Оҕунан ытыыга Саха сиригэр Арассыыйа чөмпүйэнээтэ ыытыллыа дуо?

Share

Саха сиригэр 2026 сылга оҕунан ытыыга Арассыыйа чөмпүйэнээтэ уонна первенствота ыытыллыан сөп.

Ааспыт сырыыга чөмпүйэнээт 2014 сыллаахха Дьокуускайга  ыытыллыбыта. Бу туһунан «Сахамедиа» өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-кииҥҥэ пресс-кэмпириэнсийэ кэмигэр оҕунан ытыыга Федерация Бэрэсидьиэнэ Василий Ефимов иһитиннэрдэ.

«Биһиги билигин күрэх кыһыҥҥы эбэтэр сайыҥҥы буоларын быһаарабыт. Арассыыйа чөмпүйэнээтэ биһиэхэ 2014 сылга бүтэһик төгүлүн кыһын ыытыллыбыта. Бу биһиэхэ үчүгэй сонун, оҕунан ытыы бырааһынньыга буолуоҕа. Биһиги сыалбытын-сорукпутун санатыахпын баҕарабын — 2032 сылга икки олимпиецпытын ылыахтаахпыт. Онуоха биһиги дойду 24 спортсмена уонна ох саанан ытыынан күүскэ дьарыктанар 3000 киһи наада. Билигин 1700 киһи баар. Сыал-сорук син өйдөнөр, кээмэйдэнэр уонна ситиһиллэр», — диэн Ефимов кэпсээтэ.

Итиэннэ кини Саха сиригэр чугастааҕы өттүгэр ох саанан ытыы дром тутуута былааннаммытын болҕомтоҕо ылла. Бу спортсменнарга сыл устата, кыһыҥҥы кэмҥэ да, үчүгэй усулуобуйаҕа дьарыктаналларыгар көмөлөһүөҕэ.

Санатан эттэххэ, Дьокуускайга соторутааҕыта оҕунан ытыыга Саха сирин чөмпүйэнээтэ ыытыллыбыта. Күрэх эрэгийиэн 283 спортсменын уонна 25 эрэгийиэн оройуоннарын хомуйбута.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Социальнай төлөбүрдэр тохсунньуга хаһан түһүөхтэрэй?

Социальнай төлөбүрдэр тохсунньуга кыраапыгынан түһүөхтэрэ. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы социальнай управление иһитиннэрдэ.   70-80 саастарын туолбут…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Ахсынньы 31 күнүгэр «Хара Ый» үүнүөҕэ

Ахсынньы 31 күнүгэр - 2024 сыл бүтэһик күнүгэр саҥа Ый үүнэр. Бу күҥҥэ "Хара Ый"…

12 часов ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Мария Столярчик: “Дьиэ кэргэним – дьылҕам бэлэҕэ”

Аҕыйах хонугунан Дьиэ кэргэн сылын атаарыахпыт. Онон бу үтүө сылы түмүктээн, Саҥа дьыллааҕы хаһыаппытыгар элбэх…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокутаат Виктор Лебедев оҕолорго бэлэхтэри туттарда

Дьокутаат Виктор Лебедев уонна "Саханефтегазсбыт" аатыттан М.Е. Николаев аатынан Мэдиссиинэ киинин - 1-кы №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи…

13 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Намҥа сүппүт киһини көрдүүллэр

Бүгүн, ахсынньы 30 күнүгэр, Нам улууһун Түбэтигэр  1949 сыллаах төрүөх киһи сүппүт. Бу туһунан СӨ…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

1977 сыллаах моҕойдор: «Оҕо буолан ылар курдук дьол суох…»

Кэлээри турар сылга, Моҕой сылыгар төрөөбүт дьон 12 сыл  анараа өттүгэр Саҥа дылы хайдах көрсүбүттэрин,…

15 часов ago