Оҕурсуттан хал буолбаппыт!
Дьон күһүөрү оҕурсуну сааскы курдук ахтан туран сиэбэт итиэннэ сиппит оҕурсу элбэх буолар. Оҕурсуттан икра оҥороллорун, оннооҕор ыһаарылыылларын билэҕит дуо? Сыраҕыт халтай хаалбатын туһугар дьоҥҥутун араас бүлүүдэлэри астаан күндүлээҥ.
Оҕурсулаах бөрүөк
Туох ирдэнэр: туустаах оҕурсу – 300 кыраам, бурдук – 400 кыраам, мас арыыта – 3 ост. ньуоска, сылаас үүт – 250 мл, доруоһа – 1 кыра ньуоска, саахар –
2 ост. ньуоска, туус – 1 кыра ньуоска (тиэстэҕэ); төгүрүктүү бустук сымыыт – 5 устуука, туустаах оҕурсу – 300 кыраам, сибиэһэй күөх луук – биир кыра тутум, хара сыттаах биэрэс – кыратык (начыыҥкатыгар).
Хайдах бэлэмниибит: сылаас үүттээх иһиккэ ыйыллыбыт састаабы барытын кутан булкуйан баран сымнаҕас тиэстэ мэһийэн көтөҕүлүннэрэ уурабыт.
Бу кэмҥэ оҕурсуну, сымыыты, луугу түөрт муннуктуу бысталаан баран тума эбэбит, сэрэнэн кичэйэн булкуйабыт.
Тиэстэбит тахсыбытын кэннэ икки чааска араарабыт, төгүрүк быһыылаах гына тэнитэлиибит, ортотугар оҕурсуулаах састааппытын кутабыт уонна үрдүнэн иккис тиэстэнэн бүрүйэн баран кытыыларын салгын тахсыбат гына ыга бүөлүүбүт, үрдүн үс сиринэн биилкэнэн дьөлө анньабыт, чаас аҥаара курдук туруора түһэн баран 120 кыраадыс итии духуопкаҕа буһарабыт.
Ыһаарыламмыт оҕурсу
Туох ирдэнэр: оҕурсу – орто кээмэйдээх үс устуука, сымыыт – 3 устуука, туус – кыратык, оҕуруот аһыгар аналлаах тума – кыратык, кэпиир – 1 ыстакаан, бурдук – 1 ыстакаан, разрыхлитель эбэтэр суода – кыра ньуоска төбөтүгэр.
Хайдах бэлэмниибит: сууллубут орто кээмэйдээх оҕурсулары төрдүлэрин, төбөлөрүн ылан быраҕабыт, хахтыыбыт уонна саамай кыра тиистээх теркаҕа теркалыыбыт (уулаах хааһы курдук буолуохтаах). Сымыыт уоһахтарын, кэпиири оҕурсуга кутан кичэйэн булкуйабыт. Оҕурсуулаах иһиппитигэр бурдугу, разрыхлители кыралаан кута-кута миксеринэн булкуйабыт. Туспа иһиккэ сымыыт үрүҥэр туус кутан баран миксеринэн үллүөр, маҥхайыар диэри эрийтэрэбит. Үллүбүт сымыыты тиэстэҕэ кутан сэрэнэн булкуйабыт (хойуутун сүтэрбэтин курдук). Итии хобордооҕу кыра арыынан умньаан баран алаадьы курдук кутан, хаппахтаан икки өттүттэн буһарабыт.
Оҕурсуттан судургу лечо
Туох ирдэнэр: оҕурсу – 2 киилэ, помидор – 1 киилэ, кыһыл өҥнөөх минньигэс биэрэс – 500 кыраам, моркуоп – 300 кыраам, эриэпэ луук – 300 кыраам, аһыы биэрэс – ким хайдах сөбүлүүрүнэн, туус – 2 ост. ньуоска, саахар – 4 ост. ньуоска, мас арыыта – 80 мл, 6% яблочнай эбэтэр виннэй уксус – 60 мл., чеснок – 4 өлүү.
Хайдах бэлэмниибит: Оҕурсуттан ураты оҕуруот аһын мясорубкаҕа эрийтэрэбит. Бэлэм маассаҕа туус эбэн баран 10-15 мүн оргутабыт. Салгыы бытархай гына кырбаныллыбыт чесногу уонна сууйуллубут, чараас гына төгүрүктүү кырбаммыт оҕурсуну кутан оргутабыт. Оргуйбутун кэннэ булкуйа-булкуйа манаан туран 8 мүн. тэптэрэн ылабыт. Итиилии оргуйбут бааҥкаларга кутан хаппахтыыбыт.
Сибиэһэй оҕурсуттан соус
Туох ирдэнэр: оҕурсу – 400 кыраам, эриэппэ луук – 1 орто, сельдерей – биир кыра тутум, туус – 2 кыра ньуоска, хартыыһа мээккэлэммэтэх (зернистай) – 1 кыра ньуоска, аһыы биэрэс – ким хайдах сөбүлүүрүнэн (тууһаммыт аһыы биэрэс ордук барсар), мүөт – 1 ост. ньуоска, рисовай уксус (атын барсыбат) – 1 кыра ньуоска, лимон суога – 1 кыра ньуоска.
Хайдах бэлэмниибит: Оҕурсуну түөрт муннуктуу кыра гына кырбыыбыт, туус кутан булкуйан баран түүн устата туруорабыт уонна сиидэҕэ кутан уутун барытын ыгабыт. Манна хартыыһа уонна бытархай аһыы биэрэс, мүөт, рисовай уксус эбэбит.
Луугу бытархай гына кырбаан баран кыра оливковай арыыга ыһаарылыыбыт. Сельдерейи төһө кыалларынан кыра гына кырбаан баран лууктаах хобордооххо кутан тэптэрэн ылабыт. Итиэннэ итиилии оҕуруот аһыгар кутан булкуйабыт. Соус бэлэм. Маны хаһааныллыбат, холодильникка ууран туран икки-үс күн туттуохха сөп.
Оҕурсуттан икра
Туох ирдэнэр: оҕурсу – 1 киилэ, помидор – 500 кыраам, минньигэс биэрэс – 500 кыраам, туус – 1,5 кыра ньуоска, саахар – 3 ост. ньуоска, мас арыыта – 2 ост. ньуоска, чеснок – 1 устуука (головка), 9 % уксус – 1 ост. ньуоска, аһыы биэрэс – ким хайдах сөбүлүүрүнэн.
Хайдах бэлэмниибит: Оҕурсуну, помидору, минньигэс биэрэһи барытын мясорубкаҕа эрийтэрэбит. Барытын иһиккэ кутан баран сүмэһинэ аҕыйыар диэри буһарабыт. Салгыы туус, саахар, мас арыыта эбэн баран өссө 30 мүн. курдук кыра уокка оргутабыт. Буһара икки-үс мүнүүтэ хаалбытын кэннэ чеснок, аһыы биэрэс, уксус кутан баран булкуйабыт. Итиилии оргуйбут бааҥкаларга кутан сойуор диэри умса уурабыт, таҥаһынан бүрүйэбит. Бүттэ. Оҕурсуттан биир бүлүүдэ бэлэм!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: