Оҕурсуга ууну кутуу, эбии аһатыы, эмтээһин

Оҕурсуга ууну кутуу, эбии аһатыы, эмтээһин

Ааптар:
15.07.2024, 21:21
Хаартыска: pxhere.com/ru
Бөлөххө киир:

Оҕурсуга ууну халыччы, күүскэ саба ыһан кутуллубат. Буора аһыллан, силиһэ тахсан кэлэр. Силис баара-суоҕа 20 см. дириҥҥэ сытар, онон тула ардахтатан ыстарабыт. Оҕурсу 80% сииктээх салгыны ордорор үүнээйи. Ол эрээри, аһара ууну ыстарбаккытыгар сүбэлиибин, араас ыарыылары, үөнү-көйүүрү тэнитиэххитин сөп.

Ууну кутуу

Этиллибитин курдук ууну сөбүн көрөн кутабыт: сибэккилэниэр диэри 2-3 хоно-хоно кутуоххутун сөп, онтон астанар кэмигэр күн аайы эбэтэр күн көтө-көтө. Нуормата: биир үүнээйигэ 1,5-2,0 л. Кутар уугут температурата 22-24°С буоларын ситиһэ сатааҥ. Тымныы ууну куттахха чернай ножка (атаҕа сытыйар) уонна корневой гниль диэн ыарыы буулуон сөп. Холобура, күөл уутун (туустаах буолар) туттар буоллаххытына, уугутун сылааска туруоран сылытаҕыт, сөрүүн буоллаҕына итии уу эбии кутуллар. Ууну булгуччу туруоран сөҥөрдүллэр. Үүнээйигэ ардах, хаар, муус уута.

Ууну оҕурсу сибэккилиир кэмигэр аллараанан силиһигэр эрэ кутуллар, үөһэттэн аллараа ыстарыллыбат. Умнастара уһун буолан, сэбирдэхтэрэ улаатан истэхтэрин аайы уу кутуутун арыый элбэтэбит. Ол курдук астанан саҕалаата да, 10 л. ууну 1 кв.м. кутуллар. Олох куйаас кэмнэргэ оҕурсу итииттэн намылыйар (32-350С) маны намтатан, ардахтатааһын оҥоһуллар. Итинник гыннахха тэпилииссэ иһэ, үүнээйи сөрүүкүүр, үүнүүтэ тохтообот, буоһааһына эбэтэр куоппаһырыыта толору барар.

Оҕурсу силиһэ 20-30 см. эрэ дириҥҥэ тарҕанан үүнэр. Үүнэр кэмигэр күн аайы уу кутуллан, буора силиһин үрдүнэн арыллан хаалар, көрө сылдьан эбии 2-3 см. кунус кутан бэриллэр. Уу элбэхтэ кутуллан үөһэ буоругар корка (хах) үөскүүр, ону уктаах синньигэс маһынан, биилкэнэн тэһитэ анньан бэриллэр.

Үүнээйибитигэр аһары ууну кутууттан аһа тахсан иһэн саһаран баран устунан тууллан түһэр, онтон кыратык куттахха амтана аһыы буолар.

Эбии аһатыы

Эбии аһатыыга улахан суолта бэриллиэхтээх. Үүнээйилэри уон хонукка биирдэ эбии аһатыллар. Сибиэһэй ноһуому буочукаҕа көөнньөрөн эбии аһатыы ордук туһалаах. Киниттэн салгыҥҥа элбэх углекислота көтөр, ону сэбирдэхтэринэн иҥэринэр. Эбии аһатыыга минеральнай уоҕурдуулар уопсай ыйааһыннара 10 л ууга 70 г ордуо суохтаах. Итинник суурадаһыны биир үүнээйигэ 0,5 л кутуллар.

Оҕурсуну астанар кэмигэр 10-12 хонук буола-буола хаста да эбии аһатыллар. Ас тахсан эрдэҕинэ бастакы эбии аһылыгы биэриллэр. Эбии аһылык састааба уонна нуормата: 10 л ууга 1 л убаҕас ынах сааҕа, 1 ост. нь. калийнай селитра, биир укка 1,5-2 л суурадаһын. Иккис эбии аһылык: 10 л ууга 3 ост.нь. мас күлэ, биирдии ост. нь. мочевина, хойуу чэй өҥнөөх убаҕас натрий гумата, биир укка 1,5-2 л суурадаһын. Үһүс эбии аһылык: 10 л ууга 1 ост. нь. “Азофоска”, биир укка 1,5-
2 л суурадаһын. Эбии аһылыгы ууну кутар курдук эмиэ киэһэ биэрэр ордук. Бастакы аһы улаатыннарбакка быһыллар, оччоҕуна аһын куттаҕына түргэтиир, элбэх үүнүүнү биэрэр.

