Оҕуруо уран оҥоһуктарын быыстапката
Тохсунньу 17 күнүгэр “Хотугу сир оҕуруонан оҥоһуктара” IV эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы көрүү-быыстапка үөрүүлээх сабыллыыта буолла.
Хас да нэдиэлэ устата киин куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара Арассыыйа араас муннуктарыттан кэлбит талааннаах маастардар оҕуруонан айан таһаарбыт ураты айымньыларын астына-дуоһуйа көрдүлэр.
Быыстапкаҕа бэйэлэрин үлэлэрин өрөспүүбүлүкэ 24 муниципальнай тэриллиититтэн, ону тэҥэ Камчатка, Краснодарскай, Хабаровскай кыраайдартан, Магадан уонна Московскай уобаластартан кэлбит 119 маастар, сатабыллаах уустар уонна дизайнердар көрдөрдүлэр. Баай быыстапка көрөөччүлэри оҕуруо оҥоһугун абылаҥнаах эйгэтигэр киллэрдэ, араас ньымалары уонна истииллэри билсэллэригэр кыах биэрдэ.
Быыстапка кэмигэр маастар-кылаастар, Хотугу сир, Сибиир, Уһук Илин норуоттарын национальнай таҥастарын, иһиттэрин оһуор ойууларыгар аналлаах сэминээр ыытылынна.
“Хотугу сир оҕуруонан оҥоһуктара” быыстапка маастардар кэпсэтэр, уопут атастаһар былаһааккалара буолбутуттан үөрэбит”, — диэн бэлиэтээтэ “Симэх” киин дириэктэрэ Яна Игнатьева. – Саҥа талааннар таҕыстылар, эдэр ааптардар ааттара арылынна. Быыстапка кыттааччылары саҥа үлэлэри айарга көҕүлээтэ диэн бигэ эрэллээхпит».
Эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы “Хотугу сир оҕуруонан оҥоһуктара” көрүү-быыстапка түмүктэниитигэр талааннаах артыыстар чаҕылхай нүөмэрдэри бэлэхтээтилэр. Кэлбит ыалдьыттары СӨ култууратын туйгуна Анастасия Куличкина салайааччылаах ааттаах-суоллаах «Гиркилэн» ансаамбыл «Маастардар үҥкүүлэрэ» үҥкүүтүнэн эҕэрдэлээтэ. Уһулуччулаах хомусчут-импровизатор, СӨ култууратын туйгуна Артур Семенов – Тоҥ Саха хомуска оонньоон көрөөччүлэри сөхтөрдө.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: