Оҕуруот аһа, фрукта сибиэһэйин хайдах билэбит?

Share

Уһун кыһыннаах хотугу дойду дьоно кылгас сайыҥҥа, төһө кыалларынан, сибиэһэй оҕуруот аһын, фруктаны сииргэ талаһабыт. Киһи барыта оҕуруоттаах буолбатах, фруктаны маҕаһыынтан эрэ атыылаһабыт. Үүнээйи сибиэһэйин, туох да буортута суоҕун хайдах билэбит?

Анал үөрэхтээх исписэлиистэр дьиэтээҕи услуобуйаҕа норуот ньыматын тутуһуҥ дииллэр.

Бастакытынан, фруктаны, оҕуруот аһын ыларга тас көстүүтүн сыныйан көрүҥ. Олус улахан кээмэйдээх буоллаҕына, ол аата араас уоҕурдууну туһаммыт бэлиэлэрэ буолуон сөп диэн ыйаллар. Ону тэҥэ, барыта тэбис-тэҥ кээмэйдээх, дьүһүннээх оҕуруот аһа эмиэ сэрэхэдитиэхтээх. Айылҕаҕа барыта кырылас тэбис-тэҥ буолар кыаҕа суох диэн быһаараллар.

Иккиһинэн, сыттаан көрүҥ, кыаллар түгэнигэр амсайыҥ диэн сүбэлииллэр. Нитрата уонна пестицида элбэх түгэнигэр уута элбэх, улахан амтана уонна улахан сыта суох буолар диэн этэллэр. Оҕо эрдэххэ, Саҥа дьыллааҕы мөһөөччүккэ угуллубут биир апельсин, дьаабылака сыттара хайдах этэй, аныгы оннук сыты таһаарбат.

Үсүһүнэн, оҕуруот аһын, фруктаны ситиэхтээх кэмин иннинэ атыылаһа сатаамаҥ дииллэр. Холобур, арбуһу уонна дыняны ыам, бэс ыйдарыгар ылымаҥ.

Төрдүһүнэн, маҕаһыыҥҥа атыыланар нитраты бэрэбиэркэлиир бэлэм прибору туһаныахха сөп. Уһуктаах өттүн оҕуруот аһыгар, фруктаҕа кыратык батары анньыллар, прибор химикат төһө туһаныллыбыт бэйэтэ быһааран таһаарар. Сыаната удамыр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

5 часов ago
  • Сонуннар

ВИДЕО: Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо

Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038

6 часов ago