Ыарыыта

Оҕурсу саамай тарҕаммыт ыарыыта фузариоз — силис ыарыыта (корневая гниль). Буорга фузариум диэн түүнүк тэллэйэ баар. Ол куһаҕан көрүү-харайыы түмүгэр мөлтөөбүт силиһи сутуйар. Силиһэ ыалдьан, аһылыгы аанньа иҥэриммэт буолар. Силис сыыйа тэллэйинэн сутуллан хараарар эбэтэр күрүҥ өҥнөнөр. Силис ыарыйда да, үүнээйи сэбирдэхтэрэ аллараттан саҕалаан ньалбайан бараллар, умнаһын төрдө сымныыр, сотору үүнээйи өлөр.

Бу тэллэй тоҕо тарҕанарый уонна ону хайдах бохсуохха сөбүй? Бастатан туран, буору үчүгэйдик бэлэмнээбэттэн. Ханнык баҕарар оҕуруот аһын олордор буору кичэйэн ыраастаныаллыахтаах уонна эмтэниллиэхтээх. Иккиһинэн, тэпилииссэ температурата уларыйа турар буоллаҕына, үүнээйи хара маҥнайгыттан тас усулуобуйаны тулуйбат, бытааннык үүнэр, кыайан чэбдигирбэт. Буор тууһурбут буоллаҕына уонна минеральнай уоҕурдууну элбэхтик туттуу үүнээйигэ эмиэ ыараханнык дьайар. Онон оҕурсубут аанньа үүммэт уонна ыарыыга ылларымтыа буолар. Олус элбэх ууну (ордук тымныыны) кутан буорбутун наһаа сиигирдэбит, буор тымныы уонна салгына тиийбэт буолар. Оччоҕуна тэллэй тарҕанара түргэтиир. Дьэ ити курдук үүнүүнү бэйэбит мөлтөтөбүт, тэллэй тарҕанарыгар табыгастаах усулуобуйаны тэрийэн биэрэбит.

Огуречнай мозаика диэн ыарыы оҕурсуну үүннэрии ирдэбилин тутуспаттан үөскүүр. Ол курдук, тэпилииссэ буорун эбэн биэрдэххэ органическай уоҕурдуунан эмтээбэтэххэ уонна тэпилииссэ сииктээх, температурата мэлдьи уларыйа турар буоллаҕына, бу ыарыыны күөдьүтэр вирус элбиир. Вирус үүнээйи бааһынан киирэр уонна умнас, сэбирдэх иһигэр бэрт түргэнник ууһуур, тарҕанар. Холобур, сэбирдэҕи, лабааны, бытыгы илиигитинэн быһыта тыыталаан хомуйаҕыт. Маннык баас тырыттаҕас буолар уонна бытааннык оһор. Оттон сытыы кыптыыйынан кырыйталаатаххытына, бааһа дэхси буолар, түргэнник тардар уонна устунан оһор.

Бу ыарыы тарҕаммытын бастакы бэлиэтинэн сэбирдэҕэ эҥин араас эриэн өҥнөнөр. Үүнээйи улаатара бытаарар, сэбирдэҕин эриэнэ элбиир, улааппат уонна мыччыстар. Сибэккилиир уонна астанар кэмигэр сибэккитэ дьүдэх, аһа токур-бокур, кыра буолар. Маннык үүнээйини уталыппакка хомуйан быраҕан иһиэхтээххит.

Биһиги усулуобуйабытыгар оҕурсуну буортулуур үөн-көйүүр суоҕун тэҥэ. Ол эрээри, сэдэхтик да буоллар паутиннай клещ диэн кып-кыракый күөхтүҥү араҕас өҥнөөх оҕурсу сүмэһинин супту уулаан аһыыр уонна тарҕанар үөн үөскүөн сөп. Бу үөн сэбирдэх аллараа күлүк өттүгэр, тымырдарын кытыытынан мунньустар уонна сэбирдэҕи сип-синньигэс сырдык өҥнөөх ситиминэн (паутина) бааччайар. Клещ сэбирдэх субатын алдьатан сүмэһинин оборон ылар. Сэбирдэх кып-кыра, лоскуй-лоскуй эҥин араас өҥнөнөр, саһарар, хатар-куурар.

Паутиннай клещ көһүннэ даҕаны маннык суурадаһыны бэлэмниигит уонна онон эмтиигит: 10 л ууга 200-250 г мясорубканан эриллибит чеснок, 1 куһуок таҥас сууйар мыыла. Чеснок уонна мыыла суураллыбытын кэннэ уугутун сиидэлиигит. Сиидэлэммит суурадаһынынан биэстии хоно­хоно Роса бытыылкатыгар кутан баран, ыстаран эмтиигит. (Егорова А.М. «Помидор. Огурец», Бичик, 2001 с.). Оҕурсу ыарыыларыттан сэрэтэр, эмтиир биопрепарааттар туһунан Саха сирэ.ру саайтка ааҕаарыҥ.

Мария ЛУКИНА, АГАТУ ойуур комплексын уонна сири оҥорууга факультетын агрономия уонна химия кафедратын старшай преподавателэ.

+1
13
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
2
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: