Оҕурсуу өлгөм үүнүүтүн кистэлэҥнэрэ
Бу күннэргэ оҕуруоччуттарга эппиэттээх кэм саҕаланна. Өлгөм үүнүүлээх оҕуруот аһын ылары ситиһэргэ кэмигэр уонна хаачыстыбалаах эбии аһатыы туһаныллыахтаах.
Нам улууһун оҕуруоччута Елизавета Николаева оҕурсууга өлгөм үүнүүнү ыларга бэйэтин киэстэлэҥнэрин кытта кылгастык үллэһиннэ:
«Оҕурсууну аһатыы туспа бэйэтэ кэмнээх-кэрдиилээх буолар. Ол курдук, оҕуруот аһын олохтоох сиригэр көһөрбүт кэнниттэн биирдэ аһатыллыахтаах. Онтон ордук аһаттахха, иҥэмтэлээх эттигэ барыта уктаах сэбирдэҕэр барар, аһы биэриитэ тохтуур.
Билигин арассаадаҕа кыралаан ууга суурайыллыбыт доруоһаны кутуохха сөп. Үчүгэй доруоһа ханнык баҕарар кэмҥэ сүнньүнэн үүнээйи туругун уонна тас көстүүтүн кытта тупсарар. Холобур, сөпкө аһатыллыбыт оҕурсуу арассаадатын көһөрдөххө, «ыарытыйбат», ол оннугар түргэнник ситэр, ону кытта кэмигэр өлгөмнүк астанар. Доруоһа бороһуогуттан эбии аһатыы уу суурдаһына маннык оҥоһуллар: 10-12 гр бакыат доруоһаны уонна ыстакаан аҥаара саахары 5 лиитэрэ сылаас ууга кутуллар. Хайаатар да уу сылаас буолуохтаах. Ууга суурайыллыбыт доруоһаны 1-2 хонук устата сылаас сиргэ туруораҕыт. Ол кэннэ 1 ыстакаан доруоһалаах ууну 1 биэдэрэ сылаас ууга суурайаҕыт. Биир оҕурсууга 1 лиитэрэ доруоһалаах уу кутуллар. Бэлэм буолбут доруоһалаах ууну тутатына туһаныллыахтаах, өр турдаҕына көөнньөр уонна туһаны оҥоруон оннугар буортулаах буолар. Манна бэлиэтээн эттэххэ, арассаада көһөрүөн иннинэ биирдэ уонна олохтоох сиригэр көһөрөн баран иккитэ эрэ аһатыллыахтаах. Аһатыы киэһэлик, сылаас күҥҥэ оҥоһуллуохтаах».
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: