Оҕуруоччуттарга — ыам ыйынааҕы ый халандаара

Ыам ыйыгар оҕуруот үүнээйитигэр ый халандаарынан (лунный календарь) саамай табыгастаах күннэрин таһаарабыт. Быйыл ыам ыйыгар хаһан уонна тугу олордор табыгастааҕый?
Ыам ыйыгар быйылгы ый халандаарынан үүнээйини олордууга ордук табыгастаах күннэринэн ыам ыйын 13, 17, 21, 22, 30, 31 күннэрэ буолаллар. Оттон ыам ыйын 12, 27, 28 күннэригэр тугу да олордубаккытыгар сүбэлииллэр. Мантан атын күннэргэ үүнээйи олордор буорун бэлэмнииргэ, арассаадаларга эбии уоҕурдуу кутарга, учаастагы ыраастыыр, хомуйар үлэлэрэ ыытыллыахтаахтар.
Ыам ыйын 13 күнүгэр сүбүөкүлэ, эрэдиискэ, дайкон, эриэппэ, горох сиэмэлэрин буорга ыһыллыахтаах. Маныаха биири өйдүөх тустаахпыт – сир 18 кыраадыс сылаас буолуохтаах. Бу кэмҥэ элбэх сыллаах сибэккилэр, талахтар сиэмэлэрин арассаадалыыллар.
Ыам ыйын 13, 19, 20, 21 уонна 22 күннэригэр кабачки, патиссон уонна баклажан сиэмэтин ыһар ордук.
Ыам ыйын 17, 21 уонна 22 күннэригэр эрдэ ыһыллыбыт элбэх сыллаах үүнээйилэри араартыыллар.
Табыгастаах күннэр
Томат — 1, 2, 3, 11, 21, 22, 25
Оҕурсуу — 1, 2, 3, 9, 11, 21, 22, 25, 29, 30
Биэрэс — 1, 2, 3, 11, 21, 22, 25
Баклажан — 1, 2, 3, 11, 21, 22, 25
Хаппыыста- 1, 2, 3, 9, 10, 11, 21, 22, 25, 29, 30
Кабачки — 1, 2, 3, 9, 11, 21, 22, 25, 29, 30
Күөх от — 1, 4, 5, 14, 15, 23, 24, 25
Хортуоппуй, сүбүөкүлэ, моркуоп о.д.а. — 1, 2, 3, 9, 10, 11, 21, 22, 25, 29, 30
Луук — 1, 2, 3, 9, 10, 11, 13, 14, 15, 17, 25, 29, 30
Чосунуок — 11, 13, 14, 15, 17, 25, 29, 30
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: