дьиэ кэргэниттэн ылан социальнай тэрилтэҕэ олохтообуттар. Оттон ийэтигэр ийэ быраабын быһар туһунан боппуруос көрүллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